Петр Алексеев: «Таас чох актыыптарыттан 37, 7 млрд солкуобай киирбитэ»
“Өрөспүүбүлүкэтээҕи инвестиционнай хампаанньаны” (РИК) Саха сирин салалтата тэрийэригэр икки стратегическай соругу туруорбута: өрөспүүбүлүкэҕэ инфраструктура эбийиэктэрин тутуу уонна регион экэниэмикэтигэр үбү киллэрии. Ситиһиилэр уонна инники былааннар тустарынан РИК генеральнай дириэктэрэ Петр Алексеевы кытта кэпсэттибит.
— Петр Вячеславович, “Өрөспүүбүлүкэтээҕи инвестициялыыр хампаанньа” историята “Якутуголь” акциятын атыылааһыны кытта ситимнээх. Саха сирин уонна Россия Баайга-дуолга министиэристибэлэрин оччотооҕу мөккүөрдэрэ хайдах этэй?
— 2006 с. “Өрөспүүбүлүкэтээҕи инвестициялыыр хампаанньаны” тэрийии Саха сирин судаарыстыбаннай бас билиитигэр баар “Якутуголь” ААУо уонна “Эльгауголь” ААУо акцияларын атыылааһыны кытта быһаччы ситимнээх. Хара маҥнайгыттан Росимущество өрөспүүбүлүкэттэн таас чох акцияларын барытын федеральнай бас билиигэ ылар баҕалааҕа. Ол эрээри федеральнай бырабыыталыстыбаны кытта дьүккүөрдээх киирсии, кэпсэтии түмүгэр, өрөспүүбүлүкэ салалтата кэккэ тутаах боппуруостары быһаарсар кыахтаммыта.
РИК Росимущество уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтэ түһэрсибит Мировой сөбүлэһиилэрин түмүгэр тэриллибитэ. Сөбүлэһиигэ таас чох актыыптарын батарыыттан киирэр үбү-харчыны регион сиригэр-уотугар баар инфраструктура бырайыактарын тутууга ыытары быһаарбыттара.
— Бырайыактары үбүлээһин хайысхалара оччолорго чопчуламмыттара дуо?
— Кырдьык, Мировой сөбүлэһиигэ киирбит үбү туһаныы сүрүн хайысхалара оччоттон биллэллэрэ. Итинтэн аан бастакыта – тимир суолу тутуу. Иккиһэ – өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар инфраструктура бырайыактара. Чопчу бырайыактар РФ Минфининэн быһаарыллыбыттара.
Анал идэтийбит тэрилтэ (РИК — аапт.) тэриллэн, таас чох актыыптарыттан киирбит үп бүддьүөккэ киирбэккэ, уһун болдьохтоох бырагыраамалары өйөөһүҥҥэ ыытыллыбыта. Өскөтүн атыыттан киирбит үп-харчы судаарыстыбаннай бүддьүөккэ угуллубута буоллар, барыта биир сыл иһинэн ороскуоттанан бүтүөхтээх этэ. Аны өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ дотациялаах буолан, ити харчы атын сыалга-сорукка таах бараныа этэ. Судаарыстыбаннай бас билииттэн киирбит үп өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтигэр быһаччы инвестиция быһыытынан угуллубута.
РИК үлэтэ-хамнаһа сыыппараттан эмиэ дьэҥкэтик көстөр: аҥаардас инфраструктура эбийиэктэригэр 37,43 млрд солк. ыытыллыбыта. Ол иһигэр, дьиэни-уоту тутууга – 948 мөл. солк., үөрэхтээһин сайдыытыгар – 1,3 млрд солк., Саха сирин инфраструктуратын эбийиэктэригэр – 4,9 млрд солкуобай, тимир суолу тутууга – 15 млрд солкуобай уо.д.а. Мировой сөбүлэһиини толоруу чэрчитинэн биһиги барыта 460 эбийиэги тутууну үбүлээтибит.
— Холобур?
— Мировой сөбүлэһиигэ үбү туһаныы сүрүн хайысхалара бигэргэммиттэрэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ тырааныспар суолун сайдыытыгар туһуламмыт бөдөҥ бырайыак – бу Беркакит-Томмот-Дьокуускай (Аллараа Бэстээх) учаастагар тимир суолу тутуу. Аны биһиги Уһук Хоту дойду уустук усулуобуйатыгар олоробут, оттук сезона 8 ыйтан тахса уһуннаах. Ол иһин хампаанньа биир дьоһун үлэтинэн нэһилиэнньэлээх пууннары гаастааһын буолар. Билигин тыа сирин тыһыынчанан олохтооҕун дьиэтигэр “күөх төлөн” киирдэ. Маны сэргэ, Дьокуускайга аэропорт пассажирскай терминалын, 160 килэмиэтир массыына суолун, техникумнары, училищелары, балыыһаны, Дьокуускай сүрүн спортивнай комплексын, олорор дьиэлэри туттубут.
Бу РИК үбүнэн тутуллубут бөдөҥ эбийиэктэр эрэ. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторуттан үгүстэрэ итилэр бары биир хампаанньаны кытта сибээстээхтэрин билбэттэр. Өссө биири бэлиэтиэхпин баҕарабын: үгүс тутуллубут эбийиэктэр билигин бүддьүөтү бэйэлэрин нолуок төлөбүрдэринэн толороллор уонна өрөспүүбүлүкэҕэ үлэ миэстэтин тэрийэллэр. Ол аата биһиги чугас дьоммут үлэлээх буолалларын эмиэ хааччыйабыт.
— Өрөспүүбүлүкэ тугу ситиспитэ үөрдэр, ол эрээри таас чох актыыптарын атыылааһынтан Саха сирэ тугу да сүтэрбэтэ дуо?
— Биллэн турар, өрөспүүбүлүкэ тугу да сүтэрбэтэ. Тоҕо диэтэххэ, акциялары федеральнай бас билиигэ босхо биэрбэтибит. Акциялар кириисис иннинэ уонна олус табыгастаахтык атыыламмыттара. Нолуоктар төлөммүттэрин кэннэ, 37, 7 млрд солкуобай үп киирбитэ. Бу барыта эбийиэктэри тутууга ыытыллыбыта.
Бэйэбит аадырыспытыгар сороҕор үгүс кириитикэни истэбит. Мин санаабар, ити ситэ өйдөөбөт уонна итэҕэйбэт буолууттан тахсар. Тоҕо диэтэххэ, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр, атын да регионнарга баай-дуол мөккүөрүн итинник быһаарыы ньымата (туспа тэрилтэ тэрийэн, үбү-харчыны ол нөҥүө ыытыы) суох.
Ити боппуруоска өйдөөн-дьүүллээн сыһыаннастахха, сыыппаралары эридьиэстээтэххэ, өрөспүүбүлүкэ салалтата баай-дуол мөккүөрүн быһаарарга сөптөөх суолу тутуспут.
— 2014 сыллаахха хампаанньа тоҕо ночоокко тэбиллибитэй?
— Ити саҥа саҕалыырга былааннаммыт үбү ороскуоттааһыны кытта ыкса сибээстээх. Сыыппарата суох “кириисис” көстүүлэрин туһунан кэпсиир тутах. Ол эрэн, алта сыл тухары (2010 сылтан 2016 сылга диэри) РИК өрөспүүбүлүкэҕэ 213 инфраструктура эбийиэгин тутан биэрбитэ. Уопсай суумата 15 млрд солкуобайтан тахса.
Хампаанньа кэскиллээх инвестиционнай бырайыактары кытта үлэни саҕалаан, үбү сүтэрбэт уонна дохуоту элбэтэр туһугар кыһаллыбыта.
— РИК инвестиционнай бырайыактара хайдах сайдалларый?
— Санатан эттэххэ, РИК 22 хампаанньаны кытта үлэлиир, итилэртэн 12-тин бэйэбит тэрийбиппит. Бу тэрилтэлэр араас хайысхаҕа ситиһиилээхтик үлэлииллэр: манна үп хампаанньалара уонна хаачыстыбалаах суолу тутуу, олорор дьиэни тутуу уонна хостуур тэрилтэлэр, социальнай-култуурунай эбийиэктэри тутуу, страховкалааһын, гаастааһын, уоту кэмчилээһин, дьоҕус предпринимательствоҕа үлэ усулуобуйатын, тэйиччи сытар улуустарга саҥа үлэ миэстэлэрин тэрийии. РИК хампаанньаларын бөлөҕүн сүрүн хайысхата, инфраструктурнай эбэтэр коммерческай бырайыактар да буоллуннар, Саха сирин хас биирдии киһитин олоҕун таһымын үрдэтии. Бу бырайыактар материальнай, духуобунай уонна социальнай хайысхалаахтар.
Социальнай эппиэтинэскэ тохтоотоххо, РИК социальнай уонна спортивнай эбийиэктэри сүрүннүүр…
Хампаанньа корпоративнай бэлиитикэтигэр социальнай эппиэтинэс дьоһун миэстэлээх. “Өрөспүүбүлүкэтээҕи инвестициялыыр хампаанньа” үһүс сылын Мохсоҕоллоохтооҕу оҕо дьиэтин кураторынан буолар. Биһиги үбүнэн көмөнү таһынан, култуурунай уонна спортивнай тэрээһиннэри ыытабыт. Биһиги сорукпут биир – оҕолор кимтэн да тутулуга суох уонна эргиччи сайдыылаах буолалларын ситиһии.
Хампаанньа спортивнай эбийиэктэри көхтөөхтүк тутарын сэргэ, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар спортивнай тэрээһиннэри өйүүр. Итилэртэн биирдэстэрэ – “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар. Өрөспүүбүлүкэ спорка федерацияларын кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиибит. Холобур, мин Саха сирин боксатын федерациятын президенэбин. РИК өрөспүүбүлүкэҕэ спордунан дьарыктанар оҕолору Россиятааҕы бөдөҥ уонна норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиилэргэ кытталларын өйүүр.
— Приватизацияттан дьиксинэри туох дии саныыгын?
— Приватизацияттан дьиксинэр сыыһа. Актыыптары атыылааһынтан киирбит үп, бу баайы-дуолу судаарыстыба бас билиитигэр көннөрү илдьэ сылдьыаҕынааҕар, өссө улахан көдьүүһү аҕалыан сөп. Билигин дойдулар уонна регионнар көхтөөхтүк күрэстэһэр кэмнэригэр, өрөспүүбүлүкэ кэнники кэккэҕэ хаалбакка, тэтимнээхтик сайдыахтаах.
Таас чох актыыптарын атыылааһынтан киирбит үбү туһаныыга өрөспүүбүлүкэбит дьоһун уопуттаах. Ол курдук Мировой сөбүлэһии түһэрсэн, хампаанньабытын тэрийдибит, инфраструктура бырайыактарын олоххо киллэрэн, бэйэ коммерческай бырайыактарын тэрийдэ. Судаарыстыба приватизацияттан киирбит үбүн көдьүүстээхтик туһанарын көрдөрдө. Инфраструктураҕа үтүмэн үп көрүллүбүтэ, инники өттүгэр инвестициялар өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар оҥорон таһаарыыны сайыннарыахтара.
Туяра Павлова.
Реклама быһыытынан бэчээттэннэ.