Уопсастыбанньык Владимир Иванов Ил Дархан Анал этиитин хас сылын аайы көтүппэккэ истэр. Быйыл өрөспүүбүлүкэ сүрүн саалатыгар олорон иһиттэ.
“Бу Анал этии инники сылларга туһаайыы, атыннык эттэххэ, кэскили түстээһин буолар. Егор Афанасьевич дьон-сэргэ тугу үлэлиэхтээҕин, ханнык боппуруостарга болҕомтону уурар наадатын этэр. Тус бэйэм хас сылын аайы кэлэн истэбин, инбэлиитинэскэ да таҕыстарбын, уопсастыбаннай үлэбин бырахпаппын”, — диэн бэлиэтиир кини.
Ил Дархан хас биирдии Анал этиитигэр уопсастыба уонна былаас бииргэ үлэлэһиэхтээхтэрин ойуччу миэстэҕэ туруорарын сэргиирин иһитиннэрэр. “Мин санаабар, уопсастыба уонна былаас биир тиһиктээхтик үлэлиэхтээхтэр. Өйдүүбүн, биһиги хас биирдиибит тус-туһунан санаалаах-оноолоох дьоммут. Дьэ, ону биир санааҕа киллэрэргэ Ил Дархаммыт этиитэ сүрдээҕин наада”, — диэн этэр уонна быйыл Егор Афанасьевич оҕону патриотическай тыыҥҥа иитии билиҥҥи кэмҥэ олус суолталааҕын өйдөөн туран, онно үлэни туһулаабытын сөбүлүү истибитин бэлиэтиир: “ДОСААФ өйүүргэ, култуураҕа, историяҕа, географияҕа диктант суруллара наадатын эппитэ, спорка, доруобуйа харыстыбылыгар салалта өттүттэн көмө-тирэх баара саамай сөп”, — диэн этэр Александр Иванов.