Саха норуодунай худуоһунньуга Леонид Ким аатын уонна Покровскайдааҕы “Саргы түһүлгэтэ” Култуура киинин туох ситимниирэ буолуой?
Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/
Сылдьыбыт дьон, биллэн турар, сэрэйиэххит – манна, талааннаах худуоһунньук Наум Засимов аатынан хартыына галереятын фондатыгар Леонид Ким 100-тэн тахса үлэтэ баар. Быйыл норуодунай худуоһунньук, уһуйааччы, педагог Леонид Ким төрөөбүтэ 100 сыла буолла. Урут 50 хартыынаны Леонид Александрович бэйэтэ 1 N-дээх оскуолаҕа бэлэхтээбит эбит. Кэлин худуоһунньук огдообото 63 айымньыны хартыына галереятыгар биэрбит. Бу үлэ барыта түмүллэн, фонданы хаҥаппыт.
Леонид Александрович Покровскайы олус сөбүлүүрэ, манна элбэх доҕоттордоммута. Хаҥалас улууһугар, Өлүөнэ эбэ кэрэ кытылыгар этюдтары уруһуйдуура, үөрэнээччилэрин уруһуйдата аҕалара.
Ахсынньы 18 күнүгэр бу, Н.М.Засимов аатынан хартыына галереятыгар СӨ норуодунай худуоһунньуга Леонид Ким төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах кини үлэлэрин быыстапката аһыллан, элбэх көрөөччү болҕомтотун тарта. Бу хартыыналарга дойдубут дириҥ историята, кэрэ-баай айылҕата, талааннаах, хорсун үлэһит дьоно көрдөрүллэр буолан, ордук аҕа көлүөнэҕэ күндү уонна ыччат улахан интэриэһин тардар.
Олунньу ый бүтүүтэ аны манна Леонид Ким аатынан Дьокуускайдааҕы Оҕо ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын оскуолатын үөрэнээччилэрин “Худуоһунньук” быыстапката үлэтин саҕалыаҕа.
Аҕыйах хонуктааҕыта Л.А.Ким аатын сүгэр оскуола дэлэгээссийэтэ — дириэктэр Николай Птицын, Леонид Кими кытта бииргэ үлэлээбиттэр: завуч Галина Маркова, преподаватель, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Михаил Максимов, Леонид Ким үөрэнээччилэрэ – СӨ норуодунай худуоһунньуга Виктор Петров, искусствовед Галина Шелковникова, Чурапчыттан талааннаах худуоһунньук Василий Дьячковскай, Дьокуускайтан Марфа Сизых, о.д.а. Покровскайга ыалдьыттаатылар. Көрсүһүүгэ кэриэйдэр общиналарын салайааччыта В.Г.Шамаева, саха норуодунай артыыһа Александр Самсонов көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Леонид Кимҥэ аналлаах тэрээһиҥҥэ кэлбит ыалдьыттары Покровскай куорат баһылыга П.П.Гермогенов, Н.М.Засимов аатынан хартыына галереятын сэбиэдиссэйэ Л.А.Засимова, “Саргы түһүлгэтин” кэлэктиибэ, олохтоохтор көрүстүлэр.
Улахан худуоһунньук туһунан ахтыы киэһэтэ олус истиҥ-иһирэх буолла.
Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/