Кэтэһиилээх аптаныамыйа
Кэрэ-бэлиэ өрөгөйдөрүн
Сүүс сааһын бэркэ бэлиэтиирдии
Туруммуппут ыраатта эбээт!..
Гвоздика диэн кыһыл сибэкки
Ситэ-хото үүммүт дьөрбөтүн
Элбэҕи даа тута сылдьаллар
Эбээлэрбит барахсаттар!..
Күммүт мичик гынна. Сырдаата.
Көһүннэ! Өссө эбии тупсан.
Павлов пааматынньыга үөрдэ!
Сааскы тыалбыт баарын биллэрдэ…
Былаах тыалтан тэлибирээтэ!..
Сурах-садьык бэрдин аҕалла.
Бары. Дьэ мустан. Хаартыскаҕа,
Бэл киинэҕэ эмиэ түстүбүт!..
Павлов пааматынньыгын тула
Павловка ананнылар бары:
Истиҥ-эйэҕэс санаалар,
Истиҥ-иһирэх этиилэр!..
Павлов аата-суола ахтыллар,
Үлэлэрэ өрө тутуллар.
Холобур буолар өрүттэрэ
Барыбытын өрүү үөрдэллэр!..
Россия диэн маҥан көстүүмнээх
Экстремал сүүрүкпүт Наумап
Хараҕынан мөлтөхтүк көрдөр
Пааматынньыгы көрө кэлбит?!..
Кини аныгы төлөпүөҥҥэ
Көхтөөхтүк, элбэхтик түһэрэр.
Быыстатан бэйэтэ түсүһэр,
Баҕарбыт санаатын ситиһэн…
“Сайдыы” диэн тэрилтэ аатыттан
Сайдам санаата уһуктан
Сахабыт саарынын – Павловы
Сымсатык миитини түһэрэр!..
Сквербыт кытылын харыстаан,
Тэпсибэт толкуйу тобулуҥ.
Үрдүнэн хаампаттыы былааннаан
Тупсаран оҥоруох тустаахпыт!..
Уруй буоллун урууларыгар,
Айхал буоллун аймахтарыгар,
Тускуо буоллун доҕотторугар,
Сайдыы тосхойдун сиэннэригэр! –
— Диэн алгыспытын аныыбын,
Баҕа санааларбын этэбин.
Саха сирин чэлгитиспит
Ытыктабыллаах Павловка!..
Муус устар сүүрбэ сэттис күнэ
Иннин диэки дьулуруйар
Бу дьоллоох Дьокуускай куораппыт
Павлов пааматынньыгыттан…
Павлов аатыгар сүгүрүйэн,
Элбэх кыайыыларын сыаналаан
Буруолуу сылдьар сонуннары
Анаата, суруйда – Сардаҥа…
Ньукулай Корнилов- Сардаҥа,
Дьокуускай
Хаартыскалар ааптар тиксэриилэрэ