Пермь олохтооҕо Өлөөҥҥө киһини быһахтаабыт

Ааптар: 
19.09.2018
Бөлөххө киир:

Бу былырыын Өлөөн улууһугар буолбут дьыалаҕа суут бириигэбэрэ тахсыбытын туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

edersaas.ru

Ол курдук, суут быһаарбытынан, Пермскэй кыраай олохтооҕо 2017 сыл бэс ыйыгар Өлөөн улууһугар быстах үлэлии кэлбит. Манна биир дойдулааҕын кытта көрсүһүүнү бэлиэтээн арыгылаабыттар.

Ол олорон, туохтан эрэ сылтаан кыыһырсыбыттар. Онуоха ыалдьыт быһаҕы ылан, дьиэлээх киһини биирдэ түөскэ быһаҕынан анньыбыт.

Киһини бааһырдан баран, ыар буруйу оҥорбутун билинэн, силиэстийэ уорганнарыттан куотан, өрөспүүбүлүкэттэн тэскилээбит.

Уорбаланааччы ханна баара бу сайын от ыйыгар биирдэ биллибит.

Суут мунньаҕар быһаарыллыбытынан, бу киһийдэх урут холуобунай эппиэтинэскэ хаста да тардылла сылдьыбыт эбит.

Суут кинини РФ Холуобунай кодексатын 111-с ыст. 2-с чааһын «з» пуунунан, ол эбэтэр, сэби-сэбиргэли туттан, киһи доруобуйатыгар уонна олоҕор ыарахан эмсэҕэлээһини оҥорууга, буруйдааҕынан билиммит.

Итиэннэ 5 сылга кытаанах эрэсиимнээх холуонньаҕа көҥүлүн быһарга уурбут. Бириигэбэр сокуоннай күүһүгэр киирбит.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0