Петр Захаров: «Саха сирэ доруобуйа харыстабылыгар туспа стратегиялаах буолуохтаах»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

«Ил Дархан Саха сиригэр мэдиссиинэ стратегиятын туһунан ыйааҕа өрөспүүбүлүкэбитигэр нэһилиэнньэ доруобай буолуутун ситиһэргэ көмөлөһүөҕэ», — диэн бэйэтин санаатын Арассыыйа үтүөлээх бырааһа, Өрөспүүбүлүкэтээҕи мэдиссиинэ национальнай киинин кардиохирургическай салаатын сэбиэдиссэйэ Петр Иванович Захаров үллэстэр.

«Бу докумуону ылыныы олоххо баарга тирэҕирэр, киһи доруобуйата ханнык баҕар эрэгийиэҥҥэ саамай сүрүнүнэн буолар. Дьон уонна нэһилиэнньэ доруобай буолуута бастакы былааҥҥа туруохтаах. Бу боппуруоска Ил Дархаммыт Айсен Николаев болҕомтотун уурбута үөрдэр», — диир Петр Захаров.

Итиэннэ Арассыыйа үтүөлээх бырааһа этэринэн, Саха сирэ эрэгийиэн быһыытынан учуоттаныллыахтаах бэйэтэ уратылардаах. «Биһиэхэ Арктика сирэ киэҥ, тырааныспар, айылҕа усулуобуйата атын. Бу барыта доруобуйаҕа дьайар, ол иһин бэйэбитигэр сөп түбэһэр стратегия баар буолуохтаах. Саҥа докумуоҥҥа профилактика уонна үрдүк технологиялаах мэдиссиинэ сайдыытын туһунан түһүмэхтэр бааллара ордук үөртэ.

Хомойуох иһин, Арассыыйа аан дойдуга сүрэх-тымыр ыарыыттан өлүүгэ бастакы миэстэлээх. Бу балаһыанньаны көннөрүөххэ наада, онуоха хамсааһын барда. Быйыл биһиэхэ бу ыарыылары эмтиир саҥа киин үлэлээн саҕалыаҕа. Инникитин бу киин федеральнай таһымнаах буолуон баҕарабын «, — диэн Петр Иванович эбэн этэр.

СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0