Бу өрөбүллэртэн патруль күүһүрэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бытарҕан тымныылаах уһун кыһын ааһан, сандал саас эргиллэн, хаар ууллан, сылаас күннэр үүнэн, өрөбүл күннэргэ үгүс киһи айылҕаҕа талаһар.

Сорохтор даачаларыгар, сайылыктарыгар сылдьан бөҕү-сыыһы ыраастаан, уматаллар. Маһынан оттуллар дьиэлээхтэр саһаан охсоллор уонна мастарын сыыһын, мутугун дьаһайаллар, оттон үгүстэр дьиэ кэргэттэрин биитэр доҕотторун кытары хампаанньанан тыаҕа тахсан сынньаналлар, көй салгынынан дуоһуйа тыыналлар, кулуһун оттоллор, үтэһэлээх эти буһаран сииллэр. Дьэ манныкка кыра даҕаны тыалтан сэтэрээн, уот барар куттала улаханын хайаан даҕаны өйдүүр наада. Ол курдук, ситэ умуруоруллубатах кулуһун уотуттан эбэтэр сэтиэнэх оту-маһы көҥүллэтиитэ, эрдэттэн бэлэмэ суох өртөөһүнтэн баһаар баран, тыаны сиир, нэһилиэнньэлээх пууннарга кутталы үөскэтэр, үлэ-хамнас эбийиэктэрин былдьыыр. Быһата, биир испиискэ маһын эппиэтинэһэ суох, дьалаҕайдык туттууттан судаарыстыбаҕа улахан хоромньу оҥоһуллар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ көҥүлэ суох өртөөһүнү, бөҕү-саҕы уматыыны итиэннэ киһи буруйуттан баһаар барыытын суох оҥорор туһуттан, тыаҕа уоттан сэрэхтээх буолуу Быраабылаларын кэһии түбэлтэлэрин булууга, бохсууга итиэннэ сэрэтиигэ үлэлиир суһал бөлөхтөрү тэрийдэ. Онон, бары лесничестволарга былаан-график быһыытынан, эриэйдэлэр ыытыллаллар.


Ыам ыйын өрөбүллэригэр эриэйдэлэри тэрийии уонна патруллааһын күүһүрдүллүөҕэ. Баһаартан сэрэхтээх буолуу Быраабылаларын кэспит дьоннорго боротокуол толоруллуоҕа итиэннэ Арасссыыйа Федерациятын административнай быраабылалары кэһии туһунан Кодексыгар сөп түбэһиннэрэн, ыстарааптыыр миэрэ туттуллуоҕа.

Санатабыт: Арассыыйа Федерациятын Бырабыыталыстыбата 2015 сыл сэтинньи 10 күнүгэр таһаарбыт Ыйааҕынан тыа хаһаайыстыбатыгар туһаныллар сирдэргэ, саппаас пуондаҕа киирэр сирдэргэ итиэннэ массыына суолуттан, тимир суолтан, ньиэп-гаас ситимнэрэ ааһар сирдэриттэн чугас кулуһуну оттуу, бөҕү-саҕы уматыы бобуллар.

Ытыктабыллаах өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо уонна ыалдьыттара, тыаҕа, айылҕаҕа сылдьаҥҥыт баһаартан сэрэхтээх буолуу Быраабылаларын кыраҕытык тутуһаргытыгар, муҥутуур сэрэхтээх буоларгытыгар ыҥырабыт.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0