Петр Чиряев: “Саха сиригэр таҥыллыбыт стандарт бүтүн Арассыыйаҕа тэнийиэҕэ”
Киинэ оҥоруутун биир сүрүн кыһалҕатынан Арассыыйаҕа көрдөрөр сир аҕыйаҕа буолар. Бу куруутун нэһилиэнньэ аҕыйаҕар эрэ олоҕурбат – киинэни көрдөрөр тэрил сыаната ыараханыттан эмиэ улахан тутулуктаах. Уустук оҥоһуулаах аныгы кинопроектор сыанатыгар “тимир” эрэ киирбэт, бэрт элбэх үп куопуйалыыртан харыстыыр, тыас-уус, көстүү уһулуччу стандарты тутарын хонтуруоллур бырагыраамалар сыаналарыгар сытар. Бу кыһалҕаны Саха сирин өрөспүүбүлүкэтээҕи Киинэ ситимин дириэктэрэ Петр Чиряев Арассыыйа үрдүнэн уларытар санаалаах.
Тоҕо дэриэбинэҕэ киинэ көрдөрбөппүтүй?
Уон сыл анараа олохтоох киинэ оҥорооччулар “тоҕо Дьокуускайга эрэ көрдөрөбүтүй, дэриэбинэҕэ таһаарар тоҕо кыаллыбатый?” диэн кыһалҕа баарын көрдөрбүттэрэ. Саха сиригэр 600 кэриҥэ нэһилиэнньэлээх пуун баар олортон 500-чэкэ кэриҥэ киинэ көрдөрөр кыахтаах кулууптаахтар. Урут, Сэбиэскэй былаас саҕана олох кыра нэһилиэктэргэ киинэ тиийэр этэ. Ол кэмҥэ киинэни тиэрдэр быдан уустук этэ – хас даҕаны тимир дьааһыкка кинопленканы тиэйэн илдьэн, төттөрү аҕалан үлэлиэххэ наада этэ. Билигин үгүс сирдэргэ биир кунуопканы баттаан киинэ файлын ыытыахха сөп эрээри, киинэ көрдөрөр кыахтаах куораттар, нэһилиэктэр тарбахха баттанар аҕыйахтар. Тоҕо? Аҕыйах көрөөччүлээх сирдэргэ киинэ көрдөрүү кырдьык, уустук дьыала. Ырыынак усулуобуйатыгар барыс киллэрбэт тэрээһин биллэн турар олохсуйар кыаҕа суох. Дьиҥэр, кыра да буоллар үп киллэриэн сөптөөх да сирдэргэ эбии мэһэйдэр бааллар. Олортон биир сүрүннэринэн киинэ оҥорооччу айымньытын көрдөрөргө көрдүүр үрдүк стандартарыгар сөп түбэһии буолар. Холобур Голивуд улахан хампаанньалара кыттыһан DCI (Digital Cinema Initiatives) диэн стандарты олохтообуттара. Бу стандарты тутуһар туһугар ити лицензияны сүрүн киинэ оҥорор собуоттарга тарҕаппыттара, онон билигин аан дойду барыта кэриэтэ бу лицензия ирдэбилинэн олорор. DCI ирдэбилэ бэрт кытаанах, көстөр дьүһүн сотору буола-буола калибровкаланыахтаах, тыас-уус эмиэ хонтуруолланар, ону таһынан көрдөрөр экран эмиэ аналлаах поляризацияны биэрэр кыахтаах буолуохтаах. Маннык ирдэбиллэри оннооҕор куорат киинэ тыйаатырдара бары кыайбаттар. Тыа сиригэр баар кулууптары этэ да барбаккын. Ону таһынан дистрибьютордар эмиэ сатаан туолбат ирдэбиллэри биэрэллэр – киинэни күн аайы үстэ төхтөрүйэн үс-түөрт нэдиэлэ көрдөрүөхтээхтэр. Ол балтараа тыһыынча киһи олорор сиригэр биир күн иһигэр бары олохтоохтор көрбүттэрин кэнниттэн ким үһүс нэдиэлэтигэр кэлэн киинэ көрүөҕэй?
Саха сиригэр 24 киинэ тыйаатырын аспыппыт
Бастаки киинэ тыйаатырын арыйан баран өйдөөбүтүм – тыа сиригэр киинэ көрдөрүү биисинэс буолбат эбит. Ол иһин Саха сирин өрөспүүбүлүкэтээҕи Киинэ ситимин тэрийэрбэр тэрилтэбитин НКО (некоммерческая организация) быһыытынан оҥорбутум. Ити муниципальнай тэриллиилэри кытта үлэни лаппа чэпчэппитэ. Өскөтүн ООО курдук барыс киллэрэр тэрилтэ оҥордоххо, олохтоох былаас өйүүрүгэр, алтыһарыгар олус уустук буолан тахсар, араас куонкурс нөҥүө эргийии, уустук докумуоннаһыы, сайаапкалары толоруу элбиир. Оттон бу социальнай хайысхалаах үлэ буоллаҕа дии. Ити гынан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 41 киинэ тыйаатыр баар эбит буоллаҕына 24 биһии ситиммитигэр киирсэллэр. Улуус киинэригэр барыларыгар кэриэтэ киинэ көрдөрөр буолбуппут, олох ыраах сытар хотугу улуустарга эрэ тиийэ иликпит. Саха сиригэр оҥоһуллубут киинэлэри көрдөрүүгэ улахан моһуогу көрсүбэтэхпит.
Биир сүрүн кыһалҕа – пираттааһынтан көмүскээһин. Ону биир ньыманан быһаарбыппыт. Киинэ көрдөрөр сиргэ турар биир компьютерга эрэ сатаан гын кодировкаламмыт куопуйаны ыытабыт, ол куопуйаны устан ылар кыах суох гына анал программа турар. Ол эрэн, бу ньыма олоччу көмүскүүр диир сатаммат. Онон Арасыыйа улахан хампаанньалара киинэлэрин итинник таһымнаах көмүскэллээх ылбаппыт биллэр этэ. Ол иһин, программанан эрэ буолбакка, кинопроектор иһигэр киирэр пираттан көмүскэл наадата биллибитэ.
Бэйэ оҥоһуу кинопроектор
Бэйэ кинопроектарын оҥоруу омос санаатахха биир кыра тэрилтэ кыайбат соруга курдук. Ол эрэн, ылыстахха син кыаллар дьыала эбит. Бастаан техзадание оҥорон, сервердаах проектор мадыалын Японияҕа оҥотторорру сакаас түһэрбиппит Дьоппуоннар 2020 сыл саҥатыгар прототип оҥорон бүтэрбиттэрэ. Ол кэнниттэн хамсык саҕаланар, электроника ырыынага күүскэ мөлтүүр, ол түмүгэр Япониятааҕы партнердарбыт ити бырайыактан аккаастанан кэбиһэллэр. Онотон санкциялар киирбиттэрэ, ол түмүгэр кинопректоры бэйэбит күүспүтүнэн, “Якутия” технопаарка баазатыгар оҥорор туһунан быһаарыныы ылбыппыт. Бу дьаһаныыбытын Ил Дархан Айсен Николаев, Култуура уонна духуобунас министиэристибэтэ өйөөбүттэрэ, үлэ күөстүү оргуйбута. Сүрүн электроникатын, оптикатын Кытайтан сакаастаан ылабыт, бэйэбит программистарбыт суруйбут программаларын туруорабыт уонна тас куорпуһун эмиэ манна оҥоробут. Ити курдук Extra Cinema диэн ааттаммыт Саха сиригэр оҥоһуллубут кинопроектар күн сирин көрбүтэ. От ыйын 7 күнүгэр, Арассыыйатааҕы креативнай нэдиэлэ күннэригэр Москваҕа серийнай оҥорон таһаарыга бэлэм табаары киэҥ эйгэҕэ сүрэхтээтибит. DCI лицензиятынан буолбакка, бэйэ оҥорбут систиэмэтин туһанар буоллахха, киинэ көрдөрөр тэрил сыаната хас да төгүл чэпчиир. Быһа холоон «Extra Cinema» таһаарар проектордара 4-5 мөл. солк. сыаналаах буолуохтаахтар. Бу кыра да нэһилиэк уйунар сууммата.
Атырдьах ыйын бүтүүтэ Extra Cinema үлэҕэ киирэр
Саха сиригэр маҥнайгы уон киинэ тыйаатырга Extra Cinema проектордар пилотнай бырайыак быһыытынан атырдьах ыйын 27 күнүттэн үлэҕэ киириэхтэрэ. Хапсарга ирдэбил элбэх сиргэ кыаллар таһымнаах — көрдөрөр саала (үгүс дэриэбинэлэргэ тутуллубут многофункциональнай кииннэр сөптөөх саалалаахтар), эрэллээх интириниэт уонна 600 киһиттэн итэҕэһэ суох нэһилиэнньэ. Ити маҥнайгы түһүмэх. Бүтэр уһугар тэнийиибит лаппа киэҥ буолуоҕа. Арассыыйаҕа 150 тыһ. нэһилиэнньэлээх пуун баар. 2019 сыл көрдөрүүлэринэн, дойду үрдүнэн 2150 киинэ тыйаатыра үлэлиир, олортон Москваҕа 100, Санкт Петербурга 50, атыттара үксүн эригийиэннэр киин куораттарыгар бааллар. Дьоҕус нэһилиэнньэлээх пууннар олохтоохторо киинэни көрөр кыахтара суох. Биһиги проектордарбытын 5 тыһ. саалаҕа тарҕатан 20 мөл. кэриҥэ нэһилиэнньэни хабар былааннаахпыт.
DCI соҕотох былааһа түмүктэнэр кэмэ кэллэ
Дьиҥэр, DCI стандарт бэрт үтүө сыаллаах – режиссер айымньытын хайдах оҥорбутун көрөөччүгэ чопчу тиэрдии. Ол эрэн, ити санааны ситиһии сиэртибэтэ улахан, элбэх көрөөччү киинэни саалаҕа көрөртөн матар. Ол иһин аан дойду үрдүнэн атын стандартка көһүү туһунан кэпсэтии, хамсааһын саҕаламмыта. Аҥардас АХШ иһигэр Нетфликс курдук сүүнэ улахан онлайн-киинэ тыйаатырдар ити систиэмэни утары тураллар. Кинилэр бэйэлэрэ оҥорон таһаарар киинэлэрдээхтэр, ону абоненнарга төлөбүргэ көрдөрүү таһынан билиэт атыылаан көрдөрөр туһунан санаммыттара ыраатта. Онон, биһиги Extra Cinema бырайыакпыт чороҥ соҕотох сананыы буолбатах, өр кэмҥэ үөскээн турбут кыһалҕаҕа биир олохтоох хоруй буолар. Бастаан Extra Cinema проектордар нөҥүө Арассыыйаҕа уһуллубут эрэ киинэлэри көрдөрүөхтэрэ. Ол кэнниттэн омук сирин киинэһиттэрэ биһиэхэ көрдөрөн барыахтара диэн эрэл баар, барыс киллэрэр суол-иис баар буоллаҕына ким аккаастаныай. Ити курдук, Саха сиригэр айыллыыт, таҥыллыбыт бырайыак Арассыыйа үрдүнэн кэҥээн, сайдан барыаҕа.