Бүгүн Саха сирин экэниэмикэтигэр, тырааныспар логистикатыгар биир бэлиэ түгэн тосхойон, уматыгы дьыл хайа баҕарар кэмигэр тимир суолунан тиэйэн аҕалан, саҥа нефтебазаҕа харайар кыахтанныбыт.
Мэҥэ Хаҥалас Павловскайыгар соҕурууттан тимир суолунан тиэллэн кэлэр оттугу харайар нефтебаза ситимин «Саханефтегазсбыт» хампаанньа 2016 сылтан тутан, бүгүн ыам ыйын 17 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев тус хамаандатынан үлэҕэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга киллэрдэ. Манна 1,5 килэмиэтир уһуннаах тимир суол тардылынна, 5000 куб м. кыамталаах гааһы түҥэтэр ыстаансыйа, 8000 куб (ону инникитин 16 000 куб. диэри кэҥэтэр кыахтаах) ньиэп бородууксуйатын харайар ыскылаат үлэлиэҕэ.
edersaas.ru
Түөрт резервуарга 92, 95 бэнсиини уонна дизельнэй оттугу харайыахтара. Бу нефтебазаҕа сылга 100 тыһыынча туонна ньиэп бородууксуйата эргийиэҕэ. Тимир суолунан кэлбит оттук тута цистернаҕа түһүөҕэ, ону лабораторияҕа тута хаачыстыбатын тургутан көрүөхтэрэ. Мантан өрөспүүбүлүкэ сапыраапкаларыгар бэнсиини тиэйиэхтэрэ.
«Тимир суол рельсатын аттынааҕы нефтебаза ситимин тутуутугар 943 мөлүйүөн солкуобай үбү «Саханефтегазсбыт» хампаанньа бэйэтэ укпута. Урут оттугу Уус Куттан өрүс суолунан навигация кылгас кэмигэр таһар этибит. Билигин тырааныспарга саҥа логистика хайысхата аһыллан, бэнсиини дьыл хайа баҕарар кэмигэр тимир суолунан тиэйэр кыахтанныбыт», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэтин тиэртэ.
«Саханефтегазсбыт» хампаанньа генеральнай дириэктэрин э.т. Виктор Лебедев нефтебаза аһыллыбытын биллэрдэ. Бу нефтебаза үлэҕэ киирэн, оттугу тиэйиигэ сыл ахсын 300 мөлүйүөн солкуобай үп олохтоох экэниэмикэ туругун тупсарыа.
«Тимир суолун кэккэлэһэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар нефтебаза тутуллан, оттугу тиэйэргэ тырааныспар ороскуота биллэ кыччыа. Биллэн турар, бэнсиини кууһунан атыылааччылар сыананы үрдэтэннэр, уматык сыаната түһүө суоҕа эрээри, эмискэ үрдүүрүн тутар кыахтаныахпыт», — диэн бэлиэтээтэ СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Алексей Колодезников.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru