Үөрэх уонна наука министиэристибэтигэр Петровтар дьиэ кэргэни эҕэрдэлээтилэр
“Мин дьиэ кэргэним – мин өрөспүүбүлүкэм” диэн девизтээх “Сыл дьиэ кэргэнэ-2018” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус түмүгэ таҕыста. Ол түмүгүнэн, Саха сирин биэс дьиэ кэргэнэ араас номинацияларынан наҕараадаланнылар.
edersaas.ru
СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтигэр бэҕэһээ “Куорат ыала” номинация кыайыылаахтарын Алена уонна Андрей Петровтары чиэстээтилэр. Кыайыылаах дьиэ кэргэни кытта миниистири солбуйааччы Владимир Тихонов уонна иитиигэ, эбии үөрэхтээһиҥҥэ салаа салайааччыта Ольга Яшина көрүстүлэр.
Алена Вячеславовна уонна Андрей Данилович Петровтар биэс оҕолоохтор. Петровтары кыайыыларынан эҕэрдэлииригэр Владимир Иванович кинилэр ситиһиилээх, айар дьоҕурдаах уонна бары өттүнэн сайдыылаах ыал буолалларын чорботон бэлиэтээтэ. Оҕолорун кытта араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлар. Ол курдук, 2014 сыллаахха “Чугдаарар чуорааннар” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска Гран-при аатын ылбыттар, 2015 сыллаахха “Сатабыллаах саһыл саҕалаах” диэн куорат аҕаларын уонна уолаттарын куонкуруһугар бастаабыттар, эһиилигэр “Муусука шкатулката” диэн дьиэ кэргэн куонкуруһугар Гран-при буолбуттар, ону тэҥэ “Арассыыйа хайыһарыгар” дьиэ кэргэнинэн сүүрүүгэ кыайбыттар.
Ыал ийэтэ Алена Вячеславовна оскуола иннинээҕи тэрилтэҕэ медик, аҕалара Андрей Данилович эбии үөрэхтээһин педагога, “Эйэлги” фольклор ансаамбылын салайар. Бэйэтэ авторскай бырагыраама оҥорбут. Иитиллээччилэрэ өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа, норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах тэрээһиннэргэ лауреат буолбуттар.
Петровтар портфолиоларын уонна Андрей Данилович авторскай бырагырааматын көрөн баран министиэристибэ салаатын салайааччыта Ольга Анатольевна ИП оҥотторорго лицензияны ылыыга боппуруоһу ымпыгар-чымпыгар тиийэ консультациялаһалларыгар сүбэлээтэ.
Көрсүһүүгэ оҕону иитии, күннээҕи олоххо, үлэҕэ-хамнаска сыһыарыы тула кэпсэттилэр. Маныаха ыал аҕата бэйэтин иитэр, сатабылы иҥэрэр холобурун үллэһиннэ. Түмүккэ миниистири солбуйааччы министиэристибэ методическай уонна сүбэлиир-амалыыр көмөнү оҥорорго бэлэмин эттэ. Итиэннэ оҕолор сынньаналларыгар, доруобуйаларын бөҕөргөтөллөрүгэр анаан “Бэс Чагда” киин сэртипикээттэрин, минньигэс бэлэхтэри туттарда.
СӨ Үөрэҕин уонна наукатын пресс-сулууспата.