Босхо планшеттарынан хааччыйыахтара

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Өрөбүл күннэр бүттүлэр даҕаны, Саха сирин үөрэнээччилэрэ ыраахтан олорон (дистанционно) үөрэниэхтээхтэр. Маныаха сорохторго интэриниэттэрэ суох, сорохторго тэриллэрэ суох буолан үөрэхтэн матар кутталлаахтар.

edersaas.ru

Өрөспүүбүлүкэ салалтата коронавируһунан сибээстээн, эрэгийиэн социальнай өттүнэн туруктаах буоларын хааччыйар инниттэн кэккэ дьаһаллары ылла. Чопчу былааннар торумнаннылар. Бастатан туран, былааҥҥа кыра дохуоттаах ыал оскуолаҕа, орто анал үөрэх тэрилтэлэригэр үөрэнэр оҕолоругар электроннай сайабылыанньанан федеральнай уонна үөрэх атын онлайн-платформаларыгар босхо киирэллэрин хааччыйарга диэн ыйыллар.

Иккиһинэн, кыра дохуоттаах ыал оскуолаҕа, орто анал үөрэх тэрилтэлэригэр үөрэнэр оҕолоругар харантыын кэмигэр ыраахтан олорон (дистанционно) үөрэниигэ көһөллөрүгэр көмпүүтэр тиэхиньикэтинэн хааччыйарга диэн суруллар.

Манна даҕатан эттэххэ, Дьокуускай куорат үөрэҕин управлениетын начаалынньыга Алексей Семенов: “Кыра дохуоттаах ыал оҕолоро үөрэнэллэригэр 6,4 мөлүйүөн солкуобай суумалаах 525 электроннай планшеты атыылаһары былаанныыбыт”, — диэн бэҕэһээ мунньах кэмигэр иһитиннэрбит.

Онон сөптөөх дьаһал олоххо киирэн эрэр диэн бэлиэтиир оруннаах.

Людмила ПОПОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0