Билигин үөрэххэ, нууччалыы эттэххэ, “трансформация” бара турар кэмэ. Онон Учуутал күнүн көрсө хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта — кэми урутаан иһэр көрүүлээх педагогика билимин хандьыдаата, отучча кинигэ ааптара, мэтэдиис, СӨ үөрэхтээһинин үтүөлээх үлэһитэ, ССРС уонна Арассыыйа үөрэхтээһинин, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, СӨ бочуоттаах кырдьаҕаһа, 85 саастаах Петр Кондратьев.
Үһү — тэҥинэн
— Петр Петрович, ааҕааччыларбытыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэрэриҥ буоллар.
— Чурапчыттан төрүттээхпин. Чурапчытааҕы училище үһүс кууруһун бүтэрэн баран, 19 сааспар аармыйаҕа барбытым. Бүтэһик кууруспун куораттааҕы педагогическай училищеҕа ситэрэн, алын кылаас учуутала идэтин баһылаабытым. 1 кылаастан 11 кылааска диэри оҕолору үөрэппитим. Аҕыс кылаастаах оскуолаларга физика уонна математика учууталынан үлэлэтээри, алын кылаас учууталлара идэлээх дьоҥҥо анаан куурус ыыппыттара. Онно үөрэнэн, уонча сыл учууталлаабытым. Салгыы кэтэхтэн үөрэнэн, 1970 сыллаахха география учуутала идэтин ылбытым. Инньэ гынан, математиканы, физиканы, географияны тэҥинэн үөрэппитим. Учууталлар идэлэрин үрдэтэр институкка, Үөрэх министиэристибэтигэр, уопсайынан, үөрэх эйгэтигэр 2015 сыллаахха диэри үлэлээтим. Тохтообутум аҕыйах сыл буолла. Наукаҕа үлэбин билигин даҕаны салгыыбын.
Үөрэх эйгэтигэр – 61 сыл
— Үөрэх эйгэтигэр, уопсайа, 61 сыл үлэлээбит уопуттааххын. Хайдах үлэлээбиккиний? Туох саҥаны киллэрбиккиний?
— Саҥаны киллэриим политиэхиньиичэскэй үөрэхтээһинтэн саҕаламмыта. Ити салааны сыныйан үөрэппитим, Москваҕа элбэхтик куурустарга сылдьыбытым. Политиэхиньиическэй үөрэхтээһин биридимиэтэ суох, ону эһиги булуохтааххыт, көрдүөхтээххит дииллэрэ. Кырдьык оннук этэ. Онон 1976 сылтан ылсан барбытым. Ол көрдөөн, 1990 сыллаахха “Сатабыл” бырагырааманы тобулан киллэрбитим. Оччолорго, Егор Петрович Жирков миниистирдиир кэмигэр бигэргэппиттэрэ. Сахалыы тыллаах оскуолаларга бу биридимиэт үлэ уруогар үөрэтиллиэхтээх диэн этиллибитэ. Инньэ гынан, үгүс сыл устата “Сатабылы” үлэ эрэ сатабылын курдук көрүү буолбута.
“Сатабыл” кэнсиэпсийэ
Кэлин, аҥаардас үлэ уруогар эрэ сыһыаннаах буолбатах, өй-санаа үлэтэ диэн хайыһыннарбытым. Кырдьык даҕаны, дьайыы тыллара буолалларын быһыытынан, сатабыллар хайдах үөскүүллэрин быһаарбытым. Кинилэр саха тылыгар туспа сыһыарыылаах сылдьаллар –ыы уонна – ааһын сыһыарыылар бөлөхтөрө. Дьайыы хаһан саҕаламмыта биллибэт, хаһан бүтүөхтээҕэ биллибэт тыллар. Холобура, “барыы”, “күүлэйдээһин”, “таптаһыы”, “тэрийии”. Ити тыллар биһиэхэ олоҥхоҕо баалларын үөрэтэн көрбүтүм.
Аны саха тылын үөрэхтээхтэрэ хайдах сыһыаннаһаллар эбит диэҥҥэ тиийэн, Афанасий Уваровскай “Ахтыыларыгар” аахпытым. Уваровскай өрүү сатабыл туһунан саҥарар. Холобура, “сатабыллааҕым буоллар” диэн. Кини сүрүн этиитэ – “биир сатабыл эйигин быыһыа” диэн. Ити этии наһаа күүстээх. Чахчы, түүлээхсит түүлээҕинэн аһаан-сиэн, ыанньыксыт эмиэ ынаҕы ыыр буолан, эстибэккэ-быстыбакка олорбута. Онон ити тылларга сахалар сайдыылара көстөр диэн кэлин быһаарбытым. Сатабыл дьайыы тыла буоларын быһыытынан, биһиги олохпутугар “константа” уларыйбат эбит диэн научнай үлэбэр киллэрбитим. Онуоха эбии саха тылларын сатабылга хайдах кубулутуохха сөп эбитий диэн чуолкайдык быһаарбытым.
Дьайыы тыллара
— Хайдах?
— Сатабылы үөрэтии кырамаатыкаҕа суох этэ. Билигин даҕаны суох. Саха тылын дьайыы тылларын үөрэппит учуонайдар суохтар, нууччалыы кырамаатыканан салайтарбыттара. Мин саха тылын үөрэтии атыннык барыахтаах диэн, бу тыл хайдах үөскүүрүн быһаарбытым. Кылгас тыллартан (мин инньэ диэн ааттыыбын), уруккунан биир сүһүөхтээх тыллар дииллэр. Дьиҥэр, оҕо сүһүөх диэни билбэт, биһиги киниэхэ биир сүһүөхтээх, икки сүһүөхтээх диэн соҥнуубут. Оҕо дорҕооннору эрэ быһаарар. Онон аҕыйах дорҕоонноох тыллартан сатабыл тыллара бэркэ үөскүүллэрин быһаарбытым. Бу саха тылын үөрэҕэр арыйыы буолуон сөп диэн атын мэтэдиистэр сыаналаабыттара. Холобур, “быа-быалааһын”, “кус-кустааһын”, “саа-сааланыы”, “ыт-ытыы, ыттаныы”, “мас-мастаныы”, “ох-охсуу”. Ити курдук –ыы уонна –ааһын сыһыарыыларынан хайааһын тыллара куруук үөскүү тураллар. Предикаттар – дьайыы тыллара. Аҥаардас туохтуур формаларынан эрэ бэриллибэттэр. Дьайыы тыллара саха тылыгар туспа формалаах сылдьаллар. Мин оннук ааҕабын. Дьайыы тыллара туспа формалаахтарын өйдөөбөт, үөрэппэт буолан, падежтары үөрэтэллэр этэ дии. Билигин даҕаны үөрэтэллэр. Итиннэ элбэх дьайыы тыла киирэ сылдьар. Аҕыс падежка аҕыс дьайыы тыла киирэ сылдьар. Ону дьайыы тыллара диэбэккэ эрэ, тылы уларытабыт диэн нуучча үөрэҕинэн барбыттар. Дьайыы тыллара аата-ахсаана суох элбэхтэр.
“Дьайыы тыла геноммутугар баар”
— Тылы уларытар диэн быһаарар оҕоҕо судургу буолбатах дуо?
— Ити нуучча мэтиэдикэтэ, биһиэхэ сөп түбэспэт дии саныыбын. Дьайыы тыла биһиги геноммутугар баар. Омук бары үөрэхтээхтэрэ даҕаны ону бигэргэтэллэр. Геноммутугар баарын быһыытынан, ханнык даҕаны падеж эҥин диэни билиммэт. Эппитигэр-хааммытыгар хайдах баарынан иҥэн хаалбыт. Ол эбэтэр, тылы үөрэтии тыл ис хоһоонугар, ону быһаарыыга, ону оҕоҕо иҥэриигэ итиэннэ дьарыгынан толорон эккэ-хааҥҥа тиэрдиигэ болҕомто ууруллуохтаах. Оччоҕо биһиги геноммутугар баар тыллар уһукталлар. Ол уһугуннахтарына, биир дьайыы тылыттан оҕоҕо кэккэлэһиннэри өйдөнөн, “автоматтанан” иһэр эбит. Биһиги өйбүт-санаабыт эрдэ быһааран кэбиһэр. Холобура, дьон сөмөлүөккэ туохтан эрэ куттанан киирбэт дии. Итиннэ киниэхэ “сууллуу” диэн өйдөбүл кэлэр быһыылаах. Дьон өлүүһүкпүн диэн куттанан барбат. Эбэтэр алҕаска өлүөхтээх киһиэхэ “охсуллуу”, “алдьаныы”, “ытыллыы”, “анньыллыы” диэн тыллар тиийэн кэлэллэр быһыылаах. Ол иһин ону эттэрэ-хааннара эрдэ билэн, геномнара этэн биэрэр. Инньэ гынан, кутталлаах дьыала эбит диэн сөмөлүөттэн түһэр, массыынаттан хаалар, оҥоруохтааҕын оҥорбот. Ол иһин интуицияҕын истиэхтээххин дииллэр. Ити функция дьайыы эрэ тылларын быһаарар. Саха тылын кырамаатыкатын биһиги тоҕо ылыммаппытый? Тоҕо диэтэххэ, тосту-туора. Биһиэхэ геноммутугар итинник тыллар суохтар. Тылбыт геномугар сатабыл тыллара сылдьар буоллахтарына, онно кинилэр маарыннаабаттар даҕаны. Ол иһин биһиги ылыммаппыт. Мин алын кылаас оҕолоругар саха тылын уруогун үөрэтэн кэллэҕим. Оҕолор падеһы нойосуус үөрэттэхтэринэ даҕаны, сэттис кылааска диэри бутуллаллар.
Оҕону судургутук үөрэтиэхтээхпит
— Оччотугар, аныгы оҕону хайдах үөрэтэр ирдэнэрий?
— Үөрэх судургутук барыахтаах. Билигин ити Арассыыйаҕа саҕаланан эрэр. Үөрэҕэ суох сахалар оннук үөрэтэр этилэр, ону биһиги кэмигэр өйдөөбөтөхпүт. Ол эбэтэр, оҕо төрөппүттэрин, тулалыыр дьонун көрөн үтүктэн, илиитинэн-атаҕынан үлэлээн үөрэниэхтээх. Киһи хараҕа геномҥа олоҕурар. Оҕо хараҕынан көрдөҕүнэ, тыл генома күүскэ үлэлиир кыахтаах. Ийэтэ дуу, аҕата дуу тылынан саҥарар “барабын”, “кэлэбин”, “тутабын”, “олохтуубун”, ырыа даҕаны ыллаатаҕына “хараҥачай буолла”, “харбыалаһыы буолла”, “борук-сорук буолла” диэн. Оччоҕо оҕоҕо ити тыллар тута уһукталлар, салгыы дьарыктаннаҕына, атын даҕаны тыллары уһугуннарар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн ол тыллары саҥара сырыттаҕына, ханнык даҕаны кырамаатыка ирдэммэт.
Мин аҕам 101 сыл олорбута. Биир даҕаны кырамаатыканы билбэт, суругу аахпат этэ. Ол эрээри, сахалыы олус үчүгэйдик саҥарара.
— Киниэхэ өбүгэлэриттэн бэрилиннэҕэ эбээт.
— Өбүгэлэртэн диэн дьэ ити геном кэллэ. Дьайыыны оҥоро-оҥоро саҥардахха, геномҥа киирэн хаалар. Сатабыл тоҕо күүстээҕий? Киһи үлэлии-үлэлии саҥардаҕына, геном үлэлиир. Оттон үлэлээбэккэ эрэ көннөрү саҥардахха, геном үлэлээбэт.
Үлэ уонна тыл ситимнээхтэр
— Манна даҕатан эттэххэ, сахалар өбүгэбит дьарыгыттан тэйэн эрэбит. Ардыбыт атан хаалаары гынна.
— Атар кыаҕа суох.
— Тоҕо?
— “Көрүү”, “тэҥнээһин”, “уларытыы”, “олоҕурдуу”, “охсуһуу”, “барыы-кэлии”, “уларытыы”, “кубулутуу” о.д.а. дьайыы тыллара хаһан даҕаны сүппэттэр – баҕар, көмпүүтэринэн дьарыктан, баҕар цифровой технологиянан дьарыктан. Бүтүннүүтэ ити тыллар сылдьаллар.
— Дьокуускай куорат оҕолорун сорохторо, холобура, хотуур хайдах таптайылларын буолуоҕунааҕар, от хайдах охсулларын даҕаны харахтаан көрбөтөх дьон. Онон “таптайыы” диэн тылы билбэттэр.
— Оннук, сөпкө этэҕин. Билбэттэр, ол эрээри өйдүүллэр. Саха тыла кырамаатыканан нуучча, омук тылын үөрэтиигэ кубулуйбута. Дьиҥэр, саха тылын кырамаатыката сатабыл тылларын сайыннарыыга, ону истиигэ, ону аттарыыга, онон үлэлээһиҥҥэ, өйүн күүһүрдүүгэ, тылын тупсарыыга туһуланыахтаах этэ. “Таптайыы” диэн тылы билэрин туһугар тимиртэн саҕалаан тугу барытын таптайан көрүөхтээх. Көннөрү тыас даҕаны таһааран таптайыахтаах. Эбэтэр “хатарыы” диэн тыл баар. Маныаха оҕо барытын хатаран көрүөхтээх. “Үүннэрии” диэн тылы билэригэр үүнээйини үүннэриэхтээх. Мин уһуйааннары эмиэ салайа сылдьыбытым. Уһуйааннарга лаборатория тэрийтэлээбиттэрэ. Онно оҕолор үүнээйини үүннэрэн көрөллөр. Оҕо үлэлээн билбит тыла иҥэн хаалар, уһун үйэлэннэҕинэ сиэннэригэр кытта тиийиэхтээх. Тыл олус күүстээх, ордук сатабыл тыла.
Өй үлэтэ илии үлэтин кытта дьүөрэлэһиэхтээх
— Оччотугар билигин оҕону хайдах үөрэтиэхпитин сөбүй?
— Билигин олус үчүгэй кэм кэллэ. Мин учууталлары кытта үлэ уруогар, эбии да үөрэхтээһиҥҥэ үгүс сыл үлэлээтим. Киһи үлэлиир эрэ түгэнигэр сайдар. Оччотугар оҕону куруук үлэнэн хааччыйар ирдэнэр – өйүнэн үлэ, илиинэнатаҕынан үлэ. Өскөтүн, ол суох түгэнигэр, анаан-минээн тэрийэр наада. Илии үлэтэ өйү-санааны сайыннарар. Биһиги урукку үөрэхпит туох итэҕэстээх этэй?
— Туох?
— Аҥаардастыы тылы өрө туппуппут. Ол гынан баран, тыл ис хоһоонун үчүгэйдик өйдөөбөтөхпүт. Тыл киһини сайыннарар диир эрээрибит, чахчы сайыннарарын оҕолорго көрдөрөн, үлэлэтэн биэрбэтэхпит. Билигин даҕаны үөрэх кинигэлэрин көрөбүн. Ол көрдөхпүнэ, дьайыы тыла, дьарыктаныы суохтар, арай, падежтар кэмэ суохтар. Тыл сайдыытыгар туһуламматахтар. Этиини биэрэллэр итиэннэ туһаанын, кэпсиирэтин, ойоҕос чилиэннэрин бул, аннынан тарт, маннык бэлиэтээ дэнэр. Ити тугуй? Оҕо итинтэн туохха үөрэниэн сөбүй? Оҕо туохха да үөрэммэт, тоҕо диэтэххэ, сойон хаалбыт тыллар. Уһугуннарбыта буола сатыыбыт эрээри, өлбүт тылынан саҥарабыт.
Дьарыктаан үөрэтии уонна өйдөөх оҕолор
— Петр Петрович, оҕо сайыҥҥы сынньалаҥар эмиэ ураты көрүүлээххин.
— Биһиги үөрэхпит эргиччи тыл үөрэҕэ буолан, барытын кулгааҕынан истэн, өйдөөн оҥоробут дии саныыбыт. Мэтиэдикэ барыта оҕону кулгааҕынан истэн үөрэтиигэ олоҕурар. Ити буортута улахан. Ол иһин сэбиэскэй оскуола эстибитэ. Тобоҕо билигин даҕаны баар. Көрдөрөн, дьарыктаан үөрэтии оскуолата күүскэ тэнийдэҕинэ, өйдөөх оҕолор элбиэхтэрэ. Ол иһин мин үлэлээбитим устатын тухары сайыҥҥы сынньалаҥы тэрийиини күүскэ туруорсубутум. Сайыҥҥы сынньалаҥ, үлэ лааҕырдара диэн бааллара. Үлэм үс гыммыт иккитин (ити кыччатан этэбин) өрүү командировкаҕа сылдьарым. Итинтэн сиэттэрэн, үөрэх бу диэки хайыстаҕына сөп эбит диэн чуолкайдаан, “Сатабыл” диэн бырагырааманы оҥорбутум – оҕону үлэнэн үөрэтии.
Үлэ уруога, үлэ лааҕыра
— Билигин сайынын — сынньалаҥ эрэ лааҕырдара. Үлэ лааҕыра диэн суох.
— Туруулаһан туран үлэ уруогун суох оҥорбуттара. Үлэ уруогун чааһын атын биридимиэттэргэ ылан биэрэн, тустаах уруогу сэнээбиттэрэ. Нэдиэлэҕэ биир эрэ чаас көрүллэрэ.
— Билигин даҕаны “иккис суортаах уруоктар” диэҥҥэ киирсэр.
— Ити хас даҕаны көлүөнэ уларыйдаҕына биирдэ суох буолар кыахтаах. Арассыыйаҕа хамсааһын тахсан, үлэ баран эрэр. Тоҕо диэтэххэ, аан дойду норуоттара бары компетенцияҕа үлэлииллэр. Компетенция кылгатыллыбыт тылбааһа “сатабыл” диэн. Ол гынан баран, “сатабыл” “компетентность” диэнтэн быдан күүстээх.
— Дойду таһымыгар болҕомто ууруллан эрэр эрээри, оҕо илиитинэн-атаҕынан буолбакка, көмпүүтэр, тиэхиньикэ көмөтүнэн үлэлиэхтээх дииллэр.
— Сөп. Ити сатабыл биир эрэ көрүҥэ. Оҕо тарбаҕынан үлэлээтэҕинэ өйө сайдарын бары норуот үөрэҕиттэн билэллэр. Кунуопканы баттаан, хайаан… Ол гынан баран, бу үөрэх ситэтэ суох диэн билинэллэр. Билигин хайаан даҕаны мастарыскыайдары арыйан ситэриэхтээхпит дииллэр. Манна аан дойду үрдүнэн араас күрэхтэһиилэри ыыталлар.
2000 сыл инниттэн технология олимпиадатын ыытыыны саҕалаабытым. Саха оҕолоро атыттары кыайталыыллара, атыттар күүскэ ылына илик кэмнэрэ этэ. Сайыҥҥы кэмҥэ оҕолор ортолоругар тыраахтарынан сири хоруттарыыга, ынаҕы ыаһыҥҥа, үүнээйини олордууга күрэхтэһиилэри ыыттарарбыт. Бүтүн Сойуустааҕы күрэхтэһиилэр бараллара. Мин 20 сыл онон дьарыктаммытым. Бу улахан түбүктэн ситиһиллэрэ. Ол кэнниттэн Сойууска күрэхтэһэ барарбыт, миэстэлэһэрбит.
Агро-оскуолалары тэрийии
— Агро-оскуолалары тэрийии хайдах саҕаламмытай?
— Оччолорго производственнай үөрэхтээһин диэн баара. Оҕолору, учууталлары үлэлэтии күүскэ барара. Оҕолору тыраахтарга, массыынаҕа сыһыараллара. Ол түмүгэр каменщик, маляр, тутааччы, тырахтарыыс идэтигэр бэлэмнээн таһаараллара.
Тыа хаһаайыстыбатын институтун ректора Афанасий Чугуновка киирбиппэр, үлэм идиэйэтин өйдөөбүтэ. Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар оскуола баар буолуон сөп эбит диэн эппитэ. 1988 сыл ыам ыйыгар министиэристибэҕэ сурук киллэрбитэ, бэс ыйыгар уураах тахсыбыта. Үлэбитин үллэстибиппит. Миэхэ тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаныан сөптөөх бастыҥ оскуолалары быһаар диэн сорудахтаабыттара. Сунтаар улууһун Элгээйи уонна Чурапчы улууһун Дириҥ оскуолаларын талбытым. Тоҕо? Элгээйи оскуолата үчүгэй килиимэккэ уонна сайыҥҥы биригээдэлэргэ сопхуоһу кытта дуогабардаһан үлэлиирэ. Ол эбэтэр, оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнарыгар тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээһиннэрэ эрдэттэн баара. Эрдэттэн үлэлииллэрэ эрээри, агро-оскуола диэн ааттара суоҕа. Онон уураах тахсан, агро-оскуола диэн ааты сүгэн, тиэхиньикэ бэриллэн, хамсааһын саҕаламмыта. Элгээйи уонна Дириҥ оскуолаларын сайдыыларын тэҥнээн көрөр соруктааҕым, бастакы научнай салайааччынан анаммытым. Ити дуоһунаспын күн бүгүҥҥэ диэри босхо сүгэ сылдьабын. Уларыта тутуу кэмигэр Элгээйи оскуолата үлэтин тохтоппута. Дириҥ оскуолата билигин даҕаны таһаарыылаахтык үлэлии олорор. Үөһээ Бүлүү, Сунтаар улууһун оскуолаларын кытта түмсүү тэрийбиппит уонтан тахса сыл буолла. Ол оскуолалар “Тэтим” (технология единой мобильной программы) бырагырааманан үлэлииллэр. Уопсайа, 15 үөрэх тэрилтэтэ кыттар. Сүрүн монографиябар кинилэр үлэлэрин сырдатан турабын.
Агро-оскуолалары сайыннарыы
— Билигин агро-оскуолалары хайдах сайыннарыахха сөбүй?
— Бэйэм көрүүлэрбин этитэлээбитим. Ону кинилэр улаханнык биһирээбэтэхтэрэ быһыылааҕа.
— Тоҕо?
— Билигин агро-оскуола диэн ааттанара табыллыбат, атыннык ааттаннаҕына, сэргэх буолуо этэ диэбитим. Дьарыктаныы ис хоһооно уларыйыахтаах. Ол аата, биридимиэти биридимиэт быһыытынан үөрэтии билигин туһата суох. Хаһааҥҥа диэри ынах туйаҕын, куртаҕын үөрэтэ сылдьыахпытый? Биһиги технологияҕа киириэхтээхпит. Ол эбэтэр, сүөһүнү хайдах аһатан элбэх ыамы ылар, үүтүн тупсарар туһунан толкуйдуохтаахпыт. Итиэннэ оскуолалар технологиянан бэйэлэрэ дьарыктанан, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын бэйэлэрэ оҥорон таһаарыахтаахтар. Холобура, суорат оҥоруутунан, бурдугу ыһыынан, килиэби оҥоруунан, балыктааһынынан…
— Эн туох диэн ааттыаҥ этэй?
— Холобура, балыктааһын оскуолата. Технологияҕа сыстыбыттарын быһыытынан, агротехнологическай култуура оскуолалара (школы агротехнологической культуры) диэн ааттаныахтаахтар диэн түөрт-биэс сыллааҕыта этии киллэрбитим. Үүннэрэрин үүннэрдиннэр, ыырын ыатыннар, ол гынан баран, сүрүн соруктарынан технологиятын сайыннарыы буолуохтаах. Ол бородууксуйатын атыылаан, оҕолор хамнас аахсыахтаахтар. Үөрэнээччилэр билигин үлэһит дьон курдук сылдьыахтаахтар. Арассыыйа оҕо 14 сааһыттан үлэлиирин көҥүллүүр, 16-тан биисинэскэ сыстарын биһириир. Ол аата, үрдүкү кылаас оҕолоро биисинэһинэн дьарыктаныахтаахтар. Мин бу хайысхаҕа үлэлэри суруйталаан турабын. Оскуола урукку курдук тылынан үөрэтиинэн дьарыктаныа суохтаах диэн этиибэр – сатабылга эргиллэн кэлэбит. Тас дойдулар биисинэһинэн дьарыктаммыттара быданнаата, мин ону билсибитим ыраатта. Маныаха хайдах бэлэм буолуохтаахпытый диэн ыйытыыга хоруйдаары, киһи мэйиитин үөрэтиинэн дьарыктаммытым ыраатта.
— Петр Петрович, сэргэх кэпсээниҥ иһин махтал.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru