Пневмококковай инфекцияттан быһыыта ылыҥ

27.11.2018
Бөлөххө киир:

Пневмококковай инфекция – менингит, сэбиргэхтэтии уонна сепсис курдук ыарыылары көбүтэр кыахтаах сыстыганнаах ыарыылар көрүҥнэрэ.
Пневмококковай инфекция кими баҕарар буулуон сөп. Ол гынан баран, үксүгэр иккилэригэр диэри саастаах оҕолор уонна кырдьаҕас дьон ыалдьар.

edersaas.ru


Ыарыыны быһыы көмөтүнэн сэрэтиэххэ сөп. Быһыы көдьүүһэ 80 – 95% тэҥнэһэр.
2014 с. биирдэригэр диэри саастаах оҕолорго пневмококковай инфекцияттан быһыыны биэрии национальнай халандаарга киллэриллибитэ уонна федеральнай бүддьүөт суотугар оҥоһуллар.

Быһыы киһи сааһыттан көрөн бэриллэр:
-2-6 ыйдаах оҕолорго: 1 өлүү (доза) — оҕо икки ыйыгар, иккис өлүү — 4,5 ыйыгар, 15 ыйыгар — ревакцинация;
-7-11 ыйдарыгар: биир ый буола-буола — 2 өлүүнү, икки сааһыгар – үһүс өлүүнү;
— 12-23 ыйдаах оҕолорго — иккитэ;
— 2-5 саастаах оҕолорго – биирдэ;
— Улахан дьоҥҥо – биирдэ.

Манна даҕатан эттэххэ,
-38-тан үөһээ кыраадыстаах, ыалдьыбыт оҕоҕо быһыы бэриллибэт.
Наһаа ыарахана суох инфекциялаах, холобур, вируснай ринофарингиттаах оҕоҕо, быһыыны биэриэххэ сөп.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” хаһыат edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0