“Хаҥалас хапсаҕайа” күрэхтэһии кэмигэр көҥүл тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара, Азия чөмпүйүөнэ, аан дойду чөмпүйэнээтин боруонса призера, икки Олимпиада кыттыылааҕа Леонид Спиридоновы чиэстээһин тэрилиннэ. Манан сибээстээн, мин Леонид тренерэ – Россия уонна Саха сирин үтүөлээх тренерэ Будимир Григорьевич Яковлевы Бороҕоҥҥо кэлэ сырыттаҕына көрсө түһэн, бу үтүө тэрээһинтэн үөскээбит санааларын ыйыталастым.
Петр ПАВЛОВ, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru
-“Хаҥалас хапсаҕайа” турнир чэрчитинэн күрэхтэһии үөрүүлээх аһыллыытыгар улуус дьаһалтатын көҕүлээһининэн биир дойдулаахтарын, аан дойду кылаастаах спорт маастара Леонид Спиридоновы улахан спортан атаарыы тэрилиннэ. Леонид 2013 сылтан күрэхтэһэрин уонна дьарыктанарын тохтоппута. Мин кинилиин 15 сыл устата тренер быһыытынан бииргэ үлэлээн кэллим. Биллэрин курдук, 10-с, 11-с кылаастарга Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэтээҕи физико-математическай колледжка үөрэнэ сылдьар кэмиттэн бииргэ үлэлээбиппит. Леонид үс сыл Олимпийскай эрэл училищетын дириэктэрин бастакы солбуйааччынан тахсыылаахтык үлэлээтэ. Кини үлэлиир кэмигэр бырааттыы Петр, Алексей Копыловтар уолаттарга аан дойдуга, Георгий Окороков эдэрдэргэ Европа түһүлгэтигэр бастакы миэстэлэри ылан, Сахаларын сирин үөрдүбүттэрэ. Леонид быйылгыттан ыла аны Үрдүкү спортивнай маастарыстыба оскуолатын дириэктэрин солбуйааччынан, чопчулаан эттэххэ, көҥүл тустууну сайыннарарга ананан үлэҕэ киирдэ.
Хаҥаластар бэйэлэрин уолларын сөпкө чиэстээтилэр-бочуоттаатылар. Леонид 66 киилэҕэ сахалартан бастакынан Азия континенын чөмпүйүөнэ, эмиэ сахалартан бастакынан Азия оонньуутун боруонса мэтээлин аҕалбыта, сахалартан бастакынан устудьуоннарга аан дойду чөмпүйүөнэ буолбута уонна, билэргит курдук, икки Олимпиадаҕа кыһыылаах баҕайытык кыл-мүччү мэтээлгэ тиксибэтэҕэ.
Хаҥаластар биир дойдулаахтарын наһаа үчүгэйдик чиэстээтилэр. Бу тэрээһиҥҥэ мин үөрбүтүм диэн, Ил Түмэн дьокутаата Алиш Мамедов уонна Хаҥалас улууһун дьаһалтата, мэрията көҕүлээһиннэринэн, Леонид Николаевич бэйэтин туруорсуутунан “Леонид Спиридонов аатынан тустуу оскуолата” диэн улахан таас оскуола тутуллар буолла. Ону Мамедов, бу кулун тутар ыйга сыбаайатын түһэрэбит диэтэ. Уонна онно харчы көрүлүннүн да, көрүллүбэтин, син биир хаҥаластар бары түмсэммит, ити сааланы түргэнник үлэҕэ киллэриэхпит диэн тылларын биэрдилэр. Онон мин наһаа астынным.
Петр ПАВЛОВ, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.