Россия сыллата массыына суолларын тутууга, өрөмүөн үлэтигэр, көрүүгэ-харайыыга 1 трлн солкуобайы ороскуоттуур. Ол эрээри ыарахан уйуктаах тиэхиньикэлэр маннааҕар икки бүк улахан ороскуоту аҕалалларын исписэлиистэр этэллэр. Холобур, 12 тоннаттан үөһэ ыйааһыннаах тимир көлө тыһыынчанан кыра массыына ааспытыгар тэҥнээх үһү.
Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/
«Бүлүү» федеральнай суолунан күннэтэ аарыма улахан тимир көлөлөр тоҕута үктээн ааһаннар, ситэ оҥоһулла, бөҕөргөтүллэ илик суолу илдьи кэһэллэр. Таһаҕаһы тиэйэр массыыналар хайыр тааһы, тутуу матырыйаалын, таас чоҕу, ньиэп бородууктатын таһаллар. Кыһыл Сыыртан гаас конденсатын күннэтэ тиэйэллэр. Бу суолга аҕалар хоромньута хара баһаам. Күһүҥҥү-сааскы өттүгэр охсуута ордук улаатар. Онон өрөмүөннэнэ, саҥардылла сатыыр суол чөлүгэр түһэриллэн быстыбат. Баҕар, асфальт уурулуннаҕына, балаһыанньа арыый да көнөрө дуу? Ол эрээри тыйыс килиимэттээх, ирбэт тоҥноох дойдуга, суол түргэнник алдьанар.
Дьокуускай – Бэрдьигэстээх икки ардыгар сорох дьыл суолбут «хааһыланан», кыра массыына нэһиилэ сылдьар. Аны сунтаардар, ньурбалар сөмөлүөт өҥөтүнэн туһаныахтарын баҕарбыттарын иһин, сыаната сүр. Онон бары кэриэтэ таксинан сылдьаллар. Кураан сайын уонна кыһыҥҥы өттүгэр 10-12 чааһынан куораттан Сунтаарга тиийэҕин. Оттон уһун ардах кэнниттэн айан-сырыы атахтанар. Манна эбии ыарахан уйуктаах массыыналар быһыыны-майгыны күүркэтэллэр.
Хас да сыллааҕыта аан дойду үрдүнэн Саха сирэ саамай куһаҕан суоллаах регионунан ааттанара. Билигин хартыына арыый да уларыйда. «Өлүөнэ», «Халыма», «Бүлүү» суоллара тутуллан, сорох улуустар сылы эргиччи айанныыр кыахтаннылар.
Федеральнай бүддьүөттэн киһи мыыммат үбэ-харчыта суолу тутууга, көрүүгэ-харайыыга көрүллэр. Аны икки сылтан бэттэх, «Платон» ситимэ олоххо киллэриллэн, сорох суолларынан айаннааһын харчыланна. Дьиҥэр, омук дойдуларыгар маннык ньыма киирбитэ ыраатта.
Тиэйии-таһыы ырыынагар 3126 тэрилтэ үлэлиир
Нолуок федеральнай сулууспатын чахчыларынан, билигин өрөспүүбүлүкэҕэ 3126 тэрилтэ таһаҕаһы тиэйиинэн дьарыктанар. Онон, күннэтэ араас хайысханан аһы-үөлү, уматыгы, тутуу матырыйаалын уонна да атын таһаҕаһы үлүгэрдээх массыынанан таһаллар. Суол сабыллыытын иннинэ тиэйии-таһыы үлэтэ күүһүрэр. Ордук эргиэмсиктэр күннүүллэр. Аны кэмигэр тиэллибэтэх уматыгы тиэйэллэр. Инньэ гынан, сааскы, күһүҥҥү өттүгэр ыарахан уйуктаах тиэхиньикэ сырыытын хааччахтыахха диэбиттэрэ быданнаата. Ол эрээри бобор, хааччахтыыр кыах эмиэ суох. Ас-үөл, уматык тиэллибэтэҕинэ, нэһилиэнньэ эрэйдэнэр.
Чэпчэтиилээх тарыып уһаата
2015 сылтан бэттэх, 12 тоннаттан үөһэ ыйааһыннаах тимир көлөлөр федеральнай таһымнаах суолларынан айанныылларыгар харчы төлүүр буолбуттара.
«Өлүөнэ», «Халыма», «Бүлүү» суолларынан айанныыр ыарахан уйуктаах массыыналар билигин биир килэмиэтир иһин 1 солкуобай 53 харчыны төлүүллэр. Онон 100 килэмиэтир иһин 153 солкуобай тахсар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит сирэ-уота киэҥ-куоҥ буолан, массыыналар хастыы да тыһыынча килэмиэтири айанныыллар. Бастаан өссө, биир килэмиэтири 3 солкуобай 73 харчынан быспыттара. Ол эрээри дальнобойщиктар туруорсууларынан, бырабыыталыстыба утары баран, чэпчэтиилээх тарыыбы олохтообута.
Муус устар 15 күнүттэн тарыып үрдээн, 1 солкуобай 90 харчыга тиийиэхтээх. Тиэхиньикэ айаныттан киирбит үбү-харчыны оператор күн ахсын федеральнай бүддьүөккэ ыытар. Санатан эттэххэ, харчыны хомуйар операторынан «РТ-Инвест Транспортные Системы» ХЭУо ананан, номнуо иккис сылын үлэлии олорор.
11 мөл. 154,9 тыһ. солк. киирбит
Бүгүҥҥү туругунан, ГИБДД чахчыларынан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 11490 тиэхиньикэ регистрациялана сылдьар. Оттон «Платон» ситимҥэ олунньу 28 күнүнээҕи туругунан, 3714 тырааныспар регистрацияланан, 3192 бортовой оборудование бэриллибит. Сокуон олоххо киириэҕиттэн, ол эбэтэр 2015 сыл сэтинньи 15 күнүттэн 2017 сыл олунньу 28 күнүгэр диэри ыарахан уйуктаах массыыналартан 11 мөл. 154,9 тыһ. солкуобай бүддьүөккэ киирбит.
Уһук Илиҥҥэ саамай элбэх төлөбүр Приморскай кыраайтан (95 мөл. солк.), Хабаровскай кыраайтан (35 мөл. солк.) уонна Амурскай уобаластан (24 мөл.солк.) киирбит.
Тырааныспар нолуогуттан босхолоноллор
Урбаанньыт-дальнобойщиктартан харчыларын судаарыстыба тоҕо «сүлэн» ыла сатаата диэччилэр эмиэ бааллар. Ол эрээри саһа сылдьан үлэлиир дьоҕус тэрилтэлэр нолуоктан куотунуулара эмиэ элбэх. «Платон» көмөтүнэн бу нолуоктар куотунааччылары саҕаларыттан харбаталыахтара. Ити биирэ. Иккиһинэн, үп-харчы федеральнай суол өрөмүөнүгэр, тутуутугар аттарыллар. 2015 сылтан саҕалаан номнуо Россияҕа 1000 килэмиэтирдээх суол, 40 уу ситимэ, муосталар өрөмүөннэннилэр. 2017 сылга 30-ча муоста өрөмүөннэниэхтээх.
Үсүһүнэн, тиэхиньикэлээх хаһаайыттар тырааныспар нолуогуттан босхолонуохтарын сөп. Өскөтүн Суол фондатыгар түһэриллибит төлөбүр кээмэйэ элбэх уонна нолуок сууматын саҕа буоллаҕына, тырааныспар нолуогун төлөөбөт.
Билигин киирбит үбү аҥаардас федеральнай суолларга эрэ буолбакка, регионнааҕы таһымнаах суолларга тыырыы туһунан кэпсэтии бара турар. Федераллар биһиги салалтабыт туруорсууларын ылыннахтарына, ис суолларбытын сайыннарыыга эбии үп-харчы көрүллүө этэ.
Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/