Педофиллары үйэлэрин тухары хаайар сокуон ылыллыаҕа

Бөлөххө киир:

Госдуума рецидивист-педофиллары үйэлэрин тухары хаайар туһунан сокуон барылын үһүс ааҕыыга ылынна.

Маны тэҥэ, сокуоннай саастарын туола илик, иккиттэн элбэх оҕону күүһүлээһиҥҥэ аан бастаан буруйдаммыт педофил эмиэ маннык миэрэҕэ түбэһиэн сөп. Оттон иккистээн күүһүлээбит киһи рецидивист-педофил диэн ааттанар.

Билигин сокуоҥҥа ыйылларынан, 14 сааһын туола илик оҕону күүһүлээн, уһулуччу ыарахан буруйу оҥорбут дьону эрэ үйэлэрин тухары хаайаллар. Бу саҥа сокуон барыла киирдэҕинэ, сокуоннай саастарын туола илик оҕолору күүһүлээбит дьоҥҥо барыларыгар сыһыаннаах диэн ТАСС иһитиннэрэр.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0