Спорт суруналыыһа Петр Павлов норуоттар икки ардыларынааҕы куонкуруска ситиһиитэ

Ааптар: 
06.09.2017
Бөлөххө киир:

АХШ тустууга федерациятын анал сайта (http://www.themat.com) сыллата улахан таһымнаах күрэхтэһиилэр кыайыылаахтарын билгэлээһиҥҥэ тустууну сырдатар суруналыыстарга ыйытык-куонкурус тэрийэн ыытар. Быйыл атырдьах ыйыгар Париж куоракка буолбут спортивнай тустууга аан дойду чөмпүйэнээтин көрсө тэриллибит ыйытыкка АХШ-тан, Канадаттан, Арассыыйаттан, Японияттан, Ирантан, Швейцарияттан, Норвегияттан барыта 23 суруналыыс кытынна. Бу аан дойдутааҕы таһымнаах тэрээһиҥҥэ биһиги биир идэлээхпит, «Дьулурҕан» хаһыат эрэдээктэрэ Петр Павлов иккис миэстэни ылары ситистэ. edersaas.ru

Парижтааҕы түһүлгэ уон үс чөмпүйүөнүн таба таайбыт норвежец Пер-Кристиан Стовринг биир санаанан куонкурус кыайыылааҕынан билинилиннэ. Кини гректии-римнии тустуу – түөрт, дьахталлар тустууларын – биэс уонна көҥүл тустуу – түөрт чөмпүйүөнүн таба ааттаата. Манна даҕатан эттэххэ, Стовринг көҥүл тустууга 65 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа грузин Зураб Якобашвили бастыаҕын таба таайбыта соҕотох киһинэн буолла.

Арассыыйаттан саха суруналыыһа Петр Павлов уонна Иран сонуннарга ааҕыныстыбатыттан Али Фейзасан 12-лии очукуону ылан, иккис миэстэни үллэһиннилэр. АХШ түөрт суруналыыһа 11-дии очукуолаах үһүс көрдөрүүлэннилэр.

Маннык ыйытык-куонкуруска мин хаһыс да кыттыым. Ол курдук, иллэрээ сыл үһүс көрдөрүүлэммитим,  — диир спорт суруналыыһа Петр Павлов. — Манна баҕалаах эрэ барыта кыттар буолбатах. Тустууну сырдатар суруналыыстар бэйэбит норуоттар икки ардыларынааҕы бөлөхтөөхпүт диэххэ сөп. Онно чилиэнинэн ылыллыбыттар эрэ маннык хабааннаах күрэскэ анал ыҥырыынан кыттар бырааптаахтар.

Быйылгы куонкуруска Петр Семенович, тустуу тылынан кэпсээтэххэ, норвежецка 12:13 ахсаанынан кыл-мүччү хотторон, иранецтыын иэмэх мастыы эриһэн 12:12 ахсаанынан тэҥнэһэн таҕыста, онно иккис бочуоттаах миэстэни үллэһиннэ. Эҕэрдэлиэҕиҥ!

Манна даҕатан эттэххэ, бу ыйытык-куонкурус кыайыылаахтарыгар туох да бириис көрүллүбэт.

Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0