Племенной хаһаайыстыбалар национальнай сойуустарын салайааччыта Юрий Корнеенко-Жуляев кэлэн барда

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ааспыт нэдиэлэҕэ Москваттан «Племенной хаһаайыстыбалар национальнай сойуустара» кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ дириэктэрэ Юрий Алексеевич Корнеенко-Жуляев кэлэ сырытта.

«Племенной хаһаайыстыбалар национальнай сойуустара» кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ 2014 сыллаахха племенной хаһаайыстыбалар үлэлэригэр көмөлөһөр, былаас уорганнарын иннигэр кинилэр интэриэстэрин көмүскүүр, дойду ыытар племенной-силиэксийэлиир үлэтигэр табыгастаах эйгэни тэрийэр сыаллаах тэриллибитэ.

Бу тэрилтэ саҥа дириэктэрэ Юрий Алексеевич Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ыытыллар племенной үлэ туругун билистэ, зоотехник-селекционердары кытары көрүстэ.

«Саха сүөһүтэ» хааһынаттан үбүлэнэр генопуонда тэрилтэтин Нам улууһун Таастааҕар баар салаатыгар итиэннэ Хаҥалас улууһун Улахан Аан нэһилиэгэр «Бөртө сылгы собуота» ХЭУо сырытта. Бу туһунан сиһилии «Саха сирэ» хаһыат саҥа нүөмэригэр ааҕыҥ.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0