Покровскай тупсар, киэркэйэр

Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн нэһилиэнньэлээх пууннары тупсарыыга  сөптөөх болҕомто ууруллан,  чахчы да үгүс нэһилиэктэр, куораттар тубустулар диир толору кыахтаахпыт.   Холобур, Хаҥалас улууһун Покровскайыгар  биэрэк кытылын саҥардан, тупсаран оҥоһуллубута куораты чахчы ураты  оҥорор.

Бу бырайыак  «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» бырагыраама чэрчитинэн олоххо киирдэ. Санатар буоллахха, бырайыак дьоҕус куораттары уонна историческай хабааннаах нэһилиэнньэлээх пууннары тупсарыыга Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска кыайбыта. Онон федеральнай бүддьүөттэн 40 мөл. солк., өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 20 мөл. солк. көрүллүбүт, эбийиэк былырыын  үлэҕэ киирбитэ.    Бырайыагы үмүрүтүүгэ 5 бэдэрээтчит-тэрилтэ кыттыбыта.  Эбийиэк уопсай уһуна 502 м. уонна, саамай хайҕаллааҕа диэн, 1 км уһуннаах бэлисипиэттээхтэр сылдьалларыгар анал ыллыктаах.  Покровскайга  маннык хабааннаах тутуу үлэҕэ киирбитэ суолтата улахан. Покровскайга туризм сайдыахтаах диэн санаа, толкуй уруккуттан баар. Инники өттүгэр саҥа эбийиэккэ өрөспүүбүлүкэ уонна улуус таһымнаах тэрээһиннэр ыытыллыахтара.

Покровскай куорат мэрэ Петр Гермогенов: «Ыччат билигин маассабай спордунан үлүһүйэн дьарыктанар. Онон бу анал тутуу спордунан дьарыктанааччыларга бары өттүнэн табыгастаах буолла. Онон дьон манна сарсыарда, киэһэ тахсан сүүрэллэр,  бэлисипиэт тэбэллэр.  Аны туран, култуурунай, атыы-кутуу тэрээһиннэрэ  ыытыллаллар”, — диэн кэпсээтэ.

Дьэ, кырдьык, бу  анал былаһаакка Покровскай  куорат уонна улуус олохтоохторо саамай cөбүлээн сылдьар кэрэ-бэлиэ сирдэринэн-уоттарынан буолбут. Холобур, Улахан Аан нэһилиэгиттэн  Сайаана уонна Арсалаан Атласовтар тапталларын холбоон, сыбаайбалыыр үтүө күннэригэр бу Өлүөнэ кытылынааҕы ураты миэстэҕэ чугас доҕоттордорун кытта хаартыскаҕа түһэ диэн анаан-минээн кэлбиттэр этэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0