Перинатальнай киин: анаалыс түмүгэ үчүгэй

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Дьокуускайдааҕы Перинатальнай киин үлэһиттэрин анаалыстара үчүгэй түмүктэри көрдөрдө — коронавирус бигэргэммэтэ.

edersaas.ru


Маннык үтүө сонуну Ил Дархан брифиҥҥэ бэлиэтээтэ. Перинатальнай киин сабыллыаҕыттан ылата, үгүс үлэ ыытыллынна. Киин бары эмчиттэриттэн, үлэһиттэриттэн, ыарыһахтарыттан анаалыстар ылыллыбыттара. Дьолго, биир да бигэргэммэтэ. Барыта үчүгэй диэн буолла.

Перинальнай кииҥҥэ билигин дизенфекция үлэтэ ыытылла турар. Анал ирдэбилинэн ыытыллар үлэ түмүктэннэҕинэ эрэ, манна биллэриллибит харантыын тохтуоҕа.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

 

Хаартыска — интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0