Поликлиника үлэтэ эмтэнээччилэртэн эмиэ тутулуктаах

30.01.2020
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх клиническэй балыыһа “Бастакы сүһүөх мэдиссиинискэй-санитарнай көмөнү оҥорор мэдиссиинискэй тэрилтэ саҥа модела” дьоһун суолталаах федеральнай бырайыагы олоххо киллэрэр.

edersaas.ru

Бырайыагы олоххо киллэрии дьаһалларын былаанын 3 №-дээх клиническэй балыыһа кылаабынай бырааһа, мэдиссиинискэй наука доктора Ольга Татаринова тохсунньу 22 күнүгэр бигэргэппитэ.
Бырайыагы олоххо киллэрии эмтээһин, ыарыыны быһаарыы хаачыстыбаларын тупсарарга, уочаракка туруу бириэмэтин кыччатарга, эмтэнээччилэр поликлиникаҕа кэлэллэригэр сөптөөх усулуобуйаны хааччыйарга ананар. Оробуочай бөлөхтөр салайааччыларынан кылаабынай бырааһы мэдиссиинискэй чааска солбуйааччы Вера Никифорова ананна.
Дьаһаллар былааннарын быһыытынан, регистратура, хаан анаалыһын ылар отделение, ыарыыны сэрэтэр отделение, учаастактааҕы сулууспа уо.д.а. үлэлэрэ тупсарыллыахтара.
Манна даҕатан эттэххэ, поликлиника үлэтэ эмтэнээччилэр актыыбынай кыттыыларыттан эмиэ тутулуктаныаҕа, ол эбэтэр кинилэр этиилэрин уонна баҕа санааларын тириэрдиэхтэрин наада.

“Саха сирэ” хаһыакка, edersaas.ru сайтка анаан Яна БАЙГОЖАЕВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0