Росавтодор «Бүтүн Арассыыйатааҕы народнай фронт» хамсааһыны кытта нэһилиэнньэ куоластааһынын тэрийэн, «Платон» судаарыстыбаннай систиэмэҕэ киирбит үбүнэн федеральнай статустаах 10 суол өрөмүөннэнэрэ быһаарылынна.
Онно «Халыма» суола киирэн, Саха сирэ хабылынна. Анал сайтка 4 тыһыынчаттан тахса кыттааччы куоластаабыт. Федеральнай 10 суолга барыта 700 км уһуннаах учаастак өрөмүөннэниллиэҕэ.
«Платон» судаарыстыбаннай систиэмэ көмөтүнэн ыарахан уйуктаах тимир көлөлөөхтөр бүддьүөккэ 33,2 млдр. солк киллэрбиттэр. Былырыын аан бастаан түмүллүбүт үбү саамай мөлтөх туруктаах суоллаах 40 куоракка ыыппыттара биллэр.
Ханнык уон федеральнай суол хабылынна?
Р-504 «Халыма» (Магадан уонна Саха сирэ киирэллэр), М-5 «Урал», М-10 «Россия», М-7 Перм уонна Ижевск, А-146 Краснодар – Верхнебаканскай, Р-243 Киров – Шарья – Пермь, Р-258 Чита – Улан-Удэ, Р-297 «Амур», А-360 «Лена», А-181 «Скандинавия».
Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1