“По тэрелкам нэ стрилят!”

Ааптар: 
22.05.2022
Бөлөххө киир:

Чахчы, сымыйалаабаппын да, омуннаабаппын да… Саас ыраатан истэҕин аайы, олохпор көрсүбүт биир түбэлтэм өйбөр-санаабар сотору-сотору киирэр буолла. Туох эбитэ буолла, диэн санаа үүйэ-хаайа тутар. Ама, ис дьиҥэ тугун быһаарбакка хааларым, дьэ, кыһыылаах.

1980 сыл сааһыгар аармы­йаҕа, Борзя-5 городокка учебнай чаас кэнниттэн, Монголияҕа салгыы сулууспалыы таһаартаабыттара. Мандал-Гоби диэн куорат кытыытыгар турар мотострелковай пуолкаҕа. Араас кэмҥэ Саха сириттэн элбэх ыччат ол чааска сулууспалаатаҕа. Баҕар, биир эмит киһи бу маннык түбэлтэни көрбүтэ буолуо. Муҥ саатар иһиттэхтэрэ ини. Баҕар, ким эмит таайыытын билэрэ буолуо.

Дьэ, ол дойдуга, эппитим курдук, саас ыам ыйын бүтэһик күннэригэр тиийдибит. Кэлбит сирбит – 91147 №-дээх байыаннай чаас. 2-с батальоҥҥа кураанах хаһаарымаларга сүөкэннибит. Салгыы билсэн-көрсөн, сулууспа саҕаланан барда. Сайын буолла. Буһуу-хатыы, өҥүрүк куйаас дойду. Наар күлүк былдьаһар мөккүөрүгэр сылдьаҕын. Аармыйа олоҕо диэн, ханна да буоларын курдук, барыта хамаанда, устуруой. Саллаат барыта ону аастаҕа. Чэ, ол, суолтата суох.

Кэпсиир түбэлтэм маннык: ол дойдуга сайын ортото, киэһээ күн киирдэ да, ытыс таһынар хараҥа саба халыйар. Хаһаарымабыт аанын таһыгар тэллэй курдук чарапчылаах анал табаахтыыр сирдээхпит. Соло эрэ буолларбыт, онно мустан арааһы кэпсэтэбит. Биир киэһээ Магомадов диэн чечен уола манна түүн харабылга нэрээккэ турар дьоҥҥо көтөр тэриэлкэлэр кэлэллэр үһү диэн сурах баар диэн кэпсээтэ. Биһиги ону билбэппит, соччо итэҕэйбэтибит даҕаны. Саҥа кэлэн, сулууспалаан эрэр “молодойдары” куттаа­һын сэһэн да буолуон сөп. Араас кырдьык-сымыйа икки ардынан кэпсээн-ипсээн аармыйа олоҕор элбэх буолааччы. Оннук хаалла. Пуолка бойобуой олоҕор, сулуус­па сокуонугар бигэтик киирбиппит кэннэ, биир күн рота барыта харабылга нэрээккэ барар диэн буолла.

“По тэрелкам нэ стрилят!”

Полка плаһыгар таһааран строевой көрүү, харабыл нэрээтигэр атаарыы буолла. Артбатареяҕа дуу, танковай батальоҥҥа дуу армян эпи­сиэр баар этэ. Хап-хара, эт ласха киһи, майор сыбаанньалаах. Окумалыгар “дежурный по полку” диэн повязкалаах. Сис туттан баран устуруой иннигэр хааман түөһүллэҥнии сылдьан харабыллааһыҥҥа инструктаж ыытта. Онто суох нойосуус үөрэппит эбээһинэстэрбитин хатылыыр. Бүтэһигэр: “От сибя дабавлю… По тэрелкам нэ стрилят!” – диэтэ. Онно соһуйбутум, ол аата табаах­тыы олорон Магомадов чахчы баары эппит эбит! Чахчы көстөр буоллаҕа. Таах сибиэ 2-с пуостка түбэспиппин. Ол хаайыы көрүдүөрүгэр, дьиэ иһигэр туран, хаарыан “тэриэлкэлэри” көрөртөн маттаҕым. Билигин кэлэн, турар миэстэбин кимниин да атастаһар кыаҕым суох диэн кыһыйа-абара нэрээккэ бардаҕым дии.

Күһүөрү, балаҕан ыйын ортото быһыылаах, үгэспитинэн хаһаа­рыма иннигэр табаах­тыыр сиргэ мустан олордохпутуна, 4-с рота диэкиттэн хараҥаҕа үөгүлүү-­үөгүлүү киһи сүүрэн кэллэ: “Эй, көрүҥ-көрүҥ, тэриэл­кэ!” Тура эккирэһии буолла, били киһибит биһиги рота уола, Тохтабаев диэн узбек эбит. Бүлүмүөтчүк, кып-кыра, кутуйах курдук уол. Улахан баҕайы ПКМ бүлүмүөтү кыайбакка, ол соро буолара. Хаһаарыма ааныгар лаампалаахпыт, сырдык баҕайы, сатаатар, иннибитигэр 4-с рота хаһаарымата мэһэйдиир. Тоҕо суллан бары пуолка убуорунайын диэки сырыстыбыт. Элбэхпит, өрө көрүү бөҕө. Төрдүс ротаттан эмиэ кэллилэр. Мин көрдөхпүнэ, пуолка илин өттүгэр хотоолго артыскылаат диэки уоттар кылахачыһаллар. Пуост эргимтэтигэр остоолболорго түөрт дуу-биэс дуу лаампалардаах этэ. Олор уоттара кылахачыһаллар дии санаабытым. Артыскылаат чугас, биэрэстэни кыайар-кыайбат сир этэ.

– Вот, вот она!

Дьэ өйдөөн көрдүм ээ! Уоттарбыт элбээн хааллылар. Салгыҥҥа көтө сылдьар шар курдуктар, наһаа улахаттара суох. Туолбут ый курдук дьүһүннээх уоттар көтө сылдьаллар. Уонтан тахсаны аахпытым. Сороҕор умуллан ылаллар, онтон атын сиртэн тыган кэлэллэр. Ким да саҥарбат, бары айахпытын атан аппаһан турдубут, тэриэлкэлэрбит аргыый аҕай көтө сылдьаллар. Сороҕор үөһээ тахсан иһэн сүтэн хаалаллар, сороҕор син уһуннук көнөтүк көтөллөр. Пуостка турар харабыл көрөрө буолуо дуо, дии санаан эрдэхпинэ, аптамаат таһыгырыыра иһилиннэ. Харабыл дьиэ­тин диэки дьон ньамалаһыыта сүрдэннэ, ГАЗ-66 массыына собуот­танна. “Караул, в ружье!” хамаанда буолла быһыылаах. Уоттар хайдах көстүбүттэрэй да, оннук аҕыйаан иҥэн-сүтэн хааллылар. Дьиктини көрбүт дьон харахтарбыт чэчэгэйбитинэн тахсыахча буолан, хаһаарымаларбытынан тарҕастыбыт.

Ол кэннэ хас да күнү быһа тэриэлкэлэр тустарынан кэп­сээн улахан сонун буола сылдьыбыта. Мин сэмээр эписиэрдэртэн ыйыталаһа сатаабытым. Рота хамандыыра Сергей Васильевич Пьяников: “Ээ, мэлдьи көстөллөр, тугу да гымматтар, куттала суохтар”, – диэбитэ. Замполит Соколов эмиэ тугу да быһаарбатаҕа. Кырдьык-хордьук эмиэри­кэлэр үспүйүөннүүллэрэ буолуо диэбитэ да, ол биһиги артыскылааппытыгар туох улахан кистэлэҥэ мунньуллубут үһү? Ол онон хаалбыта. “По тарелкам не стрелять!” диэн харабылга нэрээккэ барыыга сэрэтэллэрэ. Мин наар 9-с пуостка үлэһэн суруттарабын. Хас да төгүл нэрээккэ турдубут даҕаны, тэриэлкэлэр, киһи кыһыйыах, биллибэттэр.

“Тапта, таптаа! Оол, сууллан эрэр!”

Кыһыҥҥы тыал-куус күн эмиэ нэрээккэ бардыбыт. Курдары үрдэрэн дэлби тоҥон пуостпуттан куучугураан кэлэн, 2 чаастаах сэргэх симиэнэни тулуйан, сынньанар симиэнэҕэ тилэри сааллыбыт кэтит наараҕа ыгыта симсиһэн утуйуохча буолан эрдэхпитинэ таһараа хоско биирдэ тилигир-талыгыр буола түстэ. “Караул, в ружье!” хамаанданан ойуок­калаһан тахсан, караул начаалынньыга лейтенант Распопин бирикээһинэн ГАЗ-66 массыынанан мин соторутааҕыта солбуллубут 9-с пуоһум диэки тэптэрдибит. Бары аптамааттаахпыт. Өр гыныахпыт дуо, чугаһаан кэлбиппит, дьэ көтө сылдьаллар эбит ээ! Мин пуостка турарым саҕана туох да, үөн да суоҕа. Тэриэлкэлэрбит сороҕор олох да ыраах курдуктар, эмиэ да субу чуп-чугастар. Өлбөөркөй уоттара сири сырдаппат. Лейтенант Распопин: “Не стрелять!”—кэһиэҕирбит куолаһа иһиллэр. Арааһа наһаа элбэх киһи ытыалаатаҕына пуолкаҕа сэрии буолла диэн аймалҕан тахсан сэмэлэниэм диэн куттаннаҕа дуу, биитэр тэриэлкэни соҕотоҕун суулларан Сэбиэскэй Сойуус үрдүнэн аатырыан баҕарбыта дуу, билбэтим. Тэриэлкэлэри бэйэтэ соҕотоҕун ытыалаан барда. Тэриэлкэлэрбит симэли­йэн көстүбэт буолан эрдэхтэринэ: “Тапта, тапта! Оол сууллан эрэр!” – ыһыытаһа түстүлэр. Иннибэр турар Кахарсаевка мэһэйдэтэн, тэриэлкэ табыллар, сууллар түгэнин көрбөккө хааллым.

Хатыылаах боробулуоха күрүөнү кыйа артыскылаат соҕуруу өртүгэр сүүрдүбүт. Хайыр таастан оттоох сиргэ тахсан, ытыс таһынар хараҥаҕа кэннибититтэн массыынабыт уотунан сырдатынан балайда өр тэриэлкэбитин көрдөөтүбүт да булбатыбыт. Эмиэрикэлэр киэннэрэ буол­лаҕына, бэйэтин суох оҥорунар кистэлэҥнээҕэ буолуо диэн түмүктээбиппит. Ити курдук, ол тэриэлкэлэри элбэх буолан чахчы көрөн турабыт. Хайдах да барыбыт харахпыт баайыллыан табыллыбат. Соҕотоҕун көрбүтүм диэтэхпинэ, сымыйаргыахха сөп этэ. Ээ, кутталыттан ону-маны туо­йар диэн.

Ол кэмтэн ыла 40 сыл ааста да, чуолкай эппиэтин булбатым. Эмиэрикэлэр буолбатахтара чахчы. Убайдарбытын кытайдары күтүрүү санаабатахпыт. Ол саҕанааҕы Кытай билиҥҥи үрдүк сайдыылаах Кытай буолбатах, көтөр тэриэлкэлэри айар кыаҕа суох, быста дьадаҥытык олорор дойду этэ. Айылҕа көстүүтэ диэҕи, эмиэ да оннук баара иһиллибэт этэ. Онон, олохпор ити эт харахпынан көрбүт түбэлтэбин мэлдьи санаан ылабын. Туох уоттара буолуохтарай? Эппиэтин билбэппин…

«Ороссолуода эр дьоно» саайтан Иван КСЕНОФОНТОВ бэлэмнээтэ.

Иллюстративное фото: elements.envato.com

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0