Бу күннэргэ Саха сирин үгүс улуустарыгар итии күннэр туруохтара. Былыр өбүгэлэрбит ходуһаҕа Бөтүрүөп таҥара иннинэ эбэтэр ый ортотун аһардан баран, от сиппитин кэннэ киирэр үгэстээхтэрэ.
edersaas.ru
Бөтүрүөп күнүгэр анаан Уус Алдантан Полина Находкина-Полина Победа хоһоонун таһаарабыт.
Бөтүрүөп куйааһа
Бөтүрүөппүт куйааһа
Сатыылаата дойдубар,
Бөтүрүөптэр, Бүөккэлэр
Дьоро күҥҥүт үүннэ дии!
Окко, сөтүө кэмигэр
Бүөккэ уолу сэнээмэҥ,
Мээнэ тыыта оонньоомоҥ-
Мүлчү туппат уол буолуо.
Күн сыралын ылыммыт
Бүөккэ уолтан куоппаккын,
Итии-итии сүрэҕэ
Тоҥ сүрэххин уулларыа.
Сылаас-сылаас ытыһа
Сылаанньыта сиэтиэҕэ,
Ийэтигэр илдьиэҕэ,
Бөтүрүөбэ оҥоруо.
Бөтүрүөптэр, Бүөккэлэр,
Силис тардыҥ куйаастан.
Олоххутун оҥостуҥ,
Ыччаккытын ууһатыҥ!
Полина-Победа
Уус-Алдан
12.07.2020с.
Хаартыска ЯСИА
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1