Павел Шарин: «Ынах төрүөҕэ уонна үүтэ кыстыкка хайдах аһатаргыттан тутулуктаах»

23.01.2019
Бөлөххө киир:

Хаһаайыстыбаларга уонна сүөһүлээх ыалларга төрүөх саҕаланна. Бу кэмҥэ төрүүр ынахха, чуолаан, бастакытын оҕолонор тиҥэһэҕэ ураты болҕомто ууруллара эрэйиллэр. Чэгиэн төрүөҕү ылар уонна элбэх үүтү ыыр инниттэн тугу кынабыт? Эдэр дьоҥҥо анаан Саха Өрөспүүбүлүкэтин АПК-ын иһитиннэрэр-сүбэлиир киинин консультана, өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, “Үлэ Албан аата”, “Хотугу сулус” уордьаннардаах рекордсмен-ыанньыксыт Павел Петрович Шарин маннык сүбэлиир:

-Ынаҕы төрүөн икки ый инниттэн уолларыллар уонна үчүгэй хаачыстыбалаах күөх отунан төрүө 7-10 хонук хаалыар диэри дэлэччи аһатыллар. Ону таһынан минеральнай эбиискэлэри – уҥуох күлүн, тууһу сиэтиллиэхтээх, ону аһылык икки ардыгар бэриллэр. Маннык аһатыы инникитин ынах ыанар кэмин быһаарар суолталаах. Оттон ураты уотурбаны, сенаһы, сиилэһи сиэтиэххэ сөп эрээри, сиилэһи, сенаһы эрдэ тохтотор ордук.

Төрүүрэ чугаһаатаҕына, нэдиэлэ иннинэ, туспа төрөтөр сиргэ туруоран, кэтии-маныы сылдьан, оҕолоноругар көмөлөһүллүөхтээх. Ньирэйи төрөөтүн кытта айаҕын, кулгааҕын иһиттэн салахайын ыраастаныллар, киинин 10-12 см уһуннааҕы быһан хаалларан, дьуотунан сотуллар. Ити кэмҥэ ийэтигэр түүтэ кууруор диэри салатыллар. Ынах кэнниттэн, төрүөн иннинэ эбэтэр төрөөтөҕүнэ, хара уу сүүрэн түһэр. Бу ууга туһалаах элбэх эттик баар, ону иһиккэ тоһуйан,  бэйэтигэр иһэрдиллэр.

Ньирэйин салата туран, бастакы уоһаҕын ыаныллар уонна оҕото тотуор диэри аһатыллар. Онтон иккистээн ас көрдөөтөҕүнэ, иһэртэххэ – ньирэй иһэ-үөһэ бөҕөхсүйэр. Мантан инньэ эрэсииминэн аһатыллар. Ньирэй 2-3 ый устата нуорумалаах ыаммытынан үүтүн барытын иһэр эрэ буоллаҕына, этэ-хаана толору сайдан, үүттээх-эттээх сүөһү буолар.

Ордубут уоһаҕын ынахха бэйэтигэр иһэрдэр туһалаах. Тиҥэһэ оҕотун салыы турар кэмигэр мөхсүбэккэ, уоһаҕын ситэри ыатар. Маҥнайгы уоһаҕын хайдах ыыргыттан кэлиҥҥи ыамнарыгар үүтүн төһө түргэнник эбэтэр бытааннык биэрэрэ тутулуктаах. Тиҥэһэни эрдэттэн аҥаардыы атаҕын быанан холку гына баайан, кыаһыга үөрэтиллэр. Ынах төрөөтүн кытта 10 киилэ сылаас ууну кыратык туустаан (200 г) баран иһэртэххэ, кэнэҕэскитэ (послед) 4 чаас иһинэн түһэр.

Төрөөбүт ынахха тута бастыҥ хаачыстыбалаах оту төһөнү сииринэн бэриллэр. Кэнэҕэскитэ түспүтүн кэнниттэн маҥнайгы күнүгэр киилэ аҥаара уотурбаны сылаас ууга мэһийэн сиэттэххэ, синньэ сайдарыгар көмөлөөх. Күннэтэ уотурба нуоруматын эбэн иһиллэр. Иккис күнүттэн сылаас ууну күҥҥэ иккитэ, ынах төһөнү иһэринэн, уулатыллар. Сорох ынах, сүрүннээн, тиҥэһэ төрөөн баран, төрүөн даҕаны инниттэн кииниттэн саҕалаан кэннигэр тиийэ чөккүрэтээччи уонна онтуката ыйы быһа ааһааччыта суох. Ити хас биирдии сүөһү этин-хаанын туругуттан буолар көстүү.

Ынах төрөөбүтэ 7-10 хоммутун кэнниттэн сиилэһи, эбии аһылык бары көрүҥүн толору нуоруманан бэриллэр уонна раздойга туруоруллар. Бу кэмҥэ ынах синньигэр болҕойуллуохтаах. “Раздой” диэн ынаҕы зоотехническай ирдэбиллэри тутуһан, бастыҥ суортаах отунан, сиилэһинэн, уотурбанан хадаҕалаан туран, аһара аһатан, муҥутуур элбэх үүтү ыан ылыы, төһө үүтү биэрэр кыахтааҕын быһаарыы ааттанар. Ынах үүтэ онтон эбиллибэт, биир кэм турар буоллаҕына, аһылыгын эбэри тохтотон, ол нуоруматын быспакка, 2-3 ый устата аһатан, күҥҥэ үстэ-түөртэ ыаныллыахтаах. Төһө аһылыктааххын ааҕан-суоттаан, төрөөбүт ынаҕы аһылыгын эбэ-эбэ раздойдуугун. Раздойга сөптөөхтүк турбут ынах элбэх үүтү биэрэрин таһынан эһиил  чэгиэн-чэбдик төрүөҕү биэрэригэр сабыдыаллыыр. Үчүгэйдик раздойдаммыт, эрдэ төрөөбүт ынах мэччирэҥҥэ таҕыстаҕына, раздой кэмигэр ыата сылдьыбыт үүтүн биэрэр.

Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0