Петр Гоголев: «Сыллааҕы былааммытын сүрүннээн толордубут»

05.01.2021
Бөлөххө киир:

Сыл түмүктэнэрин саҕана дьон-сэргэ тугу бу сылга ситиспитин, толорбутун, оҥорбутун эргитэ саныыр, ырытар-сылыктыыр үгэстээх. Ол сиэринэн биһиги Ил Түмэн (Судаарыстыбаннай Мунньах) бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголевтан ааспыт сыллааҕы үлэ хайдах барбытын, туруоруллубут сорук-былаан төһө туолбутун, туох уларыйыылар-ситиһиилэр баалларын ыйыталастыбыт.

ҮЛЭ ХАРГЫСТАММАТА

— Петр Васильевич, хааччахтааһын эрэсиимэ биллэриллибитигэр, парламент ыраахтан үлэ киэбигэр көһүүнү хайдах дьаһаммытай?

— Cаха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонун 54-c ыстатыйатын 2-с чааһыгар сурулла сылдьар “Ил Түмэн – былаас сокуону оҥорор, куруутун үлэлиир соҕотох уонна үрдүкү уоргана” диэн. Онон биһиги биир да күн тохтообокко үлэлии сылдьабыт.

Арассыыйа парламеннара бу хааччахтааһыны бары араас бэлэмнээх көрүстүлэр. Биһиги туох да эрэйэ-мэһэйэ суох ыраахтан үлэ киэбигэр тута көспүппүт. Маныаха үлэбитин үс хайысхаҕа туһаайбыппыт.

Бастакыта – быраап өттүн тэрийии. Ил Түмэн 70 дьокутаат­таах. Барыларын социальнай арыты тутуһуннаран, саалаҕа олордор биһиэхэ хайдах да табыллыбат. Онон дьокутааттар бэйэлэрэ: “Тэйиччиттэн үлэ быраабын суһаллык оҥосто охсуоххайыҥ”, — диэн туруорсаннар, муус устар 9 күнүгэр Ил Түмэн Регламеныгар уларытыы киллэрэн, аныгы технологиялары туһанан, ыраахтан олорон үлэлиир балаһыанньаны бигэргэппиппит. Бу сылга барыта 10 пленарнай мунньах буолбутуттан, алтата ви­­део-кэмпириэнсийэ киэбинэн барда.

Дистанционнай көрүҥ би­­һиэхэ, киэҥ сирдээх-уоттаах өрөспүүбүлүкэҕэ, табыгастааҕа билиннэ. Сорох дьокутааттарбыт улуустарга олороллор. Олор урукку өттүгэр кэмитиэт мунньаҕар сороҕор кыайан кэлбэт этилэр. Бэйэлэрин этиилэрин факсынан эбэтэр электроннай почтанан эрдэ суруйан ыыталлара. Оттон билигин Интэриниэт нөҥүө сирэй көрсөн олорон, сокуону дьүүллэһэллэр, кэпсэтиигэ кыттыһаллар.

Иккис хайысхабыт — тиэхи­ньиичэскэй өттүн тэрийии. Оруобуна кэмигэр сөптөөхтүк, сэрэйбит курдук, 2019 сыллаахха парламент көмпүүтэрдэрин, саайтын тупсаран саҕалаабыппыт. Официальнай саайтпытыгар былырыын, үлэлэрин хааччынан кэмитиэттэр, дьокутааттар туһанныннар диэн, куоластыыр модуль оҥорторбуппут. Хата, онтукабыт кэтэхтэн үлэҕэ абыраата. Киһиргээбэккэ эттэххэ, итинник модуль Арассыыйа эрэгийиэннэрин парламеннарын үрдүнэн биһиэхэ эрэ баар.

Үһүс хайысхабыт – Ил Түмэн үлэтин сырдатыы. Эппитим курдук, саайтпыт саҥардыллан, кыамтата улаатан, мунньахтары тута онлайн көрүөххэ сөп буолла. Ону тэҥэ Ютуб ханаалыгар тута эмиэ көстөр. Тугу үлэлии, ханнык боппуруостары быһаара сылдьарбытын күннэтэ сырдатабыт, хардары хоруйу, ыйытыылары, накаастары дьонтон-сэргэттэн ылабыт.

Кэмигэр сөпкө дьаһанаммыт, үлэбит харгыстаммакка, 2019 сыллаахха туруоруллубут соруктары, былааны сүрүннээн толордубут.

БҮДДЬҮӨТҮ ТЫЫРЫЫГА КЫТТЫҺАН

— Парламент ситэриилээх былааһы кытта төһө ыкса сибээстээхтик үлэлиирий?

— 2018 сыл күһүнүгэр өрөспүүбүлүкэ аны кэлэр 5 сылын быһаарар быыбардар буолбуттара. Ол түмүгэр Ил Дархан уларыйбыта, Ил Түмэн алтыс ыҥырыытыгар дьокутааттар талыллыбыттара. Саҥа салалтаҕа тэҥинэн “старт” бэриллэр кэмигэр, Ил Түмэн уонна СӨ Бырабыыталыстыбата көрсөн кэпсэтэммит, биһиги иннинээҕи салайааччылар уурбут бигэ олуктарын хамсаппакка, өрөспүүбүлүкэ интэриэһин көмүскүүр, социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын күүһүрдэр үлэлэрин салҕаан, онно эбии бэйэбит сонун толкуйдарбытын, көрүүлэрбитин олоххо киллэрэн, икки өттүттэн табыгастаахтык, өрөспүүбүлүкэ сайдар кэскилин туһугар барыстаахтык үлэлиир соругу туруорбуппут. Ол курдук, биир сүбэнэн үлэлииргэ дьыалабыай сыһыаны бэйэ икки ардыбытыгар үөскэттибит – ый аайы бы­­лааннарбытын тэҥнээн, бэрэбиэр­кэлээн, аттаран, көдьүүстээх үлэни ыытан саҕалаатыбыт.

Нормативнай базабыт ситэтэ суох буолан, дьокутааттар бүддьүөт тыырыытыгар бастакыттан кытталларын былырыын боруобалаан көрүү быһыытынан, илии тутуһуутунан, этэргэ дылы, биэрбит тылга итэҕэйсэр төрүккэ олоҕуран ­саҕалаабыппыт.

Дьэ, ол курдук “нулевой” ааҕыылар диэни киллэрбиппит. Ол аата, бүддьүөт сокуонун барылын оҥорсууга дьокутааттар хара маҥнайгыттан үлэлэһэр ­буоллулар: сабаҕалааһынтан саҕалаан, быра­йыактааһыны ааһан, тыырсыыга тиийэ.

Итинник ситимнээх үлэ түмүгэр, бастакы, иккис ааҕыыларга урукку курдук хайдыһыы, төттөрү-таары көннөрүүгэ бириэмэни сүүйтэрии улаханнык тахсыбатаҕа. Көдьүүстээҕин көрөммүт, СӨ Бырабыыталыстыбатыгар сокуон барылын оҥорон киллэрэллэригэр эппиппит. Ил Дархан өйөөбүтэ, онон 2020 сыл олунньу 9 күнүгэр “нулевой” ааҕыылар сокуонунан бигэргэммиттэрэ. Бу биһиги эрэ саҕалаабыт бачыыммыт, айбыт ньымабыт буолбатах, Госдуумаҕа уруккуттан баар үнүстүрүмүөн.

“Нулевой” ааҕыылары, дьиҥэр, Ил Түмэн тэриллиэҕиттэн туруорсаллар. Ону билиҥҥи Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба, сайдыы туһугар биир санаанан үлэлиир соруктаах буоланнар, биһиги этиибитин ылынан, Ил Түмэн биэс ыҥырыытын баҕа санаатын толордубут.

Улуустарга сырыттахха, нэһилиэнньэни кытта көрсөн кэпсэттэххэ, дьон-сэргэ бүддьүөккэ элбэх этиилээх буолар. Олору барытын дьокутааттар бүддьүөт барылын оҥорууга этэллэр. Урут официальнай сокуон бырайыага СӨ Бырабыыталыстыбатыттан Ил Дархаҥҥа алтынньыга киирэрэ. Онтон биһиги көрүүбүтүгэр кэлэрэ. Оҥоһуллан хаалбыт сокуону уларытар, биллэн турар, ымпыга-чымпыга элбэх буолара. Оттон билигин саҕаланыытыттан кыттыһар буоламмыт, уларыйбыт усулуобу­йаҕа холкутук бүтэрэбит. Ол эбэтэр, ахсынньы 1 күнүгэр диэри ааҕыылары ааһан, аны федеральнай тосхоллорунан ситэриигэ барар: көмө ылыытыгар, бырагыраамаларга кыттыыга, о.д.а.

Иккиһинэн, ити уларыйыылартан сиэттэрэн, сөбүлэһиннэрэр хамыыһыйа үлэтин сокуоҥҥа тирэҕирэр гына оҥордубут. Урут да маннык киэбинэн парламент үлэлиирэ эрээри, ким бу хамыыһы­йаҕа киирэрин, хамыыһыйа хайдах тэриллэрин эҥин туһунан ирдэбиллэр нормативнай төрүккэ саҥа олоҕурдулар. Сокуонунан мэктиэлэммитэ үлэ бигэ туруктанарыгар, олоххо туһанылларыгар төһүү буолара чахчы.

ИРБЭТ ТОҤМУТ ИРБЭТЭР

— Алтынньыга өрөспүүбүлү­кэбитигэр Госдуума айылҕа баайыгар, сири-уоту бас би­­лиигэ уонна сир сыһыаннаһыыларыгар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Николаев кэлэ сылдьыбыта. Онуоха парламентарийдар ирбэт тоҥу харыстааһын туһунан со­­куону федеральнай таһымҥа ылыналлара уолдьаспытын, бу көҕүлээһиннэрин өйүүллэригэр көрдөспүттэрэ.

— Госдуума дьокутаата Николай Николаев биһиэхэ хаста да кэлэ сырытта. Былырыын Ойуур пуорумугар кыттыбыта. Бу сырыытыгар биһиги Ил Түмэн куруук ту­­руорсар боппуруоһун көтөхпүппүт – ирбэт тоҥу табыгастаахтык туһаныы уонна харыстааһын туһунан. Быйыл «О рациональном использовании и охране вечной мерзлоты» диэн сокуон барылын бэлэмнээбиппит, ону Госдуума федеральнай таһымҥа ылынарын туруулаһабыт. Биһиги ирбэт тоҥу олох тыытыллыбат, ууллубат гына “кэнсиэрбэ­лиир” санаабыт суох. Табыгастаахтык, ол эбэтэр нууччалыы эттэххэ рациональнайдык, туһанар соруктаахпыт. Онно бэйэбит көрүүлэрбитин ыытан, “Север” диэн научнай-үөрэтэр киин Арассыыйа салалтата ыытар аан дойду таһымнаах ­куонкуруһугар кытынна. Хомойуох иһин, өйөөбөтөхтөрө. Ол эрээри эрэл баар –криолитозонаны чинчийиигэ РФ өттүттэн интэриэс күүһүрүөҕэр.

Сир буора-мууһа туһалааҕы эрэ буолбакка, буортулааҕы эмиэ иҥэринэ, тымныы тыынынан хаайан, үөһэ таһаарбакка баттаан сытар. Өйдүүргүт буолуо, 2016 сыллаахха Ямал-Ненец автономнай уокуругар хас эмэ сүүһүнэн сыл сүппүт сотуун ыарыыта (сибирская язва) эмискэ күөрэйэн тахсыбытын. Ол ирбэт тоҥ ирбититтэн. Саамай кутталлааҕа, метан төлө көтөн тахсыан сөп. Углекислай гааһы кытта булкустаҕына, метан атмосферабытын өссө күүскэ ититэр кыахтаах. Ол иһин бу ирбэт тоҥ боппуруоһун федеральнай таһымҥа дьүүллэһэ охсон, сокуоммутун бигэргэтиэхтэрин наада. Николай Петрович үлэлэһэр анал бөлөҕү тэрийиэхтээх.

КОНСТИТУЦИОННАЙ СУУТ СУОХ БУОЛАР

— 2023 сылга диэри эрэги­йиэннэр Конституционнай сууттарын суох оҥортууллар дуо?

— Төрүт Сокуон диэн уоп­састыбаннай сыһыаны сүрүннүүр, дьон үчүгэйдик олорор бырааптарын үөскэтэр ыстандаартары төрүттүүр докумуон буолар. СӨ Конституционнай суута ону араҥаччылыыр соруктаах. Ол эбэтэр, конститу­ционнай хонтуруол уоргана буолар. Холобура, бэйэбит Төрүт Сокуоммутугар олоҕуран, биһиги уопсай орто үөрэхтээһини биэрии быраабын көмүскээбиппит. Борокуратуура буойса сатаабыта, РФ Конституциятын күөмчүлүүгүт диэн. Ону Саха Өрөспүүбүлүкэтин былааһын уорганнара дакаастаан, төттөрүтүн, дьоҥҥо бырааптарын өссө кэҥэтэрбитин, үөрэ­нэллэригэр кыаҕы биэрэрбитин өйдөтөн, Төрүт Сокуоҥҥа ити балаһыанньаны туруулаһан хаалларбыппыт. Өссө да элбэх түгэни биһиги СӨ Конституционнай суутун көмөтүнэн кыайбыппыт. Ол эрээри бары билэрбит курдук, от ыйын 4 күнүгэр РФ Конституциятыгар көннөрүүлэр киирбиттэрэ. Онно этиллэринэн, РФ Конституцията үрдүкү юридическай күүстээх уонна барытын баһыйар өрүттээх. Онон 2023 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри эрэгийиэннэр Конституционнай сууттарын суох оҥоруу сокуонунан бигэргэннэ.

Ол гынан баран, сокуон этэринэн, конституционнай сэбиэттэри тэрийиэххэ сөп. Маныаха быһаарыллыбатах боппу­руос үгүс: бу сэбиэт былаас туспа уоргана буолар дуу, парламент сорҕото дуу? Ылынар быһаарыыта юридическай өттүнэн төһө күүстээҕий? Итинтэн да атын ыйытыыга хоруй РФ билигин биир да сокуонугар суох. Ол иһин эрэгийиэннэр бэйэбит икки ардыбытыгар көрсөн сүбэлэ­һиэхпитин наада. Ону таһынан, Федеральнай Мунньаҕы кытта дьүүллэһэрбит то­­ҕоостоох. Онно бу боппуруоһу иҥэн-тоҥон, илдьиритэн үөрэтэн, сөптөөх түмүккэ кэ­­лиэхпит дии ­саныыбын.

СОКУОНУНАН БИГЭРГЭНЭРЭ ОРДУК

— Баахта бөһүөлэктэрин тоҕо со­­куонунан бигэргэтээри гынаҕыт?

— Саха сиригэр баахтанан үлэ ньымата уруккуттан сайдыылаах. Сылга 62 тыһыынча киһи араас сиртэн кэлэн, бырамыысыланнаска, тутууга үлэлиир. Ол иһин бу боппуруоһу өрүү көтөҕөбүт да, чуолаан бу пандемия кэмигэр сытыырхайда. Ол курдук, Чайыҥдаҕа коронавирус дьаҥа турбутугар, үлэһиттэргэ судаарыстыба өттүттэн өйөбүл оҥорорбутугар, мэдиссии­нискэй көмөнү тэрийэрбитигэр, санитарнай рейстэри ыытарбытыгар, кэккэ миэ­­рэлэри ылынарбытыгар баахта бөһүөлэгэ со­­куонунан бигэргэнэрэ оруннааҕын дьэҥкэ өйдөөбүппүт. Вахтовиктар эмиэ РФ гражданнара, толору бырааптаах дьон буоллахтара эбээт. Ол эрээри, атын сиргэ быстах кэмҥэ наймылаһан үлэлии кэлбит киһи быраабын бигэргэтэр ыстандаартар суохтара адаҕалыыр.

Иккиһинэн, баахта бөһүөлэктэрэ тулалыыр эйгэҕэ дьайыылара улахан. Хотугу сирбит уйан айылҕата ону уйара уустук. Холобура, “АЛРОСА” баахта бөһүөлэгэ үлэлиир сиригэр Аччыгый Ботуобуйа быһыта быстан, кирдээх уулара Иирэлээҕинэн устан, Бүлүү өрүскэ тиийбитин өйдүүр буолуохтааххыт. Эбиитин Сүлдьүкээргэ атын үрэхтэн баһан иһэр уу кыһалҕатын бы­­һаараары анаалыс ылбыттарыгар, ол уу иһэргэ сөбө суоҕа көстүбүтэ. Бу үрэх үрдүкү сүнньүгэр баахта бөһүөлэгэ баар. Хампаанньа ууну ыраастыыр ыстаансы­йалары баахта бөһүөлэктэригэр туруорара эбитэ буоллар, итинник кыһалҕа тахсыа суоҕа этэ.

Үсүһүнэн, бырамыысыланнай тэрилтэлэр сорох тэрилтэлэрин нэһи­лиэнньэлээх пууннарга көһөрүөхтэрин сөп. Оччоҕо олохтоох дьоҥҥо үлэ миэстэтэ да тахсыа этэ, бэйэлэрэ толору быраабынан туһаныахтара этэ. Онон баахта бөһүөлэктэригэр болҕомто ууруллара тоҕоостоох, статустарын сокуонунан бигэргэтэллэрэ ­оруннаах.

БЭЙЭБИТ ХОНТУРУОЛЛУОХПУТУН НААДА

— Сэлии муоһун хомуйууну бэрээдэктиир этиилэргитин РФ “О недрах” федеральнай сокуонугар киллэрэн, ол сокуон барыла билигин Госдуума көрүүтүгэр киирдэ.

— Палеонтологическай фауна үгүс өттө биһиэхэ эрэ элбэхтик хомуйуллар. Онон ити көннөрүүлэри туруорсубуппут ыраатта. Саха сиригэр сэлии муоһа элбэх, онон инникитин да бу эйгэҕэ интэриэс улахан буолуоҕа. Атын эрэгийиэннэргэ аҕы­йаҕынан, култуурунай эрэ сыалга туһаналлар, оттон биһиэхэ экэнэмиичэскэй соруктан, эргинэр туһуттан хомуйаллар.

Федеральнай парламены кытта ыкса ситимнээхтик үлэлэһэр буоламмыт, сокуон бырайыагын көҕүлүүргэ Госдуума бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Алексей Гордеев, үөһэ ахтан ааспыт Николай Николаев, бэйэбит дьокутааппыт Галина Данчикова ылсан үлэлэстилэр. Кинилэр сүүрэн-көтөн, кэпсэтэн, РФ Бырабыыталыстыбатыттан сөбүлэҥи ыллылар.

Онон палеонтологическай өлүктэри хомуйуу сокуонунан бэрээдэктэнэр буолла. Бастакы ааҕыыларын болдьоҕо билиннэ. Биһиги бүгүн-сарсын пленарнай мунньахха бу туһунан кэпсэтиэхпит уонна бэйэбит санаабытын тохсунньу 12 күнүгэр диэри биллэриэхтээхпит. Саамай сүрүнэ – бу эйгэни хонтуруоллааһын субъектарга бэ­­йэлэригэр сүктэриллэрин ситиһиэхтээхпит.

ҮҮТҮ ТУТТАРЫЫ

— Тыа хаһаайыстыбатын саҥа со­­куонун бастакы түмүктэрин аны хас сылынан көрүөхпүтүй?

— Былырыын 2019 сыл ахсынньытыгар Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайбыт Илдьитигэр бу сокуон сүрүн төрүттэрин этэн турар. Ол тосхоллоро бастаан судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа киирбиттэрэ, онтон билигин со­­куоҥҥа тиһилиннэ.

Кырдьык, бу сокуоҥҥа уһуннук үлэлээтибит, дьүүллэстибит. Кэпсэтиилэргэ улуус олохтоох салайыныытын уорганнара бары кыттыбыттара. Ол эрээри, дьон билигин даҕаны өйдөөбөтүттэн сылыктаатахха, сырдатар-быһаарар үлэ ситэ-хото ыытыллыбатах быһыылаах.

Үүтү соҕотуопкалыырга урут 1 мил­лиард 800 мөлүйүөн солкуобай бүддьүөккэ көрүллэр эбит буоллаҕына, эһиилгиттэн 35-тии тыһыынча солкуобай ыанар ынах төбөтүгэр көрүллүбүт үбү эбии көрөн, эһиилгиттэн 4 миллиард солкуобайга диэри улаатта. Тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларга үүт биир лиитирэтэ 50 солкуобай буолар. Оттон кэтэх ыаллар төрүүр ынахтарын төбөтүгэр 35 тыһыынча солкуобай бэриллэр. Биллэн турар, ити харчы тус сыаллаах, онон аска-таҥаска туттубаттар. Хаһаайыстыбаны сайыннарыы наадатыгар эрэ туһаныахтаахтар. Дьон отчуоттууруттан саллар эбит. Бэйэтин кэмигэр Егор Борисов бэрт хамсааһыны көҕүлээбитэ – нэһилиэнньэ быраапка уонна үпкэ-харчыга билиитин үрдэтии үлэтин. Чахчыта да, дьоҥҥо-сэргэҕэ быраап-үп чааһыгар үөрэх наада эбит.

Сокуон бу бастакы түһүмэҕэ эрэ. Тохсунньуттан толору үлэлээн барыаҕа. Муус устар 15 күнүгэр абаанса харчы көрүллүүтүгэр хас киһи сүөһү төбөтүгэр харчы ыларын, хас үүтү туттарарын быһаарыахпыт. Сыыппаралар өссө чопчуланыахтара.

Дьоммут иҥэмтиэлээх бэйэ бородууксуйатын тото-хана аһаатыннар, бэйэ оҥорон таһаарыыта кэҥээтин диэн, маннык кэскиллээх дьаһаллары ылынабыт. Билигин саҥа ирдэбиллэргэ сөп түбэһэн, аймаҕынан дуу, урбаанньыт буолан дуу, тэрээһиннээх хаһаайыстыбаны тэнитэргэ тоҕоостоох кэм кэллэ. Бииргэ түмүстэхтэринэ, тэриллиилээх буоллахтарына, үүтү да 50 солкуобайга туттарар, солбуйса сылдьан үлэлиир кыахтаналлар. Онон дьон-норуот сокуон ис хоһоонун, туһатын толору өйдөөн, ылынан истэҕинэ, байылыат олоххо туһаайыаҕа.

САҤА СЫЛ САРГЫТА

— Олох укулаатын уларыппыт 2020 сыл тус бэйэҕэр туох түмүктэри аҕалла?

— Алдьархай ааҥнаатаҕына, аан дойду ону утарылаһарга улахан бэлэмэ суох эбит. Бу тургутуу барыбытыгар да үөрэх буолла. Тыыннаах кэпсэтии суолтата улаатта. Информационнай технологиялар судаарыстыбаны салайыыга көдьүүстээхтэрин көрдөрдүлэр. Ороскуота, айана-сырыыта суох элбэх боппуруоһу ыраахтан олорон быһаарыахха сөп эбит. Кэлин устунан маннык киэбинэн электроннай бырабыыталыстыба, электроннай парламент тэриллиэхтэрин сөп. Аны туран, атын судаарыстыбалары кытта аҥаардас экэнэмиичэскэй-бэлитиичэскэй эрэ сыһыанынан алтыһар ­буолбатах эбиппит. Хардарыта сибээс эмиэ наадатын өйдөөтүбүт. Ол иһин бу күһүн буолбут Хотугу пуорумҥа Арктика эрэгийиэннэрин парламеннарын икки ардыларынааҕы ассамблеяны тэрийии боппуруоһун көтөхпүппүт. Арктика пуорумугар ону эмиэ өйөөтүлэр.

— 2021 cылы хайдах санаалаах көрсөн эрэҕин?

— Саҥа үүнэр сылтан үчүгэйи эрэ күүтэбин. Мин улахан дьиэ кэргэннээхпин. Кырдьаҕас төрөппүттэрдээхпин. Саастаахтар уонна эдэрдэр бу хааччах­тааһыны бары араастык көрүстүлэр, ылыннылар. Дьонум барахсаттар ыарыыттан дьаарханаллара чуолкай, биһиги да кинилэр тустарыгар долгуйарбыт улахан. Онон бу ыарыы хас биирдии ки­­һиэхэ олох күндү өттүн өйдөттө: доруобуйа уонна чугас дьонуҥ, дьиэ кэргэниҥ инники күөҥҥэ туралларын. Билигин үгүс киһи кэтэх дьиэҕэ олоруон баҕарар буолла. Маны судаарыстыба үчүгэйдик өйөөн, усулуобуйа тэрийиэхтээх. Дьон олоҕор туох да куттал суоһаабатын бастакы уочарат биһиги, былаас үрдүкү уорганнара, хааччыйарга кыһаллыахтаахпыт. Кэлэр сылга олохпут урукку укулаатыгар түһэригэр баҕарабын.

Ил Түмэн пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0