“Плейстоцен паарката” Андрей Мельниченко Пуондатын өйөбүлүн ылла

Ааптар:  Егор Карпов
25.09.2023
Бөлөххө киир:

Андрей Мельниченко Пуондата наукаҕа сыһыаннаах бырайыактары өйүүрүнэн биллэр. Пуонда толорор дириэктэрэ Елена Чернышкова этэринэн, “Биһиги пуондабыт көстөр туһаны биэрэр кыахтаах наука бырайыактарын өйүүр. Плейстоцен паарката саарбаҕа суох оннуктарга киирсэр. 20 сыл устата барбыт эспэримиэн бүгүн күн бэрт элбэх билиини, чинчийиини түмпүтэ көстөр. Кэлэр сылларга өссө элбэх билиини аҕалара саарбаҕа суох. Бу бырайыагы быйыл Дубай куоракка ыытыллар ХЭТ 28-с килиимэккэ анаммыт кэмпириэнсийэтигэр учуонайдар иннилэригэр презентациялыыр былааннаахпыт”.

Плейстоцен пааркатын дириэктэрэ Никита Зимов уонна Елена Чернышкова балаҕан ыйын 22 күнүгэр пресс-кэмпириэнсийэ хомуйан суруналыыстар ыйытыыларыгар хоруйдаатылар. Тоҕо бизоннары Канадаттан буолбакка, Данияттан атыыласпыттарын, төһө кэминэн биллэр уларыйыылар барыахтаахтарын, глобальнай итийиигэ туундара оннугар үөскүөхтээх “сэлии истиэбэ” хайдах дьайыахтааҕын, Андрей Мельниченко Пуондата тугунан бу эспэримиэҥҥэ көмөлөһөрүн туһунан, уо.д.а. ыйытыыларга сиһилии хоруй биэрдилэр.

Бу тиэмэни сиһилии арыйар икки балаһалаах матырыйаалы “Саха сирэ” хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕыаххытын сөп.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0