Суруллубукка эргиллэн
“Полигону суол уҥа өттүгэр көһөрдүбүт”
Ааспыт оптуорунньуктааҕы нүөмэргэ куорат хаарын кутар полигона сайынын хайдах туруктаах буоларын көрдөрөр, “Сытыган күөл үөскүүрүн кэтэһэллэр дуо?” диэн хаартыскалаах матырыйаалы таһаарбыппыт. Биһиги үөрүөхпүт быатыгар, Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ тутатына суһал дьаһалы ылына охсон, атырдьах ыйын 3 күнүгэр айылҕа харыстабылын Дьокуускайдааҕы кэмитиэтин, Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин экологическай лабораториятын салайааччыларын, “Якутдорстрой” ААО учаастактары тупсарар начаалынньыга Елизавета Тимофееваны, куорат хаһаайыстыбатын эксплуатациялыыр сулууспа тупсарыыны кэтээн көрөр салаа кылаабынай исписэлииһэ Татьяна Кузнецованы, о.д.а. туһааннаах үлэһиттэри илдьэ тахсан, полигон сирин-уотун, ЯНИИТ күөллэрин туругун көрдүлэр-чинчийдилэр.
Уопсайынан, быһаччы ким хаһаайынныыр сирэ-уота эбит диир буоллахха, куорат хаарын кыстыылларыгар анаан бу 215 936 кв. миэтир иэннээх учаастагы 2014 с. “Куорат хаһаайыстыбатын эксплуатациялыыр сулууспа” бас билиитигэр биэрбиттэр эбит. Ону кинилэр полигону көрүҥ-истиҥ диэн “Якутдорстрой” ААО-ну кытта Сөбүлэһии түһэрсэн үлэлииллэр. Ол кэннэ сыл устата төһө үлэ оҥоһуллубутунан көрөн, “Якутдорстрой” ААО-ҕа субсидия тыыран биэрэллэр. Биһиги сылдьар кэммитигэр бу саас аҕалыллыбыт хаар өссө да уулла илигэ. Бу хаар барыта бүтүннүү ууллан, сирэ-уота куурдаҕына, “Якутдорстрой” территорияны ыраастыыр эбээһинэстээх эбит. Балаҕан ыйыгар диэри ыраастаан бүтэриэхтээх.
Бу сырыыга Бүлүүлүүр переулок диэкиттэн киирии олох быстар кыаллыбат дьыала буолан турар эбит, онон эргийэн Окружной шоссе өттүнэн бардыбыт. Суола уулаах да буоллар, сорох сиринэн сатыылаан син иһирдьэ киирдибит. Уҥа диэки обургу элгээн саҕа иэннээх уу баара көстөр. Бөх-сах элбэх.
“Якутдорстрой” ААО учаастактары тупсарар начаалынньыга Елизавета Тимофеева: “Ити хаары кытта кэлсибэтэх бөх. Саас манна анаан-минээн суукканы быһа үлэлиир харабылы тутабыт. Кини хас биирдии массыына тугу тиэйэн аҕалбыт хаарын көрөр-бэрэбиэркэлиир. Урут хаары суол хаҥас өттүгэр кыстыыр этибит, билигин арендабыт болдьоҕо бүтэн рекультивациялаатыбыт уонна суол уҥа өттүгэр көһөрдүбүт. Ити сиртэн анализтары эмиэ ылан тураллар. Уу бу территорияттан халыйан тахсыбатын курдук, төгүрүччү кумаҕы кутан эрэбит. Ону таһынан чааһынай дьон бөхтөрүн аҕалан куппаттарын курдук мэһэй оҥоруохпут. Уу таһыма тоҕо үрдүүрүй? Ол күөлү ортотунан быһыттаан баран турба укпакка, уу киирэр-тахсар сирин бүөлээн кэбистилэр. Бу саас ити диэки олорор дьон ууга бараары гынныбыт диэн ыксаабыттарыгар көһөрүллэ сылдьар носуостаах станциялары туруоран, бэтэрээ күөлтэн анараа ЯНИИТ күөлүгэр 116. 400 кубометр ууну бырахтарбыппыт. Ол эрээри ЯНИИТ күөлүн уута эмиэ ханна да барбат, Пионерскай уулуссаҕа тахсаары гыммытыгар тохтоппуппут. Урут бу күөл Хатыҥ Үрэхтиин ситимнэһэр этэ. Билигин бары өттүттэн кумах кута-кута киирэн иһэллэр. Оттон уу ханна барыай, иэнэ аччаан таһымын үрдэтэригэр тиийэр”. Дьэ, ситинник иһигэр киирэн истэх аайы, куорат ситимнэһэ сылдьар бииртэн биир кутургуйата арыллан иһэр.
Татьяна Кузнецова, куорат хаһаайыстыбатын эксплуатациялыыр сулууспа тупсарыыны кэтээн көрөр салаатын кылаабынай исписэлииһэ: “2001 сылга диэри биһиги куорат хаарын Күөх Хонууга таһар этибит. Ону айылҕа харыстанар сирэ диэн бобон кэбиспиттэрэ. Оттон Очиченконан, Мархинканан кута сылдьыбыппыт. Ону аны аэропорт салалтата бопсубута. 2008 с. куортамҥа бу полигону биэрбиттэрэ. Былырыын куортаммыт болдьоҕо бүппүтүн кэннэ сир сулууспатыттан уһаталларыгар көрдөспүппүт. Ону чааһынай дьиэлэртэн тэйитэн, суол уҥа өттүн биэрбиттэрэ. Биһиги манна аҕалыллар хаар химическай боруобатын ыйга үстэ ылабыт, тэҥнээн көррөөрү территория тас өттүттэн эмиэ ылабыт. Ону анализтыыр лаборатория көрдөрүүтүнэн ПДК-ны аһара барар көстүү суох. Быйыл 360 тыһ. кубометр хаары аҕалбыппыт, былырыыҥҥыны билигин субу диэн этэр кыаҕым суох, тоҕо диэтэххэ быйыл манна тэрилтэлэр уонна чааһынай дьон хото аҕалар буоллулар. Биһиги, хаары таһааччылар, 343 мөл. солк. хаары уулларар установка хаһан тутулларын кэтэһэбит, оччоҕо ууллубут хаар уута ыраастыыр установкалар нөҥүө канализацияҕа барыа. Бырайыага баар, үбэ эрэ суох”.
Бу кэмҥэ өрөспүүбүлүкэтээҕи экология информационнай-аналитическай экологическай мониторинг дириэктэрэ Лена Волкова уонна аналитическай инспекция кииннэммит лабораториятын геохимияҕа киинин салаатын отдела Иван Ченохов көнньүнэн үөскээбит элгээнтэн уу баһан таһааран тус-туспа бытыылкаларга кутаттаатылар. “Бэрэбиэркэлэнэр уу хас да көрүҥҥэ арахсар, — диир Лена Семеновна. — Бу хотоол сиргэ мунньустубут уу, онон быһа холуйан, куорат күөллэрэ диэн категорияҕа киллэрэбит уонна олор ПДК-ларын кытта тэҥниибит. Сир үрүт араҥатыттан эмиэ боруобаҕа ылан, ыраас почваны кытта тэҥнээн көрүөхпүт. Онон бу полигон уута-сирэ төһө нефть бородууктатын иҥэринэ сылдьарын күн бүгүн билиэхпит. Туустаах компоненнары 1-2 күнүнэн, төһө металлардааҕын нэдиэлэ бүтүүтэ быһаарыахпыт. Балаҕан ыйыгар эмиэ бу састаабынан кэлэн көрүөхпүт, эбии боруоба ылыахпыт”.
Экологтар маннык боруобалары полигонтан эрэ буолбакка, чааһынай дьиэлэр аттыларыгар баар күөлтэн, ЯНИИТ күөлүттэн эмиэ ыллылар. Онон полигон сайыҥҥы уутун-сирин туруга чугастааҕы күннэргэ биллиэ. Бу сырыы түмүгүнэн Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ куорат былаастарыгар уонна көрөр-истэр сулууспаларга тахсыбыт кэһиллиилэри туоратыҥ уонна туһааннаах сиргэ-уокка экологическай тутулу тупсарыҥ диэн мэктиэлиир суруктары туттартыахтара.
Антонина Эверстова.