Полина-Победа: «Бүгүн саамай сырдык күн»

Ааптар: 
05.10.2021
Бөлөххө киир:

Бүгүн — саамай сырдык күн! Бүгүн — Учуутал күнэ! Бу күн икки өйдөбүллээх: маҥнайгы учуутал уонна тапталлаах учуутал диэн.

1969-70 сылларга Кэбээйи орто оскуолатыгар 9 кылааска үөрэнэрбэр алгебра, геометрия уруоктарын соҕурууттан кэлбит нуучча эдэр учуутала үөрэппитэ. Бастаан сахалыы саҥаран, бары күлсэн муҥнуурбут. Кини кыыһыран хаһытаан дуу, ытаан дуу барбата. Туох да буолбатаҕын курдук уруогун ыытара. Барыбытыгар тэҥ сыһыаннааҕа.

Арай мин киниэхэ дууһалыын таттарбыппын кистэнэн өсөһөрүм, уруоктарын туорайдаһарым. Ол да буоллар үөрэтэр предметтэрин кыһаллан үөрэтэрим, билэрим, олимпиадаларга кыттарым.

Саас В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сааһыгар улахан биэчэр буолбута. Митинг кэнниттэн бастыҥ учууталларга грамота туттартаабыттара. Оҕолор линейкаҕа турбуппут. Мин Нина Матвеевна грамота тиксиэн наһаа баҕарбытым. Оччолорго билиҥҥи курдук элбэх грамота бэриллибэт этэ, 6-7 киһи тиксэр, онон бүтэр. Биир бүтэһик хаалбытын көрөн мин наһаа ыксаабытым, бэйэм улахан үчүгэйтэн маппыттыы санаммытым. Ону учууталбар Нина Матвеевна Жильцоваҕа тиксибитэ. Санаабар, ытыс тыаһа барыларыттан күүскэ хабылла түспүтэ. Эдэркээн нуучча кыыһа, кылаас оҕотун үксүбүт сөбүлүүр учуутала, маҥан булуускалаах, сиэрэй көстүүмнээх, үөрэн мичилийэн оскуола дириэктэрин илиититтэн грамота ылбыта харахпар умнуллубаттык хатаммыт.

СЫРДЫГЫ САҔАРА
/тапталлаах учууталбар Жильцова Н.М. аныыбын/

Сэбиэскэй кэмнэргэ
Хомсомуол ыытара
Соҕуруу дойдуттан
Үөрэхтээх ыччаты.

Балыыһа, оскуола
Сыллата көрсөрө
Эдэркээн биэссэри,
Учуутал кыысчааны.

Нууччаны көрбөтөх,
Алтыһан ылбатах,
Тылларын өйдөөбөт
Тыаларга тиийэрэ.

Дьиксинэ, долгуйа
Кылааска киирэрэ,
«Өйдөһүөх» диэбиттии
Тулатын көрөрө.

Күнү күн солбуйан
Бириэмэ ааһара,
Учуутал оҕоҕо
Билиини тиэрдэрэ.

Мичээрдээн киирэрэ
Сүрэҕи үөрдэрэ,
Сып-сырдык баттаҕа
Сырдыгы саҕара.

Полина-Победа,
Уус Алдан.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0