Хаҥалас улууһун кэрэ-бэлиэ сирдэригэр айанныыр киһи Покровскай куорат кытылыгар хайаан да тохтоон, сынньана түһэн ааһыыһы. Покровскай Сочи дуу, Батуми дуу куораттар курдук, өрүс кытылынан 12 килэмиэтиргэ диэри уунан сытар.
edersaas.ru
Сыыспат буоллахпына, урут бу сиргэ, Өлүөнэ эбэбит кытылын кыйа эргэрбит дьиэлэр, сибилигин сиҥниэх айылаах олбуордар уо.д.а. баар курдуктара… Онтон билигин манна олохтоохтор, туристар, ыалдьыттар анаан-минээн көрө, сынньана кэлэр сирдэрэ буолбута хайҕаллаах.
Маннык үчүгэй уларыйыылар уонна куорат сайыҥҥы түбүктэрин тустарынан кэпсииригэр биһиги Покровскай куорат баһылыга Петр Павлович Гермогеновтан көрдөстүбүт.
Уу – олох төрдө
— Биһиги 2019 сыллаахха “Куорат тупсаҕай эйгэтэ” бырагыраама чэрчитинэн ыытыллыбыт “Дьоҕус куораттар” диэн Арассыыйа куонкуруһугар кыайбыппыт. Онон Эбэбит кытылын оҥорбуппут. Былырыын эмиэ ити куонкуруска иккистээн кыттан кыайан, куораппытын өссө сайыннарарга быһаарынныбыт. Ол курдук, сэргэстэһэ сытар Орджоникидзе уонна Бырааттыы Ксенофонтовтар уулуссаларын ситимниир “Покровскай бульвара” баар буолуоҕа. Хайыы-үйэ бульвары оҥоруу үлэтэ бара турар, «Зеленая Россия» аахсыйа чэрчитинэн, мас арааһын олортубут. Алтынньыга-сэттинньигэ бүтэрэр былааннаахпыт.
Итинник араас бырагыраамалар чахчы олоххо киллэриллэллэрин көрөн, бастаан саарбахтыы санаабыт дьоммут көхтөөх буоллулар, бырагыраамалар үлэлииллэригэр итэҕэллэрэ күүһүрдэ.
“Олохтоох көҕүлээһиннэри өйөөһүн” бырагырааманан, улуус киинэ буоларбыт быһыытынан, үс эбийиэккэ бырайыактаахпыт.
Бастатан туран, “Селекционнай” микрооройуоҥҥа успуорт былаһааккаланыахпыт. Нэһилиэнньэ эргэ оскуоланы бэйэтин күүһүнэн көтүрэн, былаһааккатын сирин бэлэмнээн олорор. Бэдэрээччит ананнаҕына, үлэ саҕаланыахтаах.
Былырыын Монастырскай күөлбүтүн ыраастаабыппыт, сынньанар сир оҥорбуппут. Билигин иккис түһүмэҕинэн уутун биир таһымҥа тутар курдук ууну илдьэр турба оҥоһуллуохтаах, благоустройство киллэриллиэхтээх.
Онтон үһүс бырайыакпыт – “Эргис” СОТ түөлбэтигэр, Дачнай бөһүөлэккэ сайыҥҥы уу ситимэ пластик турбанан тардылла турар.
Ону таһынан үс сылы быһа сайаапкалаһан, быйыл СӨ Тырааныспарга министиэристибэтин бырагырааматынан, олохтоох бүддьүөт үбүнэн Еловая диэн саҥа уулуссабытыгар 1 килэмиэтир 300 миэтэрэ усталаах аспаал-суолу уонна сатыы киһи сылдьар сирин оҥоруу аныгыскы нэдиэлэттэн саҕаланыахтаах.
Биир үөрүүлээх сонуммутунан быйыл бэс ыйын бүтүүтүттэн «Ыраас уу» федеральнай бырагырааманан тутуллубут ууну ыраастыыр аныг ыстаансыйабыт үлэҕэ киллэриллибитэ буолар. Эбэбитигэр уу кэлэн баран түһэн эрэр. Уруккута эбитэ буоллар, маннык кэмнэргэ кыраантан сүүрэр уу туруга соччото суох буолуо этэ, оттон билигин бытыылкалаах уу курдук¸ дьэп-дьэҥкир уу сүүрэр. Тус бэйэм маны улахан ситиһиинэн ааҕабын, тоҕо диэтэххэ, уу — олох, доруобуйа, чөл олох төрдө.
Уулуссаларбыт сылтан-сыл аайы сырдатыллаллар. Ону таһынан сыл аайы ыытыллар атын да үлэлэр элбэхтэр.
Тастан аҕалыллар бородууксуйаны солбуйуохпут
-Хаҥалас улууһун биир биллэр чааһынай тэрилтэтин кытары инникитин эти переработкалыыр кэмбинээт оҥорор былааннаах кэпсэтии ыыта сылдьабыт. Оҥорон таһаарар үлэлэргэ анаан (холобур, сүөһү өлөрөр сиргэ) эбии сир көрдүүллэр. Тастан аҕалыллар бородууксуйаны бэйэ бородууктатынан солбуйуу билигин саамай дьоһун суолталаах боппуруос буоларынан, бырабыыталыстыба өйүүр. Куораттааҕы дьокутааттарбыт эмиэ өйүүллэрин биллэрбиттэрэ. Кэмбинээт оҥорон таһаарар кыаҕа улахан буолуохтаах: нэһилиэнньэттэн эти тутан, бэлэм бородууксуйаны оҥорон таһаарар уонна маҕаһыыннарынан тарҕатар былааннаах. Маны улахан кэскиллээх үлэнэн сыаналыыбын, дьоммутугар да элбэх үлэ миэстэтэ тахсара олус үчүгэй.
Ону таһынан, Бульварбыт аттыгар сытар ыраас сиргэ инвестор буллубут. Ол тэрилтэҕэ сир биэрэммит, биһиги усулуобуйабыт быһыытынан, сылы быһа үлэлиир сылаас дьаарбаҥканы тэрийиэхтээхтэр. Онуоха кэлии бородууксуйаны хос атыылааһынынан дьарыктаммакка, Саха сиригэр бородууксуйаны оҥорооччулар табаардарын батарыахтаахтар, нэһилиэнньэ бэйэтэ үүннэрбит бородууксуйатын бу дьаарбаҥкаҕа эмиэ атыылыыр кыахтанар. Манна сыһыаран эттэххэ, уруккулуу атыылыыр остуолунан эрэ муҥурдаммакка, дьаарбаҥка иһигэр киэһэ өттүгэр, өрөбүллэргэ араас култуурунай тэрээһиннэр ыытыллыахтарын баҕарабыт. Кэпсэтиитин барытын ыыта сылдьабыт.
Гермогеновтар – Покровскай төрүт олохтоохторо
Петр Павлович 2015 сыллаахха Покровскай куорат баһылыгынан талыллыан иннинэ урбаанньыт быһыытынан юридическай өҥөлөрүнэн дьарыктаммыта.
Гермогеновтар — Покровскай төрүт олохтоохторо. Төрөппүттэрэ, эдьиийдэрэ, бэйэтин дьиэ кэргэнэ уонна оҕолоро бары Покровскай куорат оскуолатын бүтэрэн, олох киэҥ аартыгар үктэммиттэрэ. Кэргэнэ нолуок улуустааҕы тэрилтэтигэр үлэлиир, икки оҕолоохтор. Онон Петр Павлович тапталлаах куората сайдарын, улаатарын кыра эрдэҕиттэн көрө-билэ улааппыт киһи.
Аҕалара Павел Павлович Гермогенов Хаҥалас улууһун оройуоннааҕы киин балыыһатыгар кылаабынай бырааһынан үлэлээбитэ, кэлин биэнсийэҕэ тахсан баран, норуот маастара буолбута. Үлэлэрэ Москваҕа ВДНХ кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыттара. Ийэлэрэ Галина Ивановна соторутааҕыта 80 сааһын томточчу туолла, үйэтин тухары аптыакаҕа үлэлээн, биир дойдулаахтарын тапталын, убаастабылын ылбыта.
Хас биирдии киһи бэйэтин төрөөбүт-үөскээбит, улааппыт дойдутунан киэн туттар. Хаҥалас курдук дириҥ устуоруйалаах сиргэ үөскээбит Петр Павловичтан ити туһунан ыйыппакка хааларым сатаммат этэ.
Онуоха Петр Павлович Покровскайга былыр-былыргыттан элбэх омук (25-тэн тахса) иллээхтик-эйэлээхтик олорорунан, Эллэй эһэбит, Дыгын Дархан саҕаттан үөскээн кэлбит өбүгэлэрбит үтүө айылҕалаах Ытык сиргэ олохсуйбуттарынан уонна сүрүнэ, олохтоохторунан киэн туттарын туһунан эттэ.
“Биһиэхэ кэлбит элбэх дьонтон Покровскай көнө-көрсүө, судургу майгылаах уонна ыалдьытымсах дьонун олус сөбүлүүллэрин, олохсуйа хаалыахтарын баҕаралларын туһунан иһиттим.
Былырыыҥҥы биэрэпис барыллаан чахчытынан, биһиэхэ 11000 кэриҥэ киһи олорор, ол аата 1500 киһинэн элбээбиппит. Куораппыт күн-түүн сайдар, саҥа дьиэлэр дьэндэһэллэр, араас эбийиэктэр тутуллаллар, урбаанньыттар араас өҥөну элбэтэллэр. Онон, санаабытын түһэрбэппит, иннибит диэки эрэллээхтик көрөбүт”, -– диэн биһигин ыйаабыт сирэ сайда-үүнэ турарыгар бигэ эрэллээх.
Сир быйаҥнаах, киһи сатабыллаах.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru