Петр Макаров: «Саха тыйаатырын 117 –с айар дьылын Москваҕа арыйыахпыт!»

10.09.2022
Бөлөххө киир:

П. А. Ойуунускай аатынан саха академическай тыйаатырын дириэктэрэ Петр Макаров быйылгы 117‑c айар дьылы арыйар Арассыыйа түөрт куоратын хабар гостуруол туһунан сырдатта уонна үлэ-хамнас хаамыытын билиһиннэрдэ.

Умсугутуулаах дьикти идэ…

— Петр Тимофеевич, артыыс идэтин баһылаан, Саха тыйаатырын кытта эйгэлэһииҥ туһунан кэпсээ эрэ.

— Биһиги М.С Щепкин аатынан тыйаатыр үрдүк кыһатын училищетыгар 1998 сыллаахха киирэн баран, 2002 сыллаахха идэлээх артыыс аатын сүгэн дойдубутугар эргиллибиппит. Дьэ ол кэмтэн ыла уон аҕыс сыл артыыһынан үлэлээтим. Сахам тыйаатырыгар ананыахпыттан ханна даҕаны халбарыйбакка үлэлээн кэллим. Артыыс идэтэ диэн наһаа интэриэһинэй уонна идэ быһыытынан умсугутуулаах. Ол эрээри уустуктардаах. Бырааһынньык кэмигэр үлэбит-хамнаспыт ордук күүһүрэр. Өрөбүллэргэ, бырааһынньыктарга үлэлиибит. Уопсайынан тыйаатыр үлэһиттэригэр сынньалаҥ диэн суоҕун кэриэтэ. Мин тыйаатырга артыыстыахпыттан элбэх оруоллары толорон кэллим. Кыра, улахан оруол диэн араарбакка барытыгар ылсабын. Маассабай сыанаҕа да буоллун, сүрүн дьоруой оруола да буоллун. Сыанаҕа тахсар диэн дьол. Биһиги Москваттан үөрэхпитин бүтэрэн кэлэрбитигэр идэбит ис хоһоонун өйбүтүгэр-санаабытыгар, эппитигэр-хааммытыгар иҥэринэн кэлбиппит. Артыыс диэн ким буоларын онно үчүгэйдик олохсутан, үөрэтэн-такайан ыыталлар. Учууталларбыт артыыс олоҕо хаһан даҕаны чэпчэки буолуо суоҕа диэн этэллэр. Кырдьык оннук! Эһиэхэ оруолгутун атын дьон оҥорон биэриэ суоҕа. Тиэкискитин дьон суруйан, ыстаан биэриэ суоҕа. Онон үлэни таптыыр, бэйэтин кытары күүскэ үлэлиир киһи артыыс үрдүк аатын сүгэр кыахтанар. Ону таһынан биһигини ааты-суолу уйуу, уһаарыллыы туһунан үөрэппиттэрэ. Аатырыаххыт-сураҕырыаххыт, өскөтүн, ону кыайар буоллаххытына, үчүгэй артыыс дэниэххит. Оттон биллэн-көстөн баран кыамматаххытына, дириҥник тимириэххит дииллэрэ. Артыыс идэтэ умсугутуулаах уонна олус дьикти. Саха тыйаатырын сыаната, салгына, өйө-санаата, тыына олох атын. Саха тыйаатырыгар тыыны биһиги аҕалбатах буоллахпыт. Бу ураты тыыны биһиги аксакаалларбыт улуу дьон олохсуппуттара, иҥэрбиттэрэ.

Артыыс уонна салайааччы

— Артыыс идэлээх киһи салайар үлэҕэ кэлбитиҥ туһунан сэһэргэһиэххэ…

— Мин үөрэхпин түмүктээн үлэлии сырыттахпына, Анатолий Павлович Николаев миигин гостуруоллуур биригээдэ салайааччытынан хоту ыыппыта. Оччолорго үлэлээбитим номнуо төрдүс сыла этэ. Бастаан наһаа соһуйбутум. Тоҕо диэтэххэ, бэйэм ол гостуруолга көрдөрүөхтээх испэктээкпитигэр оруоллаахпын, ону таһынан эбээһинэс уонна улахан эппиэтинэс сүктэрилиннэҕэ дии. Туох баар сылдьыахтаах нэһилиэктэрбитин кытта дуогабардаһыы, артыыстар хонук сирдэрин булуу, аһылыктарын, сынньалаҥнарын барытын тэрийии, хас биирдии артыыска туспа сыһыан, быһата, туох баар тэрээһин үлэтэ миэхэ сүктэриллибитэ. Ол сырыыттан ыла сыл ахсын гостуруолга салайааччы быһыытынан ыытар буолбута. Биригээдэбэр уон түөрт эҥин киһини салайан илдьэрим. Ол барыта сүрдээх улахан тэрээһин үлэтин ирдиирэ. Дьэ, ити сылдьан салайааччы буоларга бэйэҥ да билбэккинэн иитиллэр эбиккин. Ити айаннар кэннилэриттэн Анатолий Павлович аны идэлээх сойуус бэрэссэдээтэлинэн оҥордо. «Ол туохпутуй?» диибин. Ону кини: «Дьонуҥ, норуотун туһугар үлэлиир киһи буолаҕын”, — диир. Тыйаатырбыт иһигэр үлэбитигэр куоластааһын, мунньах бөҕөтө буолбута. Дьэ, ол кэннэ бу бэрэссэдээтэл буолан баран дьоҥҥо эппиэтинэһи ылынарым өссө күүһүрбүтэ. Салайааччы буолан туран, тус оруолбун уонна үлэм суолтатын дириҥник онно өйдөөбүтүм. Бэрэссэдээтэлинэн уонтан тахса сыл үлэлээбитим. Ити кэнниттэн 2018–2019 сылларга Анатолий Павлович миигин бэйэтин солбуйааччытынан анаабыта. Ол оҥороругар миэхэ: «Бэйэҕин бэлэмнии сырыт, мин 70 сааспын туолабын, дьэ, сотору бу кириэһилэни, улахан эппиэтинэһи эйиэхэ хаалларыам”, — диэбитэ. Инньэ гынан артыыстыы сылдьан солбуйааччынан үлэлиибин, идэлээх сойууска бэрэссэдээтэллиибин. Итинник тэтимҥэ сылдьан арай биирдэ күүскэ толкуйдаммытым. Арааһа дириэктэргэ баран эрэбин диэн өй бигэтик хатанна. Идэлээх сойуус үлэтигэр сылдьан хас биирдии артыыс, үлэһит кыһалҕатын, дьиэтиттэн-уотуттан саҕалаан барытын билбитим. Хайдах эрэ үлэбэр ис сүрэхпиттэн ылсан кыһалларым. Оччолорго хаһан эрэ дириэктэр оҥоруохтара диэн өйбөр да суох буоллаҕа. Улаханнык санаабат, ыраламмат да этим. Онуоха мындыр, оҕуруктаах өйдөөх Анатолий Павлович Николаев мииигин эрдэттэн бэлэмнии сылдьыбыт эбит. Эрдэттэн, кэлиэхпиттэн сүүрбэ сылы өтө көрөн бэлэмнээбит эбит диэн саныыбын. Биирдэ Анатолий Павловичка киирбитим, сайабылыанньатын бэлэмнээн олорор эбит. «Дьэ, Петр, бу мин суруйдум, тылбар турабын. Мин бу суругу илдьэ Ил Дархаҥҥа бардым”, — диэтэ. Дириэктэргэ анаммыппын саас айылҕаҕа сылдьан иһиттим. Кустаан «һуу-һаа” буолан кэлбитим, Анатолий Павлович барахсан кэбиниэтигэр сииктээх тирээпкэнэн кириэһилэтин сото сылдьар этэ. Бу тыйаатыры атаҕар туруорбут улуу киһи бэйэтинэн быылы сууйан-сотон миэхэ кириэһилэтин туран биэрбитэ. «Үлэлээ, барытын биллиҥ, көрдүҥ, үөрэнниҥ. Бары сөбүлэстилэр”, — диэн баран аҕыйах паапкатын тутан баран аргыый аҕайдык тахсан барбыта. Мин итини тоҕо кэпсээтим диэтэххэ, мин итинэн киэн туттабын. Билиҥҥи саастаах салайааччылар кэмигэр туораан биэрбэттэр. Оттон Анатолий Павлович тыйаатыр сайдар кэскилин туһугар долгуйара сүрдээх буолан, «суолу эдэрдэргэ” диэн санааттан миигин салайааччы оҥордоҕо.

— Эйигин салайааччы быһыытынан тыйаатыр артыыстара, кэллиэгэлэриҥ хайдах ылыммыттарай?

— Манна мин бииргэ үөрэммит доҕотторум, ону сэргэ үгүстэр эрдэттэн көрө-билэ сылдьыбыт буоланнар бары наһаа истиҥник ылыммыттара, өйөөбүттэрэ. Салайааччы буоллум диэн бэйэни билиммэтэҕим, үөһэнэн көрбөтөҕүм. Аҕам саастаах артыыстартан сүбэ-ама хайаан да ылабын. Ону сэргэ артыыстар эрэ буолбакка, тыйаатыр бары үлэһиттэрэ куруук аттыбар бааллар, тирэх буолаллар.

— Салайааччы буолбут киһи үлэҥ-хамнаһыҥ үгүс буолуо. Испэктээккэ оруол толорорго бириэмэҕин хайдах аттарынаҕын?

— Хас биирдии киһи бэйэтин үлэтин сөпкө былаанныахтаах, оччоҕо эрэ табыллар дииллэр. Биһиги тыйаатырбыт саха норуота сөбүлээн сылдьар уораҕайа буолар. Онно дьону көрсөрбөр, тас эйгэни кытта кэпсэтэн, алтыһан ыларбар кыратык ыктаран ылабын. Инньэ гынан эпизод оруоллары эдэр артыыстарга биэрдим. Сүрүн оруолларбын бэйэм толоробун. Испэр син биир артыыс буоллаҕым дии. Ол айар турукка сылдьарга көмөлөһөр. Ити барыта испэр баар. Онтум «хаһан сыанаҕа тахсабын, хаһан сыанаҕа тахсабын” диэн кэйиэлии сылдьар. Артыыстан иитиллэн тахсыбыт салайааччы буоллаҕым эбээт. Билигин даҕаны тыйаатыр гримеркатыгар киирэн доҕотторбун кытта ирэ-хоро кэпсэтиэхпин, дьээбэлэһиэхпин баҕарабын. Урукку оонньообут оруолларбын, ону сэргэ «массовка» да буоллун, барытыгар кыттарга дьулуһабын. Испэктээкпитин туруоруу бэлэмнэниитигэр хайаан да сылдьабын. Сүрүн да оруол буолбатах буоллаххына, артыыс хайаан да бэлэмнэниигэ сылдьыахтаах. Испэктээк туруоруу бүтүн хамаанда үлэтэ. Биир эмит киһи реплика эрэ да саҥарар буоллаҕына, миэстэтигэр баар буолуохтаах.

Ураты сезон арыллыаҕа

— Тыйаатыр быйылгы сезонун хайдах арыйан эрэҕит? Саха тыйаатырдара ханна гостуруоллуу баран эрэҕитий?

— Быйылгы 117‑с айар дьылбытын уратытык арыйар соруктаахпыт. Ол курдук бу ыйга улахан бэлэмнэнии үлэни ыытабыт. Аһыллыыбыт арааһа саха сирин устуоруйатыгар киирэрэ буолуо, Ол курдук Москва куорат Малай тыйаатырыгар сезоммутун арыйаары бэлэмнэнэ олоробут. СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Юрий Степанович Куприяновы, Андрей Саввич Борисовы уонна Анатолий Павлович Николаевы кытта сүбэлэһии түмүгүнэн, өрөспүүбүлүкэбит 100 сылыгар анаммыт Саха тыйаатырын биэс көлүөнэ артыыстара үөрэммит сиригэр Москва куорат Малай тыйаатырыгар тиийэн айар дьылбытын саҕалыахтаахпыт. Дьэ, бу туох ситимнээҕий? Ситимэ олус дириҥ. Биһиги тыйаатырбытыгар 1955, 1966, 1974, 1985, 2002 сылларга Щепкин училищетын үрдүкү кыһатын бүтэрбит уонна 2023 сылга бүтэриэхтээх оҕолор — биһиги бары Малай тыйаатыр оҕолоро буолабыт. Анна Ивановна Кузьминалаах көлүөнэлэриттэн саҕалаан, күн бүгүнүгэр диэри үлэлии сылдьар артыыстар бары Малай тыйаатыр маастардарын, артыыстарын оскуолатын ааспыт дьоммут. Бу айан тэриллэр кыахтаммытыгар мин анаан-минээн Юрий Степанович Куприяновка махтанабын. Кинини кытта иккиэн Москваҕа тиийэммит Тамара Анатольевна диэн Малай тыйаатыр дириэктэрин кытта кэпсэтэн, көҥүллэтэн, биһиэхэ икки күнү биэрбиттэрэ. Онон алтынньы 3–4 күннэригэр бу тыйаатырга испэктээктэрбитин туруораары ох курдук оҥосто сылдьабыт. Манна биһиги Щепкиҥҥэ үөрэнэ сылдьар устудьуоннарбыт бааллар. Ол оҕолорбутун кыттыһыннаран Москва куорат олохтоохторугар, ыалдьыттарыгар Сахабыт сирин, саха тыйаатырын, артыыстарын билиһиннэрэр быыстапканы Малай тыйаатыр улахан фойетыгар бэлэмнии сылдьабыт. Бу барыта биһиги өрөспүүбүлүкэбит 100 сылыгар ананар. Саха култууратын, сайдыытын таһымын, чахчы маннык чаҕылхай омук баар диэн бар дьоҥҥо көрдөрөр-иһитиннэрэр былааннаахпыт. Оттон тыйаатырбыт саҥа айар дьылыгар, ону тэҥэ саҥа туруорууларбытынан бар дьоммутун үөрдүөхпүт. Саха тыйаатырын репертуара сүрдээх киэҥ. Сыл аҥаардаах үлэбит түмүгүнэн икки мөлүйүөннээх грант сүүйбүппүт. Бырайыак чэрчитинэн режиссер Сергей Потапов «Лес» испэктээгин премьералыахтаахпыт. Бу сылга ыччакка аналлаах тэттик испэктээктэри таһаарар баҕалаахпыт. Былаан быһыытынан режиссердарбытыгар иккилии саҥа испэктээги бэлэмниэхтэрэ. Маны сэргэ, Пушкинскай каартаны хамсатыахпытын наада.

Пушкин каартатын үлэтэ күүһүрүөхтээх

— Пушкин каартатынан ыччат тыйаатырга төһө сылдьар буолла?

— Пушкин каартатын туһунан этэр буоллахха, биһиги эрэгийиэммитигэр каарта олоххо ыпсыыта наһаа үрдүк көрдөрүүтэ суох. Тугунан мөлтөҕүй диэн ырытан көрдөххө, олорор сирбит наһаа киэҥ. Нэһилиэнньэ 70% тыа сиригэр олорор. Холобура, хотуттан биир испэктээги көрө диэн хайдах кэлиэхтэрэй? Киин да сиргэ кэлэргэ ороскуоттаах.

Бу каартаҕа биэс тыһыынча солкуобай көрүллэр. Ыччат бу каартанан ый устата киинэҕэ, тыйаатырга сылдьар. Судаарыстыба кинилэргэ сылдьыҥ, сайдыҥ диэн харчы биэрэр. Бу бэрэсидьиэн Владимир Путин кэлэр кэнэҕэски ыччаппыт төрүт култуураларын билэ улаатыахтаахтар диэн бэлиитикэнэн маннык каарта оҥоһуллубута. Ону биһиэннэрэ үчүгэйдик туттубаттар. Сорох оскуолалар маннык каарта баарын төрүт да билбэттэр. 14 саастарыттан 23 диэри саастаах ыччат сылдьар. Култуура тэрилтэлэрэ эрэ буолбакка, манна сүрүн болҕомтону үөрэх министиэристибэтэ ууруохтаах дии саныыбын. Кинилэр хас биирдии оскуола дириэктэригэр, саабыһыгар, кылаас салайааччытыгар тиийэ кэпсээн өйдөтөн уонна оҕолору бэйэлэрэ регистрациялаан биэриэхтээхтэр. Оттон биһиги тыйаатырдар оскуола ааныгар тиийэн турбакка, үчүгэй, хаачыстыбалаах, үөрэтэр-такайар испэктээктэри оҥороммут оҕолор дьүүллэригэр көрдөрүүгэ таһаарыахтаахпыт. Онон, Пушкин каартатын туһунан үөрэх министиэристибэтэ өрөспүүбүлүкэ бары оскуолаларыгар, орто, үрдүк, анал үөрэх кыһаларыгар информацияны тиэрдиэхтээхпит диэн өссө төгүл этэбин.

Саха тыйаатыра Санкт Петербурга «көһөн» барыаҕа

— Ханна гостуруоллуу баран эрэҕитий? Ити Москваҕа айар дьыл арыллыытын кытта ситимнээх дуо?

— Тыйаатырбыт айар дьылын арыллыыта уонна гостуруолбут ыкса ситимнээхтэр. Ити мин быһа түһэн Москваҕа айан туһунан кэпсээбитим. Быһатын эттэххэ, Саха тыйаатырын устуоруйатын саҕахтарын арыйар дьыл күүтэр. Ол курдук Саха тыйаатыра хаһан даҕаны Арассыыйа улахан куораттарын тыйаатырдарын ааннарын арыйан оонньуу илик. Ол эбэтэр биһиги бу ый 25 чыыһылатыгар хомунаммыт Санкт-Петербург куоракка көтүөхтээхпит. 27–28 чыыһылаларга «Александринскай» диэн саамай кыраһыабай, элбэх миэстэлээх тыйаатырга оонньоору бэлэмнэнэ сылдьабыт. Бу Арассыыйаҕа биир улахан тыйаатыр буолар. Бу тыйаатыр уус-уран салайааччыта Валерий Фокин, дириэктэрэ Сергей Емельянов биһиги чугас доҕотторбут-атастарбыт буолаллар. Ол иһин кинилэр биһиэхэ үс күнү биэрэллэр. Бу “Александринскай бэстибээлгэ” ыҥырыылаах ыалдьыттар быһыытынан кыттабыт. Питер көрөөччүтүн ырытан, ырыҥалаан көрөн бараммыт Л. Пиранделло “Шесть персонажей в поисках автора” айымньытынан «Тыйаатырга буолбут түбэлтэни” уонна В. Шекспир «Илиир Хоруолун” көрдөрөбүт. Саха тыйаатыра быйыл Арассыыйаҕа бастакы национальнай тыйаатырдар кэнгириэстэрин тэрийбиппит. Манна отучча эрэгийиэнтэн дириэктэрдэр, режиссердар, уус-уран салайааччылар кэлэннэр национальнай тыйаатырдар таһымнарын көтөҕөр туһуттан Москва куоракка национальнай тыйаатырдар туспа уораҕайданыахтаахтар диэн боппуруостарга киэҥ кэпсэтиилэри ыыппыппыт. Бу кэнгириэс идиэйэтин көтөҕөөччүлэринэн «Александринскай» тыйаатыр уус-уран салайааччыта Фокин уонна дириэктэрэ Емельянов буолаллар. Дьэ, онон “Александринскай” тыйаатырга бүтүн Саха тыйаатырын артыыстара, туох баар сыахтар үлэһиттэрэ бары көһөн бараары олоробут. Сыалбыт-сорукпут — улахан тыйаатырдар үлэлэрин-хамнастарын, дьиэлэрин-уоттарын көрүү уонна билсии буолар. Тыйаатырбыт кэтэх үлэһиттэрэ элбэхтэр, урут айан төлөбүрэ эҥин тиийбэт буолан хаалан хаалаллар этэ. Билигин «Росконцерт» нөҥүө аҥаардас айаммытыгар буллубут. Бу федеральнай бырагырааманан көрүллэр харчы буолар. Онон харчыбыт тиийэр буоллаҕына, тоҕо биһиги дьоммутун барытын илдьиэ суохтаахпытый? Санкт-Петербурга оонньоон баран үргүлдьү Элиста куоракка Калмыкия өрөспүүбүүкэтигэр айанныыбыт. Онно тиийэн балаҕан ыйын 30 күнүгэр Ч. Айтматов «Желанный берег мой” айымньытынан “Хаарыан хампа күөх кытылы“ биир күн иккитэ оонньоон көрдөрөбүт. Кэпсииллэринэн билиэт номнуо бүппүт үһү. Ити кэннэ “Тыйаатырга буолбут түбэлтэбитин” эмиэ көрдөрөбүт. Онтон алтынньы 14–16 күннэригэр аны калмыктар манна кэлэн биһиэхэ испэктээктэрин көрдөрүөхтээхтэр. Бу барыта кэнгириэс түмүгүнэн хардарыта ыалдьыттаһыы диэн буолар. Бэйэбит айаммыт чэрчитинэн Калмыкия кэнниттэн Москваҕа кэлэбит. Ити кэннэ салгыы Хабаровскайга айанныыбыт. Сергей Потапов «Тимир Баасса” испэктээгэ Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук тыйаатырдарын бэстибээлигэр кыттыаҕа. Дьэ, онтон дойдубутугар эргиллэн баран өрөспүүбүлүкэбит иһинэн айанныахпыт. Ол курдук сэтинньи саҥата Мииринэй куоракка тиийиэхтээхпит. Мииринэйгэ нуучча тыйаатыра баар. Манна биһиги сыалбыт-сорукпут — Саха тыйаатыра курдук идэлээх тэрилтэ үлэтин-хамнаһын билиһиннэриэхтээхпит. Саҥа дьылга диэри быйылгы үлэбит-хамнаспыт итинник. Этэргэ дылы, үлэбит күөстүү оргуйар…

Ульяна Захарова.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0