Билигин үгүс киһи “финансовай пирамидаҕа” умайан, кирэдьииккэ ыйанна, дьиэтин-уотун солуок ууран олорор да дьон баар. Тоҕо, туохтан “угаайыга” киирэн биэрэбит? Ким чыпчаххайдыырый? Бүгүҥҥү суруйуубар ким, ханнык хампаанньаҕа киирэн “умайбытын” буолбакка, сетевой бизнеһинэн дьарыктанар дьону кытары кэпсэтиибин эһиги болҕомтоҕутугар таһаарабын. Үгүспүт бизнес ити көрүҥүн “үп-харчы пирамидатын” кытары бутуйабыт. Онон мантан аллараа кинилэр санааларын ааҕыҥ.
edersaas.ru
«Бородууксуйаны үөрэтиҥ»
Степан Нестерев, Амма улууһун Бөтүҥ нэһилиэгин аҕаларын түмсүүтүн салайааччыта, “Глорион” хампаанньаҕа үлэлиир:
— “Глорионунан” дьарыктаныым туспа историялаах. Мин сааһым тухары уруһуйунан дьарыктаммытым. Художественнай училищены бүтэрэн “Трестстройремоҥҥа”, Художественнай фондаҕа, “Сардаана” фабрикаҕа үлэлээбитим. 80-с сыллар бүтүүлэригэр төрдүө буолан “СИНС” диэн вымпеллары, значоктары оҥорор кэпэрэтиип да тэринэ сылдьыбыппыт. Ити үлэлии сылдьан, 90-с сыллар саҕаланыыларыгар Михаил Николаев “куораттан – тыа сиригэр” диэн бачыымын өйөөн, дойдубар Бөтүҥҥэ үлэлии тахсыбытым. Манна кэлэн оскуола мастарыскыайыгар вымпеллары, значоктары оҥорорум, оҕолору үөрэтэрим. Нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕор күүскэ кыттарым. Ол курдук, Аммаҕа предпринимателлэри өйүүр фонда, “БААТ” (Бөтүҥ аҕаларын айар түмсүүтэ) диэн аҕалар түмсүүлэрин тэрийбиппит.
Ити барыта түмүллэн, киһи кимтэн да тутулуга суох, бэйэтэ дьарыктаах буолуохтаах диэн санааҕа кэлбитим. Ол иһин 2001 с. ситим (сетевой) бизнеһинэн дьарыктанарга санаммытым. Бастаан бородууксуйатын интэриэһиргээбитим. Атыылаһан, бэйэм боруобалаан көрбүтүм. Онтон бу манан дьарыктаннахха, киһи эбии дохуоттаныан сөп эбит диэн бизнеһинэн дьарыктанан барбытым.
Дьиҥэр ыллахха, бизнес бу көрүҥүнэн аан дойду барыта дьарыктанар. Хампаанньа бу ньыманы талан үлэлиирэ биллэр: аан дойду үрдүнэн тэрилтэ тэрийэ барбат, анаан-минээн үлэһиттэри туппат уонна ол оннугар биирдиилээн дьону кытары үлэлэһэн, элбэх бородууксуйатын атыылыыр. Оттон манан дьарыктанар киһи, бииринэн, бэлэм бизнеһи илиитигэр ылар. Ол аата, киһи бородууксуйаны атыылаһан ылан тарҕатар, ону сэргэ, дьоҥҥо ити бэлэм бизнеһи атыылыыр кыахтанар. Ол туһуттан бородууксуйатын, бизнеһин ааҕа билэр буолуохтаах. Онно анаан хампаанньа араас семинары ыытан үөрэтэр. Киһи төһөнөн үчүэйдик үөрэнэр да, оччонон дохуота элбэх буолар. Онон бастаан үөрэниэххэ, элбэҕи билиэххэ-көрүөххэ наада. Биллэн турар, киһи эрэ барыта атыыһыт, бизнесмен буолбат. Онон бэйэ кыаҕын эмиэ үөрэтэн көрүөххэ, сыаналыахха наада. Дьарыктаныам, үлэлиэм диэн баран харчыларын кыайан эргиппэтэх дьоннор эмиэ бааллар. Онон бары өттүттэн толкуйдуур ордук.
Мин санаабар, ситим бизнеһэ уонна “финансовай пирамидалар” саамай сүрүн уратылара – бородууксуйа. “Пирамида” үксүгэр туох да бородууксуйата суох буолар ээ. Киһи харчытын угар, бэйэтин аннынан кими эмэ аҕалан киллэрэр, ол онтон дохуоттанар. Ити курдук, дьоннор тугу да гыммакка эрэ элбэх харчыланыахтарын, байыахтарын-тайыахтарын баҕараллар. Оттон харчылаах өттө бааҥҥа ууран дуу, ханна эрэ уган дуу харчытын хаҥатыан баҕарар. Ол иһин дьоннор араас бырайыакка кыттан, харчыларын “көтөхтөрө” сатыыллар. Итиннэ үбү-харчыны туһаныыга “грамотнайа” суохпут көстөр.
«Олоҕум тосту уларыйда»
Екатерина Хоютанова, Чурапчы улууһун Хоптоҕо нэһилиэгин олохтооҕо, иккис группалаах инбэлиит, “Амвэй” хампаанньаҕа үлэлиир:
— “Амвэй” бородууксуйатын атыытынан 2007 с. саҕалаан дьарыктанабын. Оччолорго участковай балыыһаҕа санитарканан үлэлиирим. Ол иннинэ биэнсийэбэр олорбутум. 2008 с. саҕалаан сылын аайы семинардарга Хабаровскайга, Москваҕа сылдьыбытым. Сетевой бизнеһинэн дьарыктаныым миэхэ олус элбэҕи биэрдэ. Бастатан туран, тус бэйэбэр сыһыаным уларыйда. Кыахпын толору туһанар буоллум. Санаабар санаа, күүспэр күүс эптэ. Инбэлиит киһи, дьонтон ураты курдук сананарым, муннукка-ханныкка сылдьарым ханна барыай? Ити санаабын суох оҥорорбор араас семинарга сылдьыым, дьону кытта кэпсэтиим улахан оруолу оонньоото. Ол иһин, мин санаабар, бизнес бу көрүҥэ киһи санаатын-оноотун уларытарыгар, киэҥ сиргэ сылдьан, элбэх киһини кытары алтыһан билиитин-көрүүтүн хаҥатынарыгар, дьону кытары түргэнник биир тылы буларыгар ордук суолталаах эбит. Уонна бу нөҥүө элбэх доҕоттордоноҕун. Ону таһынан, салайааччы быһыытынан бэйэҕин боруобалаан көрүөххүн сөп эбит. Холобура, мин Хабаровскайга уонча киһини салайан илдьэ сылдьыбытым. Туһугар эмиэ туспа оскуола эбит.
Сетевой бизнеһи үксүгэр дьоннор “финансовай пирамиданы” кытары бутуйаллар. Мин бэйэм эмиэ итинниккэ “умайа” сылдьыбыттаахпын. 2000 сыллардаахха “Золотое кольцо” диэн кэлэ сылдьыбыта. Онно харчыбын уган баран төнүннэрбэтэҕим. Ол иһин бэрт сэрэхтээхтик сыһыаннаһарым. Кэлин толкуйдаан көрдөхпүнэ, бородууксуйата суох, халбаҥ буоллаҕына, бу “финансовай пирамида” диэн ааттанар эбит.
Кимтэн да тутулуга суох, кими да кэтээбэккэ үлэлиир үчүгэй. Ол иһин дьоннор эбии дохуоттанаары, ситим бизнеһинэн дьарыктаналлар. Киһи аҥаардас судаарыстыбаҕа эрэ сигэниэ суохтаах. Билигин этэллэр дии, хамнаспыт кыра, судаарыстыбаттан көмө суох, субсидия биэрбэттэр диэн. Билигин киһи интэриниэт нөҥүө дьиэтиттэн тахсыбакка эрэ, дохуоттанар кыахтаах буолла. Итиннэ ордук эдэрдэр ылсан үлэлииллэр.
Оттон “финансовай пирамидаҕа” үксүгэр киһи кирэдьиитин түргэнник сабаары, байа-тайа охсоору киирэр.
Атын бизнескэ хардыы
Василина Попова, “Мэри Кэйинэн” дьарыктанар, Дьокуускай куоракка олорор:
— Сетевой бизнес — аныгы үйэ идэтэ, хабар эйгэтэ киэҥ. Манна киһи эргиччи сайдар, өй-санаа өттүнэн, олоҕу көрүүтэ, сыаналааһына, анаарыыта, дьоҥҥо сыһыана уларыйар. Киһи билиитин-көрүүтүн хаҥатан, саҥаттан саҥа үктэлгэ дабайан иһиэхтээх. Ситим бизнеһэ ити торумҥа олоҕурар дии саныыбын. Оттон “харчы пирамидатыгар” киһи сайдыбат.
Мин 2008 с. саҕалаан “Мэри Кейинэн” дьарыктанабын. Иккис сылбар үлэбиттэн уурайан, манан дьарыктанарга санаммытым. Киһи манна тугу да сүтэрбэт, сүүйэр эрэ эйгэтигэр сылдьар, чахчы ыраҥ туолбутунан барар. Бу бизнеһинэн дьарыктаныахпыттан ыла, ханнык да университеккэ ылбатах билиибин иҥэринним, олус элбэххэ үөрэнним. Ол иһин махталым улахан.
«Мэри Кэйгэ», атын ситим бизнеһигэр курдук, атыы (клиеннэри бородууксуйанан хааччыйыы) уонна хамаанданы үүннэрии (дьону сайыннарыы) салаалардаах. Баҕалаах дьон дьарыктаналлар, ким салгыы сайдан барар, ким хаалан хаалар. Мин бэйэм хамаандабын тэринэн, онтон үс күүстээх салааны таһаардым. Дьонум ситиһиилэриттэн үөрэбин.
Быйылгыттан, бу ылбыт билиибэр олоҕуран, хас да этииттэн талан, «Минньигэс миин» диэн бэлэм, тотоойу миин нобуорун атыылыыр тэрилтэ батарыы салаатын салайааччытынан үлэлээн саҕалаатым. Имидж оҥорор спичрайтинг диэн магистратура үөрэҕэр үөрэнэ сылдьабын, «Мэри Кэйгэ» 2 түһүмэхтээх анал үөрэҕи ааһан, бизнес-оскуола тренерэ диэн ааты көмүскээбитим. Онон, сетевой бизнес саҥа саҕахтары арыйар, ис баҕаҕын, кыаххын уһугуннарар ураты эйгэ диэм этэ. Оттон “харчы пирамидата” итиннэ тугу да биэрбэт, тута харчыны ылыыга эрэ олоҕурар.
«Пирамида» биир историятыттан (ааҕааччы суруга)
“Ол Тугезе” хампаанньаҕа “умайбыт” Лена, улууска олорор:
— “Ол Тугезе” “финансовай пирамидаҕа” убайым ыҥырбыта. “Мэктиэлээх, харчыгын сүтэрбэккин, барытын төттөрү өҕүтэн ылаҕын” диэбитэ. Биһиги саҥа ыал буолбут кэммит этэ. Кирэдьиит үөһэ кирэдьииккэ олорорбут. Онон харчыга быстаран да хаалар түгэммит баара. Ол иһин “Ол Тугезе” туһунан кэпсээбитин ымсыыра санаабыппыт. Кирэдьиит биэрдэхтэринэ, киириэҕим, суох да суох диэбитим. Бааҥҥа баран сайаапка биэрбиппит. Тута 180 тыһ. солк. биэрбиттэрэ. Онон кирэдьиит ылан, 180 тыһ. солк. укпуппут. Дуогабар баттаспыппыт да, кэлин юристка тиийэн көрдөрбүппүт, сымыйа докумуон буолан тахсыбыта. Ханна да регистрацията суох этэ. Эгэ сайта, аадырыһа кэлиэ дуо?
Усулуобуйа быһыытынан, өссө икки киһини аҕалыахтаах этибит. Оччоҕо харчыбыт төннүөхтээх этэ. Биир ый кэтэстибит. Туох да хамсааһын тахсыбата. Харчыбытын төттөрү көрдөөтүбүт. Дуогабарга, өскөтүн киһи киллэрбэтэххинэ, харчыгын төттөрү ылаҕын, 10 % тутуллар диэн этэ. Харчыбытын биэрбэтилэр. Иккис ыйбытыгар сордоон-муҥнаан бастаан отут, онтон сүүрбэ тыһыынча биэрдилэр. 130 тыһыынчабыт таах хаалла.
Туох да бородууксуйата да, туга да суох. Харчыгын угаҕын эрэ. Офистаахтар. Ол офистарын, кэлин билбиппит, күн аайы уларыта сылдьаллар эбит. Биир олорор аадырыстара суох. Онон манныктартан билигин сэрэнэбин, угаайыга киирэн биэриэхпин баҕарбаппын.
Аграфена КУЗЬМИНА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru