Петровкаҕа саҥа кыбартаал, хочуолунай уонна оҕо саада аһылыннылар

Бөлөххө киир:

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хара нэһилиэгин олохтоохторугар Сомоҕолоһуу  сыла сэргэхтик саҕаланна. Олунньу 9 күнүгэр Петровка сэлиэнньэтигэр модульнай гаас хочуолунайдаах уонна 90 миэстэлээх, икки этээстээх “Кэрэчээн” оҕо саадтаах “Үрдьүҥэхтээх” саҥа кыбартаал үлэҕэ киирдэ. Кэлимсэ тутуу бырайыага өрөспүүбүлүкэ “2014-2017 сылларга уонна 2020 сылга диэри кэмҥэ тыа сирин сирин тирэхтээхтик сайыннарыы” федеральнай тус сыаллаах бырагырааматын көмөтүнэн олоххо киирдэ.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Алексей Стручков, тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов, СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын дьокутааттара, Мэҥэ Хаҥалас улууһун уонна Хара нэһилиэгин дьаһалталарын салайааччылара, олохтоохтор кытыннылар.

Федеральнай бырагыраама өйөбүлүнэн тыа сиригэр хас да кыбартаал тутулунна. Генеральнай былаан быһыытынан, Петровкаҕа  олорор дьиэлэри сэргэ хочуолунай, оҕо саада үлэҕэ киирдилэр, асфальт-бетон бүрүөһүннээх 5 км  усталаах массыына суола оҥоһулунна, сир учаастактарыгар гаас тардылынна, 4,2 км уһуннаах сиргэ уот холбонно, уулуссаны сырдатар 200 баҕана турда. Дьэ, бу саҕаланыыта эрэ.  Хара нэһилиэгин баһылыга Дария Назарова салалтатынан “Үрдьүҥэхтээх” кыбартаалы салгыы сайыннаран, манна орто оскуоланы, спортивнай стадиону уонна атын эбийиэктэри тутар баҕалаахтар.

“Бүгүн бу кыбартаалга 40 тахса эдэр ыал олорор – бу тыа хаһаайыстыбатыгар, доруобуйа харыстабылыгар, үөрэхтээһиҥҥэ үлэлиир исписэлиистэр. Улуус нэһилиэнньэтэ бүддьүөт эйгэтин араас салааларыгар үлэлиир эдэр исписэлиистэр көһөн кэлиилэринэн улаатан иһэрэ кэрэхсэбиллээх. “Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын стратегическай хайысхаларын туһунан” Айсен Николаев Ыйааҕын толоруу чэрчитинэн, бу үлэлии турар өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраама өссө саҥа редакциянан ылыллан, тыа сирин кэлимсэ сайдыытыгар, тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытыгар уонна тыа сирин социальнай эйгэтин салгыы сайыннарыыга бары усулуобуйа тэриллиэҕэ”, — диэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Алексей Стручков.

“Үрдьүҥэхтээх” кыбартаалга олорор элбэх оҕолоох ыаллар бу үөрүүлээх күн ыалдьыттарга олороллорун көрдөрдүлэр, үөрүүлэрин үллэһиннилэр.

Элбэх оҕолоох Адамовтар сир учаастагын ылан, толору хааччыллыылаах кэтэх дьиэни туттубуттар. Ыал ийэтэ Жанна Адамова “Земский доктор” бырагырааманан улууска үлэлии кэлэн, тыа сирин поликлиникатыгар педиатр-бырааһынан үлэлиир. Кинилэр бу саҥа кыбартаалга олороллоруттан үөрүүлэрэ муҥура суох уонна махталларын биллэрэллэр.

“Кэрэчээн” оҕо саадын иитээччитэ Февронья Сидорова  1975 сылга тутуллубут эргэ оҕо саадыгар үлэтин саҕалаабыта. “Эһиил биһиги тэрилтэбит 45 сылын туолар. Үбүлүөйү көрсө саҥа дьиэҕэ киирбиппит дьиҥнээх бэлэҕинэн буолла. Тутуу 2018 сыллаахха саҕаламмыта уонна бүгүн “Кэрэчээн” оҕо саада киэҥ-куоҥ, сырдык дьиэҕэ үлэлиир кыахтанна. Манна оҕо сайдыытыгар бэртээхэй усулуобуйа тэрилиннэ”, — диэтэ кини.

Бу үөрүүлээх күн олохтоохтор “Арктика-строй” ХЭТ, “Электромонтаж” ХЭТ хампаанньалар үлэһиттэригэр махтаннылар. Бары тутааччыларга, тыа сирин кэлимсэ сайыннарыыга кылааттарын киллэрбит нэһилиэк дьаһалтатын, тэрилтэлэрин үлэһиттэригэр өрөспүүбүлүкэ салалтатын, Судаарыстыбаннай Мунньах (Ил Түмэн), министиэристибэлэр ааттарыттан наҕараадалары туттардылар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин дьаһалтатын пресс-сулууспата  

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0