Полина-Победа «Баҕа батаһа»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

БАҔА БАТАҺА

Көрдүм баҕа батаһын —
Олус кэрэ сибэкки!
Онтон таайа сатаатым
Тоҕо маннык ааттааҕын.

Баҕа эйэ эйгэлээх
Охсуһууга суудайбат,
Ол да иһин батаһа
Олус кэрэ сибэкки.

Оттон киһи батаһын
Тимиринэн оҥостор,
Кини тугу саныырый
Батас охсор кэмигэр?

Сэрии сэбин суолтатын,
Сэриилэһэ оонньууру
Олох оҕо саастартан
Өйдүөх, билиэх баар этэ.

Полина-Победа
25.02.2022с.

Хаартыска — multiurok.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0