Петр Егоров Саха сириттэн бастакынан ыарахан ыйааһыҥҥа киирсэр идэтийбит боксер буолла. Саха сирин буоксаҕа уон төгүллээх чөмпүйүөнэ идэтийбит боксер лиссиэнсийэтин ылан, Арассыыйа буоксатын федерацията олунньу 8 күнүгэр регистрациялаата. Онон, 31 саастаах Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх Петр Егоров улахан риингэҕэ ыарахан ыйааһыҥҥа — 90,719 киилэҕэ (200+ Lbs — Heavyweight) буоксалаһар кыахтанна.
Петр — Арассыыйа спордун маастара, өрөспүүбүлүкэ биллэр боксера, Саха сирин уон төгүллээх чөмпүйүөнэ. Кини былырыын Арсен Петров аатынан чөмпүйэнээккэ кыайан, Василий Павлов рекордун хатылаабыта – Саха сирин уон төгүллээх чөмпүйүөнэ буолары ситиспитэ.
“Спорт Якутии” таһаарыы боксер олоҕун, буоксаҕа бастакы хардыыларын туһунан ыйыталаста:
— Улахан успуорка бастакы хардыы оҥоһулунна. Олунньу саҕаланыыта идэтийбит буоксаҕа киирсэр лиссиэнсийэбин ылбытым. Маны ыларга хас да түһүмэҕи ааспытым, ол курдук, араас анаалыстары туттардым, мэдиссиинэ кэтээн көрдө, харчы төлөөтүм уо.д.а. Билиҥҥитэ киирсиилэр, утарылаһааччылар, тэрээһиннэр тустарынан этэр эрдэ дии саныыбын. Ол эрээри, быйыл улахан рингэҕэ тахсарга былаанныыбын.
— Петр, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар ситиһиилээхтик күрэхтэһэҕин, Саха сирин уон төгүллээх чөмпүйүөнэ буолаҕын. Буоксанан хаһааҥҥыттан дьарыктанаҕын?
— Идэтийбит буоксаны интэриэһиргээбитим ыраатта. Билигин уопуппар олоҕуран, барытын бэйэм эппинэн-хааммынан билиэхпин баҕарабын. Барыта этэҥҥэ табылыннаҕына, Саха сириттэн улахан таһымҥа тахсыбыт бастакы боксер буолуом. 2018 сыллаахха Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр бэлэмнэнэ сылдьаммын, буокса эйгэтигэр биллэр Игорь Андреев диэн киһилиин билсибитим. Кини “профиларга” холонон көрөрбөр этии киллэрбитэ. Онон, салгыы сыалбын ситиһэр туһуттан, былырыын күһүҥҥүттэн Санкт-Петербург куоракка көспүтүм. Онно Алексей Осокин салайыытынан Буокса академиятыгар дьарыктаммытым. Оттон билигин “Клинч” буокса кулуубугар Андрей Ситников тириэньэрдээх эрчиллэ сылдьабын.
— Эн саамай ыарахан ыйааһыҥҥа – нeavyweight категорияҕа күрэхтэһэр буоллуҥ.
— Кырдьык, бу саамай ыарахан ыйааһын категорията. Мин билигин дьарыктанар ыйааһыным – 98-100 киилэ буолар. Манна ситиһиилээхтик күрэхтэһэр туһуттан сөптөөх бэлэм наада. Хас да ыйдаах дьарык кэнниттэн, көннөрү буокса уонна идэтийбит буокса элбэх уратылаахтар диэхпин баҕарабын. Биир буокса эрэ диэн тыл кинилэри ситимниир быһыылаах. Онтон атына барыта уратылаһар – дьарыктан саҕалаан киирсиигэ тиийэ.
— Бу хардыыны оҥорорго бэйэҥ быһаарыммытыҥ дуо? Кимниин эмит сүбэлэспитиҥ дуу?
— Мин дьиэ кэргэннээхпин, Дьокуускайга бааллар. Кинилэр, чугас дьонум, доҕотторум быһаарыныыбын өйөөбүттэрэ. Ону кытта бастакы тириэньэрим Василий Шестакову кытта куруук сибээскэ баарбын, кини сүбэлэрин туһанабын. Түгэнинэн туһанан, өрөспүүбүлүкэ Буоксаҕа федерациятын бэрэсидьиэнэ Петр Алексеевка уонна “Анаабыр алмаастара” хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Павел Маринычевка өйөөбүттэригэр махталбын тиэрдэбин.
Манна даҕатан суруйдахха, Петр Егоров өссө биир сыаллаах. Кини Саха сирин чөмпүйэнээттэригэр саамай элбэхтэ кыайбыт боксер аатын ылар баҕалаах эбит. Кэлэр ыйга, кулун тутарга, буолуохтаах өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээтигэр табылыннаҕына, Петр Саха сирин рекордун олохтуоҕа.
Александр ПОСЕЛЬСКАЙ, Sportyakutia.ru