Павловскайга Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһын күнүн көрсө дыбарыас хотон тутуллан бүттэ
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Нөөрүктээйи нэһилиэгэр Павловскайга “Уус” тутуу хампаанньата” ХЭУо 120 ыанньык ынах турар хотонун тутарга ылсан эрэрин эрдэ иһитиннэрбиппит. Ил Дархан Айсен Николаев быйыл сайын Мэҥэ Хаҥаласка тахса сырыттаҕына, олохтоохтор бу боппуруоһу күүскэ туруорсубуттара.
Тутааччылар комплекс каркааһын бастакы ыстаал тутулуктарын атырдьах ыйын 1 күнүгэр уурбуттара. Ол кэмҥэ бэдэрээтчит “Уус” тутуу хампаанньатын салалтата: “Балаҕан ыйын 27-гэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүн көрсө эбийиэги үлэҕэ киллэриэхпит”, — диэн тылын биэрэн, Михаил Егоров аатынан ХЭУо дириэктэрэ Петр Шамаевтыын илии тутуспуттара.
М.Егоров аатынан ХЭУо — Мэҥэ Хаҥалас улууһа биэс бөдөҥ хаһаайыстыбалааҕыттан биирдэстэрэ. Быйыл 331 ынах сүөһүлээх, 63 сылгылаах хаһаайыстыба 2 эргэ хотонуттан сүүрбэччэ сыллааҕыта тутуллубут холлоҕос хотоно сууллан, кэлэр кыстыкка хайдах буолара биллибэт кыбыстыылаах балаһыанньаҕа киирбитэ. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин 2018 сыллааҕы былааныгар киллэриллэн, бэдэрээтчити була охсон, комплекс туруохтаах сиригэр буор куттарбыттара, тимир конструкцияны тиэйтэрбиттэрэ баара…
Үөһэттэн үптэрэ сарбыллан, күөстэрин эрдэ өрүммүт курдук буолан тахсыбыттара. “Эрэйдээх – этигэс, муҥнаах – булугас” дииллэринии, өрөспүүбүлүкэ баһылыга кыһалҕаларын өйдөөн өйөөбүтүттэн “Дьөгүөрэптэр” үөрүүлэрэ үрдэ суох. “Туймаада” ҮХАПХ АУо-тан кыра бырыһыаҥҥа харчы иэс ылбыттара тутуу хамныырыгар төрүт буолла. Саҥа эбийиэги тутууга 39 мөл. 192 тыһ. солк. ороскуоттаммыт. Толуйуу үбүн сорҕото, 35 бырыһыана, федеральнайтан бу сыл иһинэн кэлиэхтээх, оттон өрөспүүбүлүкэ ирээтин эһиилги бүддьүөттэн биэрэргэ эрэннэрэллэр.
Хаҥастан уҥа: «Туймаада» АУо генеральнай дириэктэрэ Александр Васильев, «М.Егоров» ХЭУо дириэктэрэ Петр Шамаев, Нөөрүктээйи нэһилиэгин баһылыга Николай Федоров уонна тутуу хампаанньатын салайааччыта Кан Терешкин.
Эбийиэги үлэҕэ туттарыы докумуонугар илии баттааһын түгэнэ.
“Уустар” тылларыгар турдулар: балаҕан ыйын 25 күнүгэр комплекс бастакы уочаратын тутуу үлэтэ түмүктэннэ. Хотоҥҥо билигин уотун тарда сылдьаллар. Онтон гаас оттукка холбонуохтара. Халлаан сылаас буолан, сүөһүнү сайылыктан киллэрэ иликтэр. Саҥа хотоҥҥо хаһаайыстыба ыанньык ынахтара кыстыахтара. Субан сүөһү сууллубут эргэ хотон аҥаарыгар туруоҕа. Тутуу хаачыстыбатын “Туймаада” хампаанньа саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри хонтуруоллаата. “Дьөгүөрэптэр” онон саҥа эбийиэк бигэ тутуулааҕар эрэнэллэр итиэннэ эһиил маннык киэҥ-сырдык, аныгылыы оҥоһуулаах, толору хааччыллыылах комплекс иккис уочарата тутулларын туруорсаллар.
Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru