Мэҥэ Хаҥалас улууһугар «Мэҥэ кэскилэ» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо хамсааһынын иһинэн үлэлиир улуустааҕы оҕо уопсастыбаннай тэрилтэтэ В.И. Ленин аатынан пионерскай тэрилтэ 95, өрөспүүбүлүкэҕэ оҕо хамсааһынын 25, улууска Оҕо инициативатын сылларыгар анаммыт слету тэрийэн ыытта.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru
Тэрээһиҥҥэ улуус 25 оскуолатыттан 200 оҕо кыттыыны ылла.
Бочуоттаах ыалдьыттарынан оҕо уопсастыбаннай тэриллиилэрин салайа сылдьыбыт, оскуолаларга араас сылларга пионербаһаатайдарынан үлэлээбит бэтэрээннэр буоллулар.
Слекка 2015 сыллаахха ууга тимирэн эрэр дьону быыһаабыт Ороссолуода 10 кылааһын үөрэнээччитэ Эдгар Игнатьевка уонна Трифон Антоновка (өлбүтүн кэннэ) «Сылаас сүрэх» («Горячее сердце» ) диэн анал бэлиэни туттардылар.
Тэрээһиҥҥэ «Мин уопсастыбаннай тэрилтэм», «Салют, Пионерия!» диэн стройунан хаамыы күрэҕэ, «Мэҥэ кэскилэ» диэн гитаранан ырыа куонкуруһа, онтон да да атын бэрт интэриэһинэй тэрээһиннэр буоллулар.
Оҕолорго тэриллибит слет буолан, көрдөөх түгэннэрдээх истиэндэлэр,көрүдьүөстээх түгэннэргэ хаартыскаҕа түһүү кытта тэриллибит.
Ити курдук аҕам саастаах дьон эдэр саастарыгар, орто саастаах көлүөнэ дьон пионер кэминээҕи оҕо саастарыгар төннөн ыллылар, оттон аныгы үйэ оҕолоро: «20-с үйэ саамай дьоллоох кэмэ маннык эбит ээ…» — диэн эбэлэрин, эһэлэрин уонна төрөппүттэрин олорбут сэбиэскэй кэмнэрин туһунан өйдөбүл ыллылар.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru