Бүгүн — учуутал күнэ. Хайа да киһи олоҕор бу тыл саатар сылга биирдэ санаатыгар охсуллан ааһара чуолкай. Мин олохпор бу тыл балачча суолталаах.
Киһи үксэ учуутал диэҥҥэ бэйэтэ тус өйдөбүллээх, махталлаах буолуо: үгүспүт маҥнайгы учууталын өйдүүр, ким эрэ үөрэппит предметчигин, ол хайысханан бэйэтэ үлэһит буолбутугар махтанар, ким эрэ оҕотун үөрэппит учууталыгар истиҥ тыллары этэр.
Мин 9 кылааска үөрэнэ ыраах Кэбээйи оскуолатыгар тиийбитим. 90-ча кэлии оҕону үс кылааска тыыран «А»,»Б»,»В» кылааһынан үөрэммиппит.
Иккис чиэппэр саҕаланыытын саҕана алгебра, геометрия учуутала соҕурууттан кэлбит нуучча кыыһын уруоктарын сөбүлээн, устунан күннэтэ бэйэтигэр ылларан испитим. Уруокка ураты сыһыана, атын туохха да аралдьыйбакка үөрэтэрэ, бары пенсия саастаах, пенсияҕа тахсыбыт да олохтоох учууталлартан олох атына, юмор диэни бастакы өйдөбүлү киниттэн билбитим. Уопсайынан мин кинини таптаабытым уонна онтукпуттан наһаа кыбыстыбытым, куттаммытым. Ол чувствобын оҕолортон, атын учууталлартан, бэйэтиттэн кистээн эрэй бөҕөтүн көрбүтүм.
Уонна кини хараҕар сүөм үрдэн көстөөрү кини предметтэрин ылсыһан үөрэппитим, математик бэрдэ буолбутум. Ол оннугар таптыырбын билбэтиннэр диэн кини уруоктарын турунан туран ыһарым, уруоктан үүрүллэрим, бэйэтэ ытаан муҥнанара. Тоҕо итинник буолан хаалбыппын бэйэм да кыайан быһаарбат этим. Оннук хатыйсан 9 кылаас бүппүтэ.
Эһиилигэр нэдиэлэ кэриҥэ хойутаан 10 кылааска үөрэнэ кэлбитим кини Сангаар оскуолатыгар үлэлии барбыт этэ. Ол күүппэтэх сонуммун истэн мин «төбөҕө саайыллыбыт» курдук буолбутум. «Ити барыта эн сүгүн үлэлэппэккэҕин кини атын оскуолаҕа көспүт» диэбиттэрэ аһыйбыт кыргыттар. Кылаас улахан аҥаара кинини таптаабыта. Өссө 9-ка үөрэнэр сылбытыгар 8 Мартка «тапталлаах учууталга» бэлэххэ харчы хомуйбуттара. Миигиттэн харчы ылбатахтара: «Эн кини уруоктарын ыһаҕын, кини эйиигин абааһы көрөр» диэбиттэрэ.
Төбөбүн үлэлэтэн мин кини аадырыһын булбутум. Үһүс сурукпар киниттэн эппиэт кэлбитэ:»Девочка моя, здравствуй! Я совсем не ожидала от тебя такого. Сразу ответить не смогла, времени совсем не хватает. Станешь взрослее, поймёшь что это такое» — диэбит этэ.
13 сыл буолан баран 29 саастаахпар Куйбышевскай уобалас Тольятти куоратыгар тиийэн таптыыр учууталбын көрсүбүтүм. 13 гвоздикаттан букет бэлэхтээбитим, ол кэмнэргэ үксүн гвоздика буолара, сааһын тюльпан атыыланара. Биир нэдиэлэ ыалдьыттаабытым. Кэргэнинээн иккиэн университекка преподавателлыыллар этэ. 2 кылааска үөрэнэр кыыстаахтара. Миигин «биһиэхэ үөрэнэ хаал» диэбиттэрэ. Онуоха мин кинилэргэ сыбаайбабар ыҥырыыбын туттарбытым. 1983 с. атырдьах ыйыгар Тимир суол үлэһитин күнүгэр поезд машиниһыгар кэргэн тахсан Омскайтан Хабаровскай кыраайга көспүтүм. «Көҥүл олох бүттэ» диэн таптыыр учууталбын баран көрсүбүтүм олоҕум биир чаҕылхай түгэнэ.
Ыҥырыыны тутан кинилэр бэйэ-бэйэлэрин көрсүбүттэрэ, үөрбүттэрэ, миигин кууһан эҕэрдэлээбиттэрэ.
Ким учууталга үтүө өйдөбүллээх ол бу күҥҥэ эбэһээт суолта биэрэн санаан ааһыа. УЧУУТАЛ күнүнэн «Эдэр саас» ааҕааччыларыгар истиҥ эҕэрдэ!
МАҤНАЙГЫ УЧУУТАЛ
Кыракый кыысчааны,
Оччугуй уолчааны
Үөрэтэ ылбыта,
Билиини биэрбитэ.
Онтуга бу бүгүн
Бүтэһик чуораана,
Оскуола боруоҕун
Атыллыыр, хаалларар.
Ким таайыа буоллаҕай,
Сэрэйэн ылыаҕай
Маҥнайгы учуутал
Долгуйар дууһатын?
Сэрэйбэт кыысчаана,
Сэрэйбэт уолчаана
Кыламан иһигэр
Таммах уу саспытын.
Бантиктаах кыысчаана,
Хаалтыстаах уолчаана
Үктэнэр бу күнтэн
Олох киэҥ суолугар.
Эмиэ да үөрбүттүү,
Эмиэ да курустук
Атаарыа учуутал
Улааппыт оҕотун.
Ол дьолу тосхойо,
Ситиһии эрэйэ
Эрэнэ хаалыаҕа
Маҥнайгы учуутал.
Бу чуораан тыастара
Түүлүгэр киириэҕэ,
Үөрэппит оҕото
Атыны түһүөҕэ.
Полина-Победа
Уус Алдан
Хаартыска интэриниэттэн.