Пластиковай картаны даҕайан эрэ баран, 1 тыһ. солкуобайга диэри пин-кода суох төлөһүөххэ сөп этэ.
Visa хампаанньа муус устар 13 күнүттэн Арассыыйаҕа бу сууманы 3 тыһыынчаҕа диэри улаатыннарда. Биллэн турар, маҕаһыыҥҥа маннык төлөһөргө быдан түргэн, табыгастаах, судургу буолар эрээри, эн картаҕын ылан, ким баҕарар 3-түү тыһыынча солкуобайга маҕаһыынтан туох да хааччаҕа суох атыылаһыан сөп. Ону тэҥэ, улахан куораттарга түөкүттэр метроҕа, оптуобуска картаттан харчы устар терминаллаах сылдьаллар дииллэр. Бу терминалларын кистээн пакекка уга сылдьан, эн суумкаҕар таарыйдахтарына, картаҕыттан 3 тыһыынчаны бэрт судургутук устан ыллахтара ол. Ол эрээри, Дьокуускайга маннык түбэлтэ биллэ илик.
Онон, контага суох карталаах дьон сэрэхтээх буолуҥ. Киин Баан картаны көһүлүөккэ фольгаҕа суулаан илдьэ сылдьыҥ диэн сүбэлиир. Ону тэҥэ, “мобильнай баан” өҥөтүн холботтордоххутуна, төһө харчы киирбитигэр, уһуллубутугар иһитиннэрии кэлэн иһэр. Эн төлөөбөтөххүн эрээри, “картаттан бачча суума уһулунна” диэн иһитиннэрии кэллэҕинэ, Сбербаан 900 нүөмэригэр эрийэ охсон, картаны “блоктатан” кэбиһиҥ.
Сбербаан иһитиннэрбитинэн, Арассыыйаҕа 270 мөл. карта тарҕаммыт, онтон аҥардара – пин-кода суох, даҕайыы ньыматынан оҥоһуллар дьайыылаахтар. Киһи бу маннык ньыматтан аккаастанар бырааба суох, бааннар картаны биэрэллэригэр соҥноон кэбиһэллэр.
2018 сыл күһүнүгэр Visa иһитиннэрбитинэн, Арассыыйа даҕайан төлөһүү ахсаанынан 3 бастаабыт дойдулар истэригэр киирбит.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru