Лүксүгүҥҥэ кыылы иитэр пиэрмэ тэриллибитэ 70 сыла бэлиэтэннэ
Күндү түүлээҕи килиэккэҕэ иитии Саха сиригэр 1936 сылтан, Алтайтан 39 хара саһылы аҕалыахтан, саҕаламмыта.
Хаһаайыстыбалары интэриэстиир туһуттан, бастакы суортаах саһыл, кырса тириитин туттардахха, 80 киилэ эти, 30 киилэ үүтү соҕотуопкалаабыкка тэҥнэнэрэ. Эбии дохуот ылар туһугар хас холкуос аайы кыылы иитэр пиэрмэлэр тэриллибиттэрэ. Биир оннук пиэрмэни “Холбос” өрөспүүбүлүкэтээҕи потребсойуус 1949 с. Кэбээйи улууһугар, Лүксүгүн күөлүн кытылыгар килиэккэлээх кыылы иитэр хаһаайыстыбаны тэрийбитэ. Хаһаайыстыба дириэктэринэн Амма киһитэ, гражданскай сэрии кыттыылааҕа Алексей Евсеевич Кралин таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Бааза оҥоһуллубутун кэнниттэн, 1950 с., бастаан 75 хара саһыл, 1958 с. күөх кырса аҕалыллыбыта, 1960-с сс. нуоркаҕа ылсыбыттара.
Сопхуостар муҥутаан сайдан турар кэмнэригэр, бу пиэрмэ өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыҥ көрдөрүүлээҕинэн биллэрэ. Оччолорго өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 20 тыһ. күндү түүлээх кыыл, ол иһигэр 15 тыһ. хара саһыл, 5 тыһ. күөх кырса иитиллэрэ, сыллата 50 тыһ. тирии туттарыллара.
Эстибит сопхуостар кыылы иитэр пиэрмэлэрин базатыгар тэриллибит араас көрүҥ бас билиилээх хаһаайыстыбалартан ырыынак ыар тыынын тулуһан, билигин алта хаһаайыстыба, ол иһигэр Лүксүгүҥҥэ К.Г.Ноговицына бааһынай хаһаайыстыбата, килиэккэлээх кыылы иитиигэ дьарыктанар. Билигин кини барыта 90, ол иһигэр 60 ийэ саһыллаах. Быйыл 167 саһыл оҕотун ылбыт.
Бу күннэргэ Лүксүгүн бөһүөлэгэр кыылы иитэр пиэрмэ тэрилибитэ 70 сыла бэлиэтэннэ. Ааспыт өттүгэр кыылы иитиигэ үлэлээбит-хамсаабыт бэтэрээннэр Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин аатыттан хоту төрүт салааларга департамент исписэлииһэ Иннокентий Баланов эҕэрдэлээтэ. Нэһилиэк олохтоохтора, үлэ бэтэрээннэрэ кыылы иитии салаатын кэскилин туһунан кэпсэттилэр.
—Соторутааҕыта бигэргэммит «Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын уонна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын, сырье уонна ас-үөл ырыынагын 2020-2024 сылларга сүрүннээһин» судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн кыылы иитэр хаһаайыстыбалар баазаларын хаҥатар, саҥа боруода кыыллары иитэр сорук турда. Онуоха миэстэҕэ үлэни-хамнаһы тэрийэр итиэннэ олохтоох дьаһалта өттүттэн көмө ирдэнэр. Лүксүгүн олохтоохторо салааны сайыннарыыга үлэлиир баҕалаахтар, онон өйөбүл баар буолоуҕа, — диэтэ Иннокентий Баланов.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru