Поэт дьылҕата (Поэт Альберт Бүлүүйүскэй төрөөбүт күнэ)

01.03.2019
Бөлөххө киир:

1979 сыл бэс ыйын 1 күнүгэр кини бу Орто дойдуттан барбыта. Иинин үрдүгэр туруорбут бэлиэлэрэ хаһан суруллубутун ким да чуолкай билбэт. “Альберт Бүлүүйүскэй уҥуоҕа суох сытар үһү. Ханна көмүллүбүтэ биллибэт”, — диэн сурахтар уос номоҕо буолан тарҕаммыттара.

edersaas.ru

Кини эт бэйэтэ бу сиртэн туох да суола-ииһэ суох букатыннаахтык сүппүт курдуга. Эргиллибэттик. Ол эрэн, өлөр Өлүү кыайбата диэн эмиэ баар. Ол – Талаан. Таҥара сахпыт кыыма. Альберт Бүлүүйүскэй таҥара кыымын кыбынан кэлбит дьонтон биирдэстэрэ этэ. Кини иринньэх, ыарыһах этигэр-сиинигэр Айар Кут кутаалана умайара. Поэт кута. Бэйэтэ эппитинии: “Айар илбис – умайыы”.

Ол умайыы кинини ханна-ханна тиэрпэтэҕэй, туохха-туохха тиксэрбэтэҕэй? Көннөрү ыарыһах, оккураҥ киһи олоҕунан олорбута буоллар, дойдутугар, баҕар, өссө да олоруо эбитэ буолуо. Оттон поэт кута кинини айаҥҥа, ыраахха угуйара, туох эрэ ситтэрбэти, саҥаны көрдөтөрө.

Баҕарабын эрдии-эрдэ,
Бастыҥ баҕабын толоро,
Ким да туруон иннинэ
Киирэн бара туруохпун!

Альберт Бүлүүйүскэй баҕата – “бөрүөлээх күн сирин үрдүгэр олоруу” этэ. Айар үлэтин үүнүүтүн хомуйар ыра санаалааҕа. Кини олоҕу билбит эрэ киһи суруйааччы буолар кыахтаах диирэ. Онон олох бары өҥүн-дьүһүнүн, амтанын силигин билэргэ дьулуспута. Оттон олох оонньуута кытаанах сокуоннардаах. Кыратык да сыыһа-халты туттубакка, мүччү-хаччы үктэммиккэ ууран биэрэр биир илии, өйүү түһэр бигэ тирэх суох буоллаҕына, кини дириҥ далайыттан өрүттэн турааччы аҕыйах.

Альберт Бүлүүйүскэй олоҕун тиһэх сылларыгар ол дириҥ далай Түгэх субу уун-утары көрүүтүгэр соҕотох буолан биэрбитэ. Туллан түспүт тулаайах сэбирдэх.

Бу сир үрдүгэр баар-суох соҕотох таптыыр, аһынар, харыстыыр чугас киһитэ, ийэтэ өлбүтүн кэннэ кини тулаайахсыйа түспүтэ.
Бииргэ төрөөбүттэр, аймахтар, доҕоттор да бааллара. Ол эрэн кинилэр бэйэлэрэ туспа олохтоохторо. Ыарыһах, ускул-тэскил сылдьар поэт дууһатын, өйүн-санаатын мучумаанын “сээн” диэн ким сэргиэй. Кими онно буруйдуоҥуй? Суох буоллаҕа. Оттон илин-кэлин иилиҥкэйдэһэр доҕор-атас элбэҕэ, ардыгар, киһиэхэ, кырдьыгын эттэххэ, иитиллибит айа кэриэтэ охсуулаах эрэ буолар. Ол да иһин бу хараастыылаах строкалар сурулуннахтара:

Саамай ыар кэммэр сүгэһэрбин
Санныларынан үллэстиһиэххэ көкөттөр,
Хата арыт күүстээх көхсүлэрин
Харахпар нэһиилэ көрдөрөллөрө…

“Кини олус скрытнай киһи этэ”, — диэн Кутанаҕа бииргэ үөрэммит табаарыһа эппитэ. Кырдьык да оннук эбит. Ис санаатын эрэйин, кыһалҕатын бэйэтэ эрэ сүкпүт.
Оттон Бүлүүйүскэй поэзията – сырдык поэзия. Лыҥкынас сааскы салгыннаах, чэгиэн, эдэр тыыннаах. Олоҕу таптыыр киһи көрүүтэ. Кини биир уратыта онно сытар. Олох умсулҕана олоххо баҕарыы киниэхэ самныбатах. “Сэһэн суруйуохпун баҕарабын”, — диэн бүтэһик бэлиэтээһиннэригэр баара. “Суруйбат буолаары гынным”, — диэн дьиксинэрэ.
Олох ол курдук кинини ыктар-ыган испитэ. Күннээҕи кыһалҕа, ыарыы ытарчата уонна Айар илбис баҕата.

Бүтэһигин түмүктүүр бэлиэни 1979 сыл бэс ыйын 1 күнүгэр туруорбута.

Ол эрэн Поэт дьылҕата диэн ураты өйдөбүл баара мээнэҕэ буолбатах. Күннээҕи бу баар олоххо поэт төһө да быстан-ойдон, дьолтон-соргуттан матан сылдьар саамай тиһэх киһи курдук да буоллар, Ийэ айылҕа бэлиэтээн ыыппыт оҕотун бөх-сыыс кэриэтэ саба тарыйан кэбиспэт. Кини үрдүк аналын эргииринэн иккистээн үйэлээхтик эргиллэр суолун хайан, ыйан кэм-кэрдии кэрдииһигэр суруйан бэлэмнээн биэрэр. Ол иһин, күн-дьыл бардаҕын аайы поэт аата умнулларын оннугар, кинини ахтар-саныыр, кини талааныгар сүгүрүйэр, кини аата тиллэригэр туруулаһар дьон баар буолан иһэллэр. Кэмэ кэллэҕинэ суол арыллар – поэт аата үйэлээх кэрдиискэ киирэр. Поэт дьылҕата диэн оннук. Сирдээҕи олоҕо сордоох да курдук буоллар, дьиҥэр, дьоллоох дьылҕа. Бу – суруйбут эрэ барыта тиксэр дьылҕата буолбатах. Альберт Бүлүүйүскэй итинник дьоллоох дьылҕалаах поэттартан биирдэстэрэ буоларын кэм-кэрдии бэйэтэ көрдөрдө.

Ангелина ШАДРИНОВА-СУОҺААНЫ (“Тыыннаахтардыын тыыннаах курдук кэпсэтэ” кинигэтиттэн),

“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0