Пионербаһаатайдар ыччат-баһаатайдары кытта көрүстүлэр

Ааптар: 
17.02.2019
Бөлөххө киир:

 1924  с. олунньу 17 күнүгэр Спартак аатынан этэрээт бастакы пионерскай сбора буолбут.

edersaas.ru

Оччолорого этэрээт 62 пионердаах эбит. Онон олунньу 17 күнэ Саха сирин пионерскай тэрилтэтэ төрүттэммит бэлиэ күнүнэн ааҕыллар. Ол кэмтэн ыла 95 сыл ааста. Батсаапка  тарҕаммыт бу хаартыска пионер сылларын дууһаларыгар илдьэ сылдьар дьоҥҥо олус күндүтэ чахчы. Биһиги пионер сааспытыгар төһөлөөх пионерскай слет буолан ааспыта буолуой?

Саха сирин пионерията төрүттэммит 95  сылынан сибээстээн, бэтэрээн-баһаатайдар уонна бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэ үрдүк уонна орто анал үөрэх кыһаларын иһинэн үлэлиир педагогическай этэрээттэр баһаатайдара мустан, бэртээхэй көрсүһүү дьоро күнүн тэрийдилэр.

Ыччаттар сэбиэскэй кэм баһаатайдарын ахтыыларын олус интэриэһиргээн иһиттилэр.

Бүлүүттэн бу көрсүһүүгэ анаан кытта кэлбит бэтэрээн-баһаатай Наталья Алексеева, бэйэтэ да этэринии: «Биһиги оҕолор дууһаларыгар кутаа уоту уматан, сырдыкка-кэрэҕэ уһуйар соруктаах үлэлээбиппит«, — диэн эппитэ,  ыччаттар хайдахтаах курдук кини кэпсээнин  болҕомтолоохтук истэ олороллоро да туоһулуур.

Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар Галина Сидорованы билбэт орто саастаах киһи суоҕа чахчы. Галина Васильевна билигин да сэбиэскэй кэм баһаатайын чуор куолаһынан ахтыы оҥорбутун ыччаттар да, кини үөлээннээхтэрэ да олус сэргээн иһиттилэр. Баһаатай бачча сыллар тухары үлэтин архыыбын бэҕэһээ оҥорон таһаарбыт истиэнэ хаһыатын курдук харыстаан илдьэ сылдьарыттан киһи сөҕөр эрэ.
Көлүөнэлэр көрсүһүүлэригэр Намтан бэтэрээн-баһаатай Клавдия Сивцева анаан кэлэн кыттыыны ылла. Кини баһаатай дьүөгэлэриттэн бэлэх тутан, олуһун үөрдэ.
Оттон сэбиэскэй кэмҥэ Дьокуускай куорат 3 №-дээх оскуолатын  аатырбыт  баһаатайа  Нина Барашкова куоракка сиэнин кытта күүлэйдии сылдьан, дьон субу-субу кинини кытта дорооболоһоллоруттан кырачаан киһи соһуйан: «Ити кимнээҕий? Бары эйиигин билэллэр дуо?» — диэн ыйыттаҕына, бэтэрээн баһаатай киэн тутта: «Ити — мин пионердарым!» — диэн хоруйдуур эбит. Нина Афанасьевна үбүлүөйдээх күн үөлээннээхтэриттэн уонна ыччаттартан сэмэй бэлэхтэри тутта.
Сэбиэскэй кэм баһаатайдара бэйэлэрин формаларын уура сылдьан, үөрүүлээх кэмҥэ кэтэллэрэ үчүгэйин көр. Хайдах эрэ оҕо сааскын санатарга дылылар…
Бэтэрээн баһаатай, ытык Тааттаттан төрүттээх Людмила Богатырева бэлиэтээбитин курдук, бу олороллор дии, сэбиэскэй кэм, нууччалыы эттэххэ, «легендарнай» баһаатайдара! Хайдахтаах курдук кинилэр харахтара уоттааҕый, билигин да кэрэҕэ-сырдыкка угуйар
көхтөөх дьонуй!
«Дьулуур» Оҕо тэрилтэтин салайааччытынан үлэлиир Александра Антоева баһаатай ханнык да кэмҥэ олорбутун иһин, өрүү оҕону кытта бииргэ сылдьарын бэлиэтээн туран, 95  үбүлүөйдээх сыл биир эрэ күнүнэн бэлиэтэммэтин эттэ уонна көрсүһүү кыттыылаахтарын сылы быһа бииргэ үлэлииргэ ыҥырда.
Онон мантан инньэ Сомоҕолоһуу сылыгар бэтэрээн-баһаатайдар уонна ыччат-баһаатайдар бииргэ түмсэн сылы быһа араас тэрээһиннэри ыытыах буолан көрсүһүүлэрин түмүктээтилэр.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Cаха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0