«Поэзия була сатаан кырааскалааһыны билиммэт» (Бүгүн Суруйааччы аан дойдутааҕы күнэ)

03.03.2017
Бөлөххө киир:
OLYMPUS DIGITAL CAMERA

Мин бэйиэт дууһалаах Галина Томская-Айыынаны аан бастаан 2009 с. тахсыбыт «Барыта баар хоһооҥҥо» диэн кинигэтинэн билбитим. Саха куттаах эрэ барыта таптыыр, сэҥээрэр Алампа, Ойуунускай, Варвара Потапова, Василий Саввин, Степан Федотов тустарынан кимиэхэ да маарыннаабат арыйыыларын, сонун санааларын соһуйа уонна сэҥээрэ аахпытым. Ол кинигэҕэ элбэх сиринэн бэлиэтээһиннэри оҥорбут, сорох сиринэн ыйытыы бэлиэлэрин туруорбут эбиппин. Хас да сылынан ааптары кытары сирэй көрсөр, ыйытыыларбар хоруй  эрэйэр түгэн тосхойбутугар дьылҕабар махтанным.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Галина Егоровна, эн:

«… Өйдөһүөх эбиппит Эн биһи,

Кэпсэтиэх эбиппит үгүһү…

Сааһырыы тумнубут Эйигин,

Эт саастыы буоллубут билигин…», –

диэн билинии тыллардаах Варвара Потаповаҕа анаммыт хоһооннооххун. Бу хоһооҥҥор киниэхэ иһирэх сыһыаныҥ барыта тыктарыллар курдук.

– Мин Варвара Потапова хоһооннорун ааҕан баран, сахаларга дьиҥнээх поэзия баарын өйбүнэн-сүрэхпинэн толору билиммитим. Кырдьыгынан эттэххэ, ол иннинэ Алампа, Сэмэн Данилов уо.д.а. курдук улахан бэйиэттэри ааҕан билэр этим да, кинилэр тоҕо эрэ мин дууһабын ытыыр-ыллыыр гына таарыйбат этилэр. Алампа барахсаны ол саҕана өйдөөхтөөбөт эбиппин. Дьиңнээх поэзияны өйдүүргэ, бэйэбэр арыйарга ситэ илигим эбитэ буолуо. Сааһыҥ эбиллэн истэҕин аайы, билииҥ-көрүүҥ, толкуйуҥ син тобуллан иһэр буоллаҕа. Ол курдук, Алампаны кэнники өйдөөбүтүм. Ол иһин, миэхэ саха поэзиятын аан бастаан арыйбыт киһинэн биир дойдулааҕым Варвара Потапова буолар.

Билигин араас мөккүөрдээх санаалары соҥнуу сатыыр түбэлтэлэр тахсыталыыр буоллулар. «Варвара Потапова бастакы поэтесса буолбатах этэ» диэн оннооҕор Ньурбаҕа кини мусуой-дьиэтигэр кэлэн туран этэр дьон бааллар. Дьахтар поэзиятын кини бастакынан саҕалаабытын туһунан биһиги, биир дойдулаахтара, турууласпатахпытына ким туруулаһыай?

— Эн кинини бастакы бэйэтиэссэ диэн ааттыыргар өссө ханнык төрүөттэр баалларый?

— Киһи дууһатын ытатар-ыллатар дьиҥнээх поэзияны бастакынан айбыт дьахтар бастакы бэйэтиэссэнэн ааттаныахтаах буоллаҕа дии. Тоҕо диэтэххэ, дьиҥэр, ким баҕарар тылы тылга сааһылаан хоһоону суруйуон сөп, ол барыта поэзия буолан испэт. Нарыламмыттарын, чочуллубуттарын да иһин, тоҕо эрэ сүрэххин таарыйбаттар, санааттан санааҕа сиэтэн испэттэр. «Наһаа үчүгэй хоһоон» диэн билинэҕин уонна сарсыныгар туох туһунан суруллубутун саныы сатыыгын да, өйгөр тута кыайан  көтөн түспэт. Оттон Варвара Потапова поэзиятын хас аахтаҕыҥ аайы өссө саҥа өрүтүн, кистэлэҥ иэйиитин арыйан иһэҕин. Ааспыт сырыыга аһаран кэбиспит тылгыттан эйиэхэ атын толкуй киирэн кэлэр.

— Чахчы мөккүөрдээх соҕус санаалары эттиҥ. Саха литэрэтиирэтигэр урут да хоһоон суруйан испит атын дьахталлар баалларын билэбит ээ.

— Анна Неустроева, Калисфена Платонова, Анастасия Соловьева суруйбуттарын билэбин. Кинилэри мөлтөхтүк суруйаллара диэбэппин. Арай, мин «көннөрү хоһоон» уонна «поэзия» диэнҥэ араарабын. Ол иһин, кинилэри бастакы бэйэтиэссэлэр диирим миэхэ табыгаһа суох курдук.

Поэзияҕа бобуулаах тиэмэ суох. Бэйиэт туох баҕарар туһунан суруйуон сөп. Арай, ону хайдах суруйара, дьэ, ол туһунан боппуруос буолуон сөп. Ол гынан баран, дьиҥнээх бэйиэт ааҕааччыга түктэрини хаһан да этиэ суоҕа. Поэзия күүһэ кырдьыкка сытар. Тугу да тупсаран суруйууну, була сатаан кырааскалыыры дьиҥнээх Поэзия билиммэт. Алампа уонна В.Потапова поэзиялара – Кырдьык поэзията. Кинилэр олох үтүөтүн эрэ туойбатахтара, олох кырдьыгын эмиэ тумнубатахтара.

Алампаны 30 сааспын туолан баран биирдэ өйдөөбүтүм туһунан этэн аһардым. Ол саҕана: «Биһиги Алампабыт арҕааҥҥы дойдулар бэйиэттэрин кытары биир кэрдиискэ туруохтаах киһи эбит», – диэн сыаналаабытым. Кини дьон-сэргэ дууһатыгар саҥаттан саҥа санаа үнүгэстэрин үүннэрэ турар кэхтибэт кэрэ хоһооннордоох. Ааҕа олорон, кини этэр күүһүн сөҕөрүҥ уҕараабат. Алампа поэзиятыгар мистика көстүүлэрин булуохха сөп. Улуу куйаарга сурулла сылдьар билиини-көрүүнү, кырдьык араас өрүттэрин духуобунай сайдыы үрдүк таһымыгар тахсыбыт, ону айылҕаттан бэриһиннэрбит дьон эрэ тутан ылаллар. Оннук дьон дьиҥнээх бэйиэт буолаллар.

«Мин

Эһиги эгэлгэ

Элбэх эрэйгитин

Эппэр-хааммар иҥэрэн,

Ыараханнык ыалдьабын,

Ыарыыбын ыллыыбын.

Эһиги искитигэр

Эргийэ сылдьабын.

Көрөбүн, истэбин

Саныыбын, таайабын» –

улуу Ойууҥҥа тэҥнээх мистик тыллара буолбаат?

Өссө биир итинник киһинэн Былатыан Ойуунускайы ааттыыбын. Улуу убайбытын Гетены, Дантены кытары биир таһымҥа туруорабын. Ойуунускай «Кыһыл Ойуун» дырааматын оскуолаҕа сылдьан бары да аахтахпыт. Биһигини хайдах үөрэппиттэрэй? «Өрөбөлүүссүйэ туһунан поэма» диэн үөрэтэллэрэ. Бэйэ толкуйдууругар кыах да биэрбэккэ, биир этиллибит санааны кэлтэйдии соҥнуулларыттан эбитэ дуу, улаханнык кэрэхсээбэт этим. Арай, саха талааннаах тылбаасчыта Егор Сидоров «Кыһыл Ойууну» нууччалыы тылбаастаабытын ааҕан баран, сүүскэ бэрдэрбит кэриэтэ буолбутум. Былатыан Ойуунускай олох да өрөбөлүүссүйэ туһунан эппэтэх эбит. «Бэйэтэ тугу өтө көрбүтүн, ааҕааччыларыгар туох туһунан өй укпутун сэрэйбитэ эбитэ дуу, суоҕа дуу?» – диэн соһуйбутум. Кини аан дойдуга, омугуттан тутулуга суох, хас биирдиибитин таарыйар кыһалҕаны сытыытык туруорбут. Дьыл-хонук ааһан истэҕин аайы, Ойуунускай айымньытын атыннык анаарар, уратытык ылынар, ырытар кыахтаах дьон баар буолан иһиэхтэрин саарбахтаабаппын.

Онон биһиги, сахалар, литэрэтиирэбитин төрүттээбит дьоммутугар улаханнык табыллыбыт дьоммут. Тоҕо диэтэххэ, саха литэрэтиирэтин төрүттээбит айар илбистээх суруйааччыларбыт үрдүк кэрдиискэ тахсыбыт таһымнаах дьон этилэр. Алампа, Ойуунускай, Өксөкүлээх Өлөксөй саамай сайдыылаах дойдулар суруйааччыларын кытары биир таһымҥа туруохтарын сөп. Кинилэри тылбаастаан, дьиҥнээх ырытыыны оҥорон, аан дойду таһымыгар киэҥник таһаарыахтаахпыт.

— Айымньыны ааҕар диэн кыра, өйдүү, ылына, ырыта үөрэниэххэ диэн этэҕин?

— Билигин олус элбэх кинигэ бэчээттэнэр. Онон, мин тус санаабар, аныгы ааҕааччы билигин тахсар араас таһымнаах суруйуулар быыстарыгар мунаары гынна. Таһынааҕы ыалбыт дьахтар баҕата батарымына, хоһоон диэн бооччойбутун кинигэ гынан таһаартарда да, презентация бөҕөтүн оңорор. Онон кинини поэтесса диэн улаханнык ааттыы охсобут. Оттон кини хоһоонноро поэзияҕа сыстыбакка, биир эрэ күннээх буолан хаалыахтарын сөп эбээт. Көннөрү хоһоону уонна дьиҥнээх поэзияны хайдах араарабыт? Киһи оҕо эрдэҕиттэн тыл дэгэтин билэр, таайар дьоҕурданарын, поэзияҕа үйэлээҕи эбэтэр быстаҕы араара үөрэнэрин курдук иитиэхтээхпит, үөрэтиэхтээхпит. Ааҕааччыта суох поэзия эмиэ суох.

— Кинигэҕэр «Биһиги олоҕу наһаа уустугурдабыт» диэн этэн турардааххын.

– Кырдьык, олоҕу киһи бэйэтэ олус уустугурдар. Тоҕо диэтэххэ, хараҕын уута ыгыллан тахсыар диэри бэйэтин аһынар. Киһи бэйэтин аһыммата буоллар, хайа да ыарахан түбэлтэҕэ бэйэ бодотун ыһыктыбакка, ханнык баҕарар ыарахаттары тулуйуох этэ дии саныыбын. Дьиҥэр, ханнык баҕарар кыһалҕаны быһаара да сатаабатаҕыҥ иһин, кэмэ кэллэҕинэ бэйэтэ син оннун-тойун булар. Ол кылгас кэми тулуйбакка, бэйэбитин аһынан, сороҕор оннооҕор атын киһини буруйдаан, куттаан эбэтэр ыксаан-ыгылыйан, ууга-уокка түһэн, олохпутун уустугурдабыт.

—  «Дьахтар хайдах эрдээҕэ сирэйигэр көстөр» диигин?

— Немец улуу бэйиэтэ Гёте итинник бэргэнник этэн кэбиспит. Гёте ити тылларын ааҕан баран, дьахталлар дьүһүннэрин сыныйан көрөр буолбутум. Кырдьык, оннук эбит. Аңаардас дьахтар эрдээх дьахтартан атыннык көстөр. Ол хайаан да тутахтык дуу, тулаайахтыы дуу көстөр диэн буолбатах. Үгүстүк төттөрү эмиэ буолар. Сүпсүктээх сүүрбэһис үйэ салаллыаҕыттан ыла халадаайдаах хатыттар бэйэлээх бэйэбит таһыммытынан талан ханыылаһар, хайҕаабыппытыгар харахпытын хатыыр, тэҥнээхпитигэр тэллэх тэлгиир, сөбүлээбиппитигэр сүктэн барар буоллахпыт. Ол эрээри, сороҕор эрэлбит туолбата диэн эмиэ баар суол буоллаҕаа… Улуу дьон эппитинии, төһө да дьоллоох буолан көстүөхпүтүн баҕарбыппыт иһин, харахпыт дьиң олохпутун, хоонньугар сытар холоонноохпут быһыытын-майгытын кытары, барытын кэпсээн биэрэр. Өйдөөх дьон хараҕар хайдах баарбытынан көстө сылдьабыт. Ону бэйэбит сэрэйбэт буоламмыт, баҕар, атыннык көстө сатыырбыт буолуо.

Икки атахтаах баарын тухары, уһулуччу үчүгэй киһи син биир суоҕа буолуо дии саныыбын. Тыа маһа улаханнааҕын-кыралааҕын курдук, икки атахтаах барыта биир тэҥ сайдыылаах буолбат. Ханнык баҕарар киһи атын киһиттэн толкуйдуур дьоҕурун, өйүн-санаатын, майгытын-сигилитин, сайдыытын таһымынан уратылаах уонна аан дойдуну барытын син биир ким да билбэт. Онон киһи билбэтиттэн кыбыстыа суохтаах. «Билбэппин» дии саныыр киһи, мин саныахпар, ордук билиигэ тардыһар.

— Варвара Потаповаҕа төнүннэххэ, кини поэзиятыгар арыйа илик кистэлэҥнэриҥ элбэхтэр дуо?

— Мин олоҕум тухары ону барытын арыйарым, дьэ, саарбах. Варя барахсан: «Үчүгэйиэн бу сиргэ үөрэ-көтө сылдьар, үгүс дьоннуун сэргэ олох дьолун сырсар», – диэн эппититтэн ордук атын ким да этиэ суоҕа дии саныыбын. Күн аайы истэр судургу бэйэлээх тылларбыт эбээт. Ол гынан баран, этиитин күүһэ сыттаҕа дии. Варвара Потапова айымньылара ааҕааччыны абылыыр дьикти кистэлэҥнэрэ туоххатын көрдүү сатыыбыт. Ол элбэх өрүттээх дириҥ кистэлэҥ биир таайыытынан киһи хараҕар көстүбэт, кулгааҕар иһиллибэт дьикти күүс – хоһооннорун энергетиката буолар. Өссө биир таайыыта – тыл уонна уобарас хардарыта дьайсыылара. Бэйэтиэссэ айбыт уобарастара кини көҥүл санаатын саһыараллар уонна уустук иэйиитин ааҕааччыга итэҕэтиилээхтик арыйаллар. Ол да иһин, кини хоһоонноро киһини долгутар күүстээхтэр.

Эн өссө сахалыы хоһооннору нууччалыы тылбаастыыр эбиккин.

— Сынньана таарыйа дьарыктанабын. Нууччалыыттан сахалыы эмиэ үгүстүк тылбаастыыбын. Холобур, нуучча улуу бэйиэттэриттэн биирдэстэрэ Сергей Есенин поэзиятыттан ордук чугастык ылыммыт айымньыларбын тылбаастаан турабын. Наталья Харлампьеваны сахаҕа дьахтар поэзията баар буоларыгар олук уурсубут улахан үтүөлээх киһинэн ааҕабын. Эдэркээн сылдьан кини хоһооннорун абылаңар ылларбыт мин эрэ буолбата ини. «Үс хоһоон» хомуурунньугар баар хоһооннортон нууччалыы тылбаастаабыппын билиһиннэриим:

«Приятно было общение,

Случайно – путей совпадение,

Порывисто было сближение,

И дружба – без продолжения.

Казалось, искренни были,

О верности, дружбе твердили.

Слова, что легко говорили,

Винцом игристым скрепили.

Осталось сейчас отчуждение,

Соперничеству угождение –

Друг друга уничижение,

В иронии же – осуждение.

Давно хоть вино то распито,

Горчит на губах отчего-то.

Слова, что давно позабыты,

В растаявшем эхе сокрыты…

«Илинтэн илгийэр сиккиэр» диэн кинигэҕэр дьоппуон итиэннэ кэриэй поэзияларын ньыматынан нууччалыы уонна сахалыы суруйбут хоһоонноргун аахпыттаахпын.

— Нуучча уонна саха тылларынан тэҥинэн суруйабын. Дьоппуон поэзиятын «танка» уонна «хокку» ньымаларынан мин эрэ буолбатах, саха хоһоонньуттара (оскуола оҕолоро эмиэ) суруйарга холоноллор. Итини өйүөххэ эрэ сөп. Хоһоонньут араас ньымаҕа бэйэтин кыаҕын холонон көрөрө тоҕоостоох. Мин кэриэй бэйиэттэрэ «сиджо», «хянга», «каё» диэн ньымаларынан суруйбут хоһооннорун нууччалыы тылбаастаммыттарын оҕотук эрдэхпиттэн ааҕар, кэрэхсиир эрээри, бэйэм оннук суруйарга санаммат этим. Онтон биирдэ Чон Чхоль хоһооннорун ааҕан баран, ымсыыран, сахалыы итинник табыллыа дуо диэн санааттан суруйан көрбүтүм. Син тахсыбыта. Онно сахам тыла баайын, имигэһин, хааччаҕа суох кыахтааҕын сөҕөн, ону көрдөрөөрү, ити хайысхаҕа холоммутум.

х х х

Тыл үөрэхтээҕэ, биллиилээх тюрколог, филология наукатын дуоктара, талааны таба көрөр дьоҕурдаах ааҕааччы, учуонай Николай Климович Антонов:

«Мин кыахтааҕым  эбитэ буоллар, Айыына кыыһы Ньурба Айыыта диэн ааттыам, киниэхэ Айыы дьиэтин тутан олордуом, кинини Ньурба дьонун Айыыһыта, Арчыта гынан үҥүөм-сүктүөм этэ. Кини эриэккэстэй күндү хоһооннорун Айыы дьиэтин куолакалларыгар оонньотон, лыҥкынатыам этэ буоллаҕа», – диэн айманыылаах санааларын бар дьонугар туһаайан, суруйан турардаах.

Оттон Галина Томская-Айыына: «Мантан үрдүк сыанабыл баар буолуон сатаммат», – диэн олус долгуйан туран этэр.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0