Үөһээ бүлүүлэр устудьуоннарын таһарга анаан босхо оптуобустары анаатылар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэҕэ буола турар эпидемиологическай быһыынан-майгынан сибээстээн, Үөһээ Бүлүү улууһуттан Дьокуускай куоракка үөрэнэр устудьуоннар дойдуларыгар кэлэллэригэр диэн, улуус дьаһалтата үс ПАЗ-оптуобуһу анаата. 

Улуустааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыга Спиридон Борбуев: «Үгүс устудьуон номнуо Үөһээ Бүлүүгэ кэлбитэ, Дьокуускайга айаныыр харчыта суох өттө хаалбыт быһыылаах. Онон, улуус дьаһалтатын кытта бу боппуруоһу быһаарсан баран, өрөбүлгэ хаалбыт устудьуоннары босхо оптуобуһунан аҕалыахпыт», — диэн news.ykt.ru саайтка иһитиннэрдэ.

edersaas.ru бэлэмнээтэ

Хаартыска — интэритниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0