Педофилияҕа уонна манна сыһыаннаах буруйу оҥорууну кистии сатааһын иһин накаастабыл ыараата. Кулун тутар 17 күнүттэн тустаах сокуон олоххо киирдэ.
Сокуоҥҥа маннык түбэлтэҕэ ыаратыы быһыытынан көрүллэллэр:
— оҕону кытары бииргэ олорор киһи буруйу оҥорбут буоллаҕына;
— сокуоннай сааһын туола илик оҕону иитэр, үөрэтэр, көмүскүүр эбээһинэстээх киһи буруйу оҥорбут буоллаҕына;
— сокуоннай саастарын туола илик оҕолору иитэр, үөрэтэр тэрилтэҕэ үлэлиир киһи буруйу оҥорбут буоллаҕына.
14 сааһын туола илик оҕону утары ыарахан буруйу оҥорууну кистээһин иһин накаастабыл эмиэ ыараата, билэ-көрө сылдьан, биллэрбэтэх киһи биир сылга диэри көҥүлэ быһыллыан сөп.
Ону тэҥэ, интэриниэт нөҥүө оҕолору өй-санаа өттүнэн сутуйан, буруйу оҥорор дьоҥҥо накаастабыл ыараан, 6 сылга диэри көҥүллэрэ быһыллыан сөп.
— Бу маннык быһаарыы ылыллара уолдьаста, уруккуттан да уопсастыба туруорсубута ыраатта. Биһиги оҕолорбутун күүһүлээһинтэн, күүһүнэн өттөйүүттэн көмүскүөх тустаахпыт. Педофиллары төһө кыалларынан кытаанахтык накаастыахха наада, иккистээн-үһүстээн буруйу оҥоруу хатыламматын курдук. Бу тула үлэ өссө салҕаныа, — диэн Госдуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин “Телеграмҥа” бэйэтин ханаалыгар суруйда.
Саха сиригэр оҕолору күүһүлээһин, ыар буруйу оҥоруу түбэлтэллэрэ тахса тураллар. Элбэхтэн биири ахтар буоллахха, 2021 сыллаахха Дьокуускайга олорор 44 саастаах, урут сууттаммыт киһи 14 сааһын туола илик оҕону аҕыс сыл устата күүһүлээн, 15 сылга хаайыыга барбыта. Бу киһийдэх 1999-2007 сылларга кэргэнин уонна кини кыра кыыһын кытары олорон, буруйу оҥорор эбит.
Бүлүү улууһугар 32 саастаах киһи 2017-2020 сылларга бэйэтин 6 саастаах кыыһын итирэн баран, күүһүлээн, куттаан, хаста да буруйу оҥорбута биллибитэ. Буруйа дакаастанан, 22 сылга көҥүлэ быһыллыбыта.
Хомойуох иһин, бу курдук түбэлтэлэр тахса тураллар. Баҕар, накаастабыла ыараатаҕына, буруйу оҥоруу аҕыйаарай?
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru