«Поэттыын сэһэргэһии» үһүс түһүмэҕэ. Елизавета Мигалкина: «Билигин, бу тыыннаахпар…»
Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын лабораторияҕа саалатыгар Саха тыйаатырын “Поэттыын сэһэргэһии” бырайыагын үһүс түһүмэҕэр Елизавета Мигалкина “Билигин, бу тыыннаахпар!..” диэн айар киэһэтэ буолан ааста.
Елизавета Мигалкина – Россия уонна Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, поэт. “Сулустар ыҥыра көрөллөр”(2007), “Хаҥыл санаа хааһаҕа” (2011), “Халлаан устун суос сатыы” (2014) уонна “Дьол баар” (2020) кинигэлэр ааптардара. Ону тэҥэ Елизавета тылбааска холонор, ол курдук быйыл А.С.Пушкин аатынан Нуучча тыйаатырын сыанатыгар Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра “ Кубулунууттан кырдьыкка эбэтэр төттөрү” диэн Моэм Сомерсет айымньытынан СӨ култууратын туйгуна режиссер Прасковья Павлова туруоруутугар, СӨ үтүөлээх артыыһа Мария Данилова толоруутугар моно-испэктээги сүрэхтээбитэ. Бу айымньыны Елизавета Мигалкина нууччалыыттан сахалыы тылбаастаабыта.
Yһүс түһүмэх чахчы поэттыын сэһэргэһии диэн бырайыак идиэйэтинэн салаллан барда.
Саалаҕа толору мустубут Елизавета Мигалкина поэзиятыгар сүгүрүйээччилэр поэкка быһаччы интэриэһиргиир ыйытыыларын биэрдилэр. Айар киэһэ кэпсэтии быһыытынан салалынна, онон көрөөччү поэт хоһоон эрэ ааҕарынан муҥурдаммакка суруйааччы тылын-өһүн истэн, кэпсэтэн, айар киэһэ олус сэргэхтик, иһирэхтик ааста. Айар киэһэни Ирина Никифорова иилээн-саҕалаан ыытта. Оттон бырайыак туруорааччы режиссерунан Роман Дорофеев үлэлээтэ.
Саха тыйаатырын артыыстара Ньургуйаана Шадрина, Алдан Готовцев, Ирина Михайлова, Айсен Лугинов, Айталина Цыпандина, Василий Белолюбскай поэт хоһоонноруттан бэйэлэрэ сөбүлээбит, чугастык ылыммыт хоһооннорун долгуйа аахтылар, санааларын эттилэр, ыйытыыларын биэрдилэр.
Ону тэҥэ көҥүл микрофоҥҥа Ньургун Бэчигэн Боотур туһунан хоһоону ааҕан киэһэни киэргэттэ.
Саха биллиилээх суруйааччыта Елена Слепцова-Куорсуннаах Елизавета аан бастаан эдэр суруйааччылар сүбэ мунньахтарыгар кэлбитин, эдэр поэтесса саха литературатыгар киирбитин ахтан ааста. Үөһэттэн этиттэриилээх, киһи биирдэ ааҕаат дэбигис өйдөөбөт дириҥ ис хоһоонноох айымньылардааҕын бэлиэтээтэ, инникитин өссө айымньылаах үлэни баҕаран алгыс тылын эттэ.
Биллилээх ырыаһыт, олоҥхоһут Устин Нохсоров сиэнэ тойуксут Сахаайа Нохсорова поэт хоһоонун матыыптаан тойук туойан иһитиннэрдэ.
Импровизатор хомусчут, тойуксут Варвара Степанова-Арчыына сахалыы матыыптаах ырыа суруйан ыллаан иһитиннэрдэ. Хас биирдии ырыаны, тойугу, ааҕыллар хоһоону тыыннаах төрүт дорҕоон киэргэттэ. Хомус дьүрүһүйэр дорҕоонун Эркин Алексеев оонньоото, таҥсыр, хабарҕа ырыатын Павел Ядрихинскай толордо, кылыһах-кырыымпа тохтор тойугун Эркин Хоро бэлэх уунна.
Суруйааччы доҕоро, биир дойдулааҕа Рустам Каженкин билигин манна тута айар киэһэҕэ олорон суруйбут хоһоонун ааҕан иһитиннэрдэ.
Ону тэҥэ Елизавета хоһоонугар Эстрада тыйаатырын ырыаһыта Lyu Si толоруутугар былырыын күһүн сүрэхтэммит “Күһүҥҥү джаз” диэн ырыаны сампаан арыллар тыаһынан иһиттибит, килиибин көрдүбүт. Lyu Si ырыа суруллубут историятын, килиип уһуллуутун туһунан кэпсээтэ.
Елизавета Мигалкина “Билигин, бу тыыннаахпар..” диэн айар киэһэтэ дохсун ытыс тыаһынан түмүктэннэ.
Надежда ИЛЬИНА, edersaas.ru