Кулун тутар 4 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан Литература мусуойугар СӨ Суруйааччыларын сойууһун көҕүлээһининэн, сандал сааһы уруйдуур “Поэзия нарын түһүлгэтэ” тэрилиннэ.
edersaas.ru
Саха сирин норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин биир хоһоонугар эппитинии, “сиккиэр тыаллыы сылаас да сылаас тыыннаах иһирэх тылы көрдүү” бэйиэттэр, литература түмсүүлэриттэн хомоҕой хоһоонньуттар, ылбаҕай ырыаһыттар муһуннулар. СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Иван Мигалкин, бэрэссэдээтэли солбуйааччы, “Полярная звезда” сурунаал эрэдээктэрэ, бэйиэт Владислав Доллонов кэрэ аҥаардары кэлэн иһэр сааскы бырааһынньыгынан эҕэрдэлээтилэр, сибэкки дьөрбөтүн туттардылар.
Ырыа-хоһоон киэһэтин иилээн-саҕалаан ыыппыт СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэннэрэ (“Бэйэ кыргыттара” бөлөх далбар хотуттара) Августина Хабарова, Акулина Иванова-Айгыына, Галина Иванова-Айтыына сөбүлүүр бэйиэттэрин, суруйааччыларын айымньыларын аахтылар, кылгастык ырыттылар. Оттон ыалдьыттар бэйэлэрин хоһооннорун, чуолаан, сааскы айылҕа уһуктарын уруйдуур хоһооннорун аахтылар. Ону сэргэ, ким баҕалаах классик суруйааччылар тапталга билинии хоһооннорун дорҕоонноохтук аахта, Галина Иванова-Айтыына толоруутугар ырыаҕа вальска эргийдэ.
“Поэзия нарын түһүлгэтин” ыалдьыттара Б.Ойуунускай аатынан литература мусуойун курдук ытык дьиэҕэ хоһооннорун дорҕоонноохтук, көҥүллүк аахпыттарыттан, санаа атастаспыттарыттан долгуйан да, үөрэн да тарҕастылар. “Маннык тэрээһиннэри өссө да ыытар буолуҥ, суруйааччылар норуоту кытта биир ситимнээх буолалларын биһириибит”, — диэн баҕа санааларын эттилэр.
Оттон тэрийээччилэр сойуустарын үлэтигэр сонун сүүрээни киллэрбиттэриттэн, атын ааптардар айымньыларын киэҥ араҥаҕа тарҕатарга көмөлөспүттэриттэн дуоһуйдулар. “Бу маҥнаҋгы тэрээһиммит. Онон, сыыйа-баайа саҥа сүүрээннэри киллэрэр баҕалаахпыт. Онуоха биһиги биир сойуустаахтарбыт хайаан да өйөбүл буолуохтара диэн эркин курдук эрэнэбит уонна бүгүн кэлэн көх-нэм буолбут биир идэлээхтэрбитигэр махтанабыт”, — диэн алгыс тылларын анаатылар.
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru
Августина ХАБАРОВА түһэриилэрэ