Петр МАКАРОВ: “Норуот иннигэр эппиэтинэспин өйдүүбүн…”

26.05.2020
Бөлөххө киир:

Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын саҥа дириэктэринэн Петр Тимофеевич МАКАРОВ ананыаҕыттан, ый да ааһа илик. Өрөспүүбүлүкэ барыта кэтээн көрөр айар кэлэктиибин саҥа салайааччыта үлэтин хайдах саҕалаата, туох былааннардааҕый? Петр Макаровы бу уонна да атын ыйытыыларга хоруйдууругар көрдөстүм.

edersaas.ru

Кимтэн кииннээх, хантан хааннаах

— Петр Тимофеевич, бастатан туран, саха киһитин сиэринэн, ааҕааччыларбытыгар анаан бэйэҥ тускунан,  кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын, баһаалыста, билиһиннэрэ түс эрэ. Төрүккэр-уускар айар куттаах дьон бааллара буолуо…

—  Мин Хаҥалас улууһун Улахан Ааныгар төрөөбүтүм, улааппытым. Аҕам Тимофей Петрович Макаров үйэтин-сааһын тухары сопхуос үлэһитэ этэ. Манна даҕатан эттэхпинэ, аҕам мин артыыс буолуохпун баҕарарбын, дьиҥэр, бастаан сөбүлээбэтэҕэ… Оттон ийэм Анна Александровна өйөөбүтэ. Щепкиҥҥэ артыыс үөрэҕэр туттарсыыны биллэрбиттэрин араадьыйанан түбэһэ истэн, миэхэ анаан харыстаан уура сылдьыбыт маҥан ырбаахытын бэлэмнээн, сиэппэр аҕыйах мөһөөх харчы уган, үөрэххэ туттарыс диэн алҕаан, куоракка ыыппыта. Ити 1998 сыллаахха этэ. Этэҥҥэ бары  тургутуулары ааһан, Москваҕа сөбүлүүр идэбэр үөрэнэр дьолломмутум. Онон, ийэбэр олус махтанабын. Кини иитээччинэн үлэлээн баран, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Төрүппэр-ууспар, бу тыйаатыр, култуура, искусство эйгэтигэр биир киһи – Саха тыйаатырын аан бастакы идэтийбит режиссера, Москваҕа ГИТИС-и бүтэрбит Спиридон Алексеевич Григорьев баар. Кини мин хос эһээм бииргэ төрөөбүт балтын оҕото.

— Саха тыйаатырын курдук дьоҥҥо-норуокка олус улахан суолталаах тэрилтэ салайааччытынан ананыыҥ эйиэхэ туох санаалары саҕарый?  Үлэҕин туохтан саҕалаатыҥ? Былаан-бырайыак?..

— Саха тыйаатыра – саха норуотун култууратын сирэйэ. Биһиги тыйаатырбыт Саха сирин улуустарын, куораттарын  хотунан-соҕуруунан, илининэн-арҕаанан, бука барытын хабан, үлэлиир. Урут-уруккуттан, Саха тыйаатыра гостуруолга кэлэрин хас биирдии нэһилиэк улахан сабыытыйа, бырааһынньык курдук ылынар. Көрөөччү тыыннаах оонньууну — сценаҕа артыыстары тутан олорон көрөрүн-истэрин олус сэргиир. Айар кэлэктиип Арассыыйаҕа, тас дойдуларга тиийэ биллэр-көстөр.

Оттон саха дьоно бу олус сөбүлүүр уораҕайдарыгар – тыйаатырга киирдэхтэринэ, куттуун-сүрдүүн, өйдүүн-санаалыын сахаларын айылгыта-уйгута уһуктан, сахабыт тылын дуоһуйа истэн, үгүһү-элбэҕи эргитэ санаан, анааран-толкуйдаан тарҕаһаллар… Оннук дириҥ суолталаах тэрилтэ дириэктэрэ буолар диэн, бастатан туран, улахан эппиэтинэс. Тыйаатыр үлэһиттэрин эрэ иннигэр буолбакка, бүтүн саха норуотун иннигэр эппиэтинэс буоларын өйдүүбүн.

Саха тыйаатыра айар үлэтин 1906 сыллаахтан “Бэриэт Бэргэн” олоҥхоттон саҕалаабыта. Оччоттон баччааҥҥа диэри бэйэтин суолун-ииһин, бэйэтин хайысхатын булбут дии саныыбын. Биһиги тыйаатырбыт – тыл тыйаатыра. Көрөөччүлэрбит бу дьиэҕэ киирэн, уу сахалыы тыллаах артыыстары көрөн-истэн, өйдөрүгэр-санааларыгар, кырдьык даҕаны, биһиги, сахалар, маннык тыллаах-өстөөх эбиппит, маннык артыыстардаах, суруйааччылардаах, маннык куттаах-сүрдээх эбиппит диэн, эрэх-турах санааҕа кэлэллэрин туһугар биһиги үлэлиибит. Онон, тыйаатырбыт бастакы дириэктэрэ Алампаттан саҕалаан, Улуу убайдарбыт суолларынан эдэрдии эрчимнээхтик, тэтимнээхтик салгыы үлэлиир-хамсыыр санаалаахпыт. Айар былааҥҥа өссө үчүгэй, интэриэһинэй испэктээктэр бааллар.

Тыйаатырбытын 3 саалалаах оҥороору гынабыт, үөһээ этээскэ – камернай сыана, онно литературнай ааҕыылары, усту­дьуоннары, оскуола оҕолорун кытта көрсүһүүлэри ыытар былааннаахпыт; Аччыгый саалаҕа моно-испэктээктэри көрдөрүөхпүт; Улахан, сүрүн саалаҕа – премьералар, испэктээктэр.  Онон, мин дириэктэр быһыытынан үлэбин дьиэбит-уоппут өрөмүөнүттэн саҕалаатым. Чахчыта да, тыйаатырга өрөмүөн ыытыллыбатаҕа сүүрбэччэ сыл буолла. Көрүүтэ-истиитэ бэрт эрэ буолан, дьиҥэр, этэҥҥэ үчүгэй көрүҥнээх турар.

— Репертуар туһунан эттэххэ…

— Биһиги тыйаатырбыт киэҥ хабааннаах репертуардаах: нуучча классиката, омук суруйааччыларын айымньылара, уонна, биллэн турар, саха классиката, саха суруйааччыларын айымньылара. Билигин, быһа холуйан, 60-ча испэктээктээхпит.  Хас сыл аайы биһиэхэ “судаарыстыба сорудаҕа” диэн кэлэр. Ол сорукпутунан, сылга кырата 5-тии премьераны хайаан даҕаны туруоруохтаахпыт.  Биллэн турар, биэһинэн муҥурдаммаппыт.

КИҺИ хаачыстыбаҕын сүтэримэ!

— Туох уларытыылары киллэрэр санаалааххын?

— 2002 сыллаахха “Щепкини” бүтэрэн кэлиэхпиттэн, сүүрбэччэ сыл  кэлэктиибим хараҕын далыгар сылдьан, бииргэ  үлэлээн-хамсаан, уһуйуллан, үүммүт киһи буоллаҕым.  Онон, дириэктэр буолаат, кэллэ-кэлээт, уларытыылары киллэрэ охсор санаам улахан суох. Киһи да быһыытынан оннук. Тоҕо диэтэххэ, ол сүрүнэ – манна идэлэрин толору баһылаабыт, тыйаатырбыт туһа диэн күннэтэ айар-тутар дьон үлэлиир. Дьонум-сэргэм, кэлэктиибим, тыйаатырбыт туһугар, миэхэ үлэбэр күүс-көмө, тирэх буолуохтара диэн эрэнэбин.  Онон, үгэстэри салҕаан, тыйаатыр үлэлээбитин курдук үлэлиир.

— Эйигин Анатолий Павлович бу эппиэттээх үлэҕэ, дириэктэргэ, анаан бэлэмнээбитэ дииллэр. Бэйэтэ артыыһын идэтигэр көһөн, эстафетаны эйиэхэ эрэнэн туттарда… 

—Ити кырдьык. Анатолий Павлович миигин бэлэмнээбитэ ыраатта. Холобур, дьону кытта хайдах уопсай тылы буларга, гостуруоллуур биригээдэлэри хайдах салайарга үгүс үтүө сүбэлэри-амалары биэрбитэ, билигин да сүбэлиир. Ымпыгар-чымпыгар тиийэ үөрэппитэ уонна сыыйа бэйэбин гостуруол биригээдэтин салайааччытынан анаабыта. Оттон 2005 сыллаахха кэлэктиибим миигин тыйаатыр идэлээх сойууһун бэрэссэдээтэлинэн быыбардаабыта. Онтон ыла үлэһиттэр интэриэстэрин көмүскээн кэллим.

Анатолий Павлович миэхэ аҕам кэриэтэ буоллаҕа. Киниэхэ махталым муҥура суох! Уһуйааччым, учууталым. Төһөлөөх мөҕүллүбүтүм буолуой?!. Хайҕаммытым да элбэх. “Тыйаатырыҥ туһугар олоххун аныыр буоллаххына эрэ үлэҥ тахсыылаах буолуоҕа. Өйүҥ-санааҥ, сүрэҕиҥ-быарыҥ барыта тыйаатыргар, кэлэктиипкэр, кинилэр үлэлиир усулуобуйаларын оҥорууга туһаайыллыахтаах. Уонна саамай сүрүнэ – КИҺИ хаачыстыбаҕын сүтэримэ. Киһи хаачыстыбаҕын сүтэрдиҥ да – ытыктабылы, тапталы, эппиэтинэһи сүтэрэҕин. Эйиэхэ киһилии хаачыстыба баар, ону харыстаан илдьэ сырыт”, — диир Анатолий Павлович.

Ситим салҕанар

— Гавриил Никифоров, Гавриил Ксенофонтов  курдук саха  чулуу дьонун уобарастарын арыйбытыҥ. Маннык оруоллар эйиэхэ ордук чугастар? Өссө ханнык амплуаҕа бэйэҕин көрөҕүн?

— Бу сыллар тухары араас оруоллары айан кэллим — “Сааскы кэмҥэ” Эрдэлиир Миитэрэйи, Манньыаттаах Уолун, “Көмүөлгэ” Гавриил Ксенофонтовы, “Сыгый Кырынаастыырга” Дэгэнэ Дугуй, онтон да атыттары. Оруолларбын барытын күндүтүк саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, хайа баҕарар артыыс оруолун бэйэтэ айан таһаарар, ол иһин төрөппүт оҕотун кэриэтэ саныыр. Онон, биир даҕаны оруолбун кыра-улахан, табыллыбыт-табыллыбатах диэн араарбаппын… Ол эрээри, биллэн турар, ханнык баҕарар артыыска  амплуа диэн баар. Онно сөп түбэһэн  уобараскын арыйдаххына, искэр, табылынна-табыллыбата диэн сыанабыл биэрэҕин. Ол сүнньүнэн, миэхэ саха бастакы  интэлигиэнсийэтин уобарастара ордук чугастар.

— Тыйаатыртан ураты тугунан үлүһүйэҕин?

— Хас биирдии саха эр киһитигэр биир сөбүлүүр дьарыгынан булт-алт буолар. Айылҕалыын алтыһыы. Хааммар удьуор булчут дьоннордоохпун. Онон буолуо, бултуурбун олус сөбүлүүбүн. Кэлэктииппит эр дьоно бары даҕаны булчуттар. Булт көҥүлэ кэллэр эрэ, үгэс быһыытынан, анаан-минээн хайаан даҕаны күн биэрэбит.  Оттон кэрэ аҥардарбыт бу кэмҥэ даачаларын, хаһаайыстыбаларын  көрүнэллэр.

Уопсайынан, тыйаатыр үгэстэрин туһунан этэр буоллахха, биһиги тыйаатырбытыгар 5 көлүөнэ щепкинецтэр үлэлииллэр. Бастакы выпуск 1955 сыллаахха бүтэрбитэ, иккис 1966-ҕа — Зоя Багынанова, Прасковья Адамова, Тимофей Сметанин, Мария Николаева курдук ытык дьоммут, ааттаах-суоллаах артыыстарбыт.

1974 сыллаахха Андрей Борисов, Степанида Борисова, Анатолий Николаев, Изабелла Николаева, Софья Баранова, Михаил Апросимов, Герасим Васильев, Ефим Степанов курдук  талааннаах дьоммут кэлбиттэрэ.

1985 сылтан Петр Баснаев, Лена Румянцева, Дмитрий Михайлов, Иван Попов курдук биллиилээх артыыстарбыт үлэлииллэр.

Оттон 2002 сыллаахха биһиги, 5-с выпусктар кэлбиппит. Ситим быстыбатын, салҕана турдун диэн, Анатолий Павловичтаах улахан үлэни ыытаннар, билигин Москваҕа 6-с устуудьуйа үөрэнэ сылдьар. 2002 сыллаахха биһиэхэ Андрей Саввич, Ефим Николаевич, Герасим Семенович Саха тыйаатырын былааҕын, кэскилбит эһиги буолаҕыт диэн, өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр хатаан туран, этэн-тыынан, туттарбыттара. Билигин биһиги кууруспутуттан Руслан Тараховскай кылаабынай режиссер. Алексей Егоров уонна Дмитрий Шадрин эмиэ өрөспүүбүлүкэбит биллэр-көстөр бөдөҥ айар кэлэктииптэрин  салайааччылара. ТЮЗ-ка 4 артыыспыт ситиһиилээхтик үлэлиир. Онон, үгэс тутуһуллар, ситим салҕанар. Биһиги ытык-мааны кырдьаҕастарбыт — артыыстарбыт, техүлэһиттэрбит дьоһуннаах ааттарын тыйаатырбыт устуоруйатыгар көмүс буукубуларынан киллэрэн, ааттарын махталынан ааттыы турар гына үлэлиэхтээхпит.

—Кэпсээниҥ иһин махтал!

 Саха тыйаатырын устуоруйатын сэгэтэн көрдөххө

*1906 сыл тохсунньу 3 күнүгэр Дьокуускайга, Бирикээсчиттэр кулууптарыгар, «Бэрт киһи Бэриэт Бэргэн» олоҥхоҕо олоҕурбут сахалыы тыллаах театральнай  туруоруу көрдөрүллүбүтэ.   Бу сахалыы тылынан аан бастакы испэктээк этэ.

*1925 сыллаахха «Саха омук» уопсастыба бюрота Дьокуускайга Норуодунай тыйаатыр баазатыгар национальнай труппаны тэрийэргэ уураах ылыммыта. Уус-уран самодеятельностан бастыҥнар талыллан, 1925 с. алтынньы 17 күнүгэр труппа Николай Неустроев «Куһаҕан тыын» кэмиэдьийэтин туруорбута. Бу күн бастакы профессиональнай тыйаатыр төрүттэниитинэн ааҕыллар.

*Национальнай тыйаатыр бастакы дириэктэрэ — бэйиэт, драматург, саха уус-уран литературатын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ  А.И. Софронов — Алампа.

*1934 сыллаахха аан бастакы театральнай устуудьуйаны бүтэрбит артыыстар үлэлии кэлбиттэрэ, кинилэр ортолоругар  Дмитрий Ходулов, Петр Решетников, Виктор Саввин,  уо.д.а. бааллара.

*Тыйаатыр бастакы идэтийбит режиссерунан ГИТИС-и бүтэрбит  С.А. Григорьев буолбута, кини 1933-1958 сс. — тыйаатыр кылаабынай режиссера.

*1934 сыллаахха тыйаатырга саха сэбиэскэй литературатын төрүттээччи, уопсастыбаннай диэйэтэл, лингвист-учуонай Платон Алексеевич Ойуунускай аата иҥэриллибитэ.

*1936 сыллаахха Москватааҕы А.В. Луначарскай аатынан театральнай искусство институтун саха устуудьуйатын бүтэрэн, 20 идэтийбит артыыс үлэлии кэлбитэ.

*Сэбиэскэй кэмҥэ тыйаатыр нуучча классическай уонна арҕаа Европатааҕы тыйаатыр эстетикатын тутуспута, национальнай репертуарын салгыы сайыннарбыта.

*1963-1982 сылларга Саха тыйаатырын кылаабынай режиссерунан Федот Потапов үлэлээбитэ. Кини поэтическай тыйаатыр эстетикатын киллэрбитэ.

*1982 сыллаахтан дьыаланы режиссер Андрей Борисов салҕаабыта итиэннэ олох саҥа, сонун сүүрээни – Олоҥхо тыйаатырын ураты поэтикатынан, эпическэй тыйаатыр үлэтин  саҕалаабыта.

*1986 сыллаахха «Хаарыан хампа күөх кытылым…» испэктээгинэн тыйаатыр ССРС Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреатын аатын сүкпүтэ.

*1995 сылтан Саха тыйаатыра академическай статустаах.

*Билигин Саха тыйаатырыгар эдэр көлүөнэ режиссердар үлэлииллэр —  Сергей Потапов, Руслан Тараховскай, Лена Иванова-Гримм.

*Аан дойду уус-уран култууратыгар бэйэтин миэстэтин булан, Саха тыйаатыра евразийскай классическай тыйаатыр быһыытынан салгыы сайдар.

 

Татьяна МАРКОВА,edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0