Поэт Елизавета Мигалкина: эдэрдэр түмсүүлээххитин көрдөрүҥ!
10.09.2017
Дьааҥы улууһун Табалаах нэһилиэгин олохтооҕо, Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Елизавета Мигалкина быыбарга орто саастаах дьон ордук хото кытталларын этэр.
“Биһиги улууспут, нэһилиэкпит баһылыктарын, депутаттарын талабыт. Мин санаабар, Дьааҥы улууһугар быыбар хаамыыта сүрдээх тэтимнээхтик уонна урукку сылларга холоотоххо, холкутук ааһан иһэр. Аҕа көлүөнэ уонна орто саастаах дьон сүрүннээн эбиэт иннинэ куоластыыр буоллаҕына, ыччат өттүттэн быыбарга кыттыы бэрт татым. Эдэр дьоҥҥо туһаайан этиэм этэ, быыбарга кыттыы – хас биирдиибит ытык иэспит, манна биһиги төһө түмсүүлээхпит көстөр. Онон дойдугут туһугар санааҕытын ууран, инники кэскилигэр эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан быыбарга бука бары кыттыаҕыҥ”, — диэн бэлиэтиир кини.
Дьааҥы улууһугар 12 чаастаах дааннайынан, 2817 (34,25 %) киһи быыбарга кытынна.
Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1