Покровскай бэтэринээрдэрэ саһыллартан анаалыс ыллылар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Хаҥалас улууһун бэтэринээрдэрэ Покровскайааҕы кыылы иитэр хаһаайыстыбаҕа эмтиир-сэрэтэр үлэни былааннаахтык ыыталлар.

Бу күннэргэ Покрвоскайдааҕы ветлечебница бэтэринээр биэлсэрэ Дмитрий Прядезников уонна бэтэринээр быраас Валентин Алексеев «Покровскайааҕы кыылы иитэр хаһаайыстыба» ХЭУо саһылларыттан гельмин анаалыһыгар боруоба ыллылар. Манан кинилэр кыыллар уопсай ис туруктарын көрүөхтэрэ уонна аһы буһарар уорганнарын үлэтин бэрэбиэркэлиэхтэрэ.

Покровскайдааҕы кыылы иитэр хаһаайыстыба өрөспүүбүлүкэ килиэккэлээх кыылы иитэр салаатыгар саамай бөдөҥ хаһайыстыба буолар. Саха сирин үрдүнэн иитиллэр кырымахтаах хара саһыл 65 %-а манна иитиллэр.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0